Соторутааҕыта Дьааҥы улууһугар Саудовскай Аравияттан туристар кэлэн бардылар.
edersaas.ru
Ыраахтан сылдьар ыалдьыттар аан дойду саамай тымныы куоратыгар Верхоянскайга, улуус киинин тэрилтэлэригэр, оройуоннааҕы хаһыат эрэдээксийэтигэр сырыттылар.
— Мин туристар бөлөхтөрүн арыаллыы сылдьар Василий Кувшиновы кытта көрсөн кэпсэттим. Кини планетаҕа саамай тымныы температуралаах сылы үс сылы быһа кэтээн көрөн баран, Верхоянскай куораты талбыт. Онон уруккуттан Тымныы полюһунан аатырар Верхоянскайга туристар бөлөхтөрүн анаан илдьэ кэлбит. Туристар 2 км сиргэ аатырбыт Верхоянскай метеоыстаансыйаҕа сатыы хааман тиийбиттэр. Бу ыстаансыйаны 150 сыл анараа өттүгэр 1869 сыллаахха ыраахтааҕы ыйааҕынан барон Майдель туттарбыт. Дьиктитэ баара, туристар илдьэ сылдьар германскай мобильнай термометрдарын уонна метеоыстаансыйа исписэлиистэрин көрдөрүүлэрэ ол чааска оруобуна сөп түбэспит — 55.1 кыраадыс тымныы. Верхоянскайтан кэлэн иһэн Саудовскай Аравия туристара «Харысхал» кымыһынан эмтиир сиргэ тиийэн -69,4С кыраадыһы бэлиэтээбиттэр. Оттон Баатаҕайга -58, Бөтөнкөскө -57,8 кыраадыс буолбут. Туристар почта үлэһиттэрэ буолан, Баатаҕайдааҕы почта үлэтин интэриэһиргээн көрбүттэр-истибиттэр, — диэн социальнай ситимнэргэ Владимир Чириков иһитиннэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — батсааптан.