Дьааҥы оройуонугар дьон дьиэтиттэн олорон бырааска көрдөрөргө сурутар кыахтанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
РТКомм («Ростелеком» ПАУо) Дьааҥы оройуонун нэһилиэнньэлээх пууннарын балыыһалара түргэн интэриниэккэ холбоноллорун хааччыйда. Сибээс өҥөтүнэн Верхоянскай куорат, Баатаҕай, Бөтөҥкөс, Сайдыы, Томтор, Улахан Күөл балыыһалара туһаналлар диэн СИА иһитиннэрэр.
Онон бөһүөлэк олохтоохторо бырааска көрдөрөргө дьиэлэриттэн олорон сурутуохтарын, көмөнү, сүбэни-аманы ылыахтарын сөп. Нэһилиэнньэлээх пууннар бары кэриэтэ массыына суолуттан тэйиччи олороллор, онон тиийэргэ күчүмэҕэйдэрдээх. Оройуон кииниттэн саамай ыраах балыыһалаах Улахан Күөл буолар, 1200 км ордук сытар.
«РТКомм ( Арассыыйа телекоммуникационнай хампаанньата) телекоммуникационнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр. Ол иһигэр биһиги социальнай суолталаах эбийиэктэргэ, боруобатынан сибээс суох ыраах оройуоннар доруобуйаҕа харыстабылларын тэрилтэлэригэр, ситим олохтонорун тэрийэбит. Саха сиригэр ыраах, барарга-кэлэргэ уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар быраастара аныгы спутниковай ньыманан туһанан, пациеннарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийдилэр», — диэн РТКомм кэммиэрчэскэй дириэктэрэ Михаил Муттерперл этэр.
«Хас биирдии мэдиссиинэ көмөтүгэр наадыйбыт киһи, ордук дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннарга олорооччулар,  биһиги болҕомтобутун  уонна суһаллык көмөлөһөрбүтүн ирдииллэр. РТКомм биһиги бигэ сибээстээх буолууга наадыйар боппуруоспутун быһааран, оройуоммут балыыһалара өҥөнү оҥорор таһымнарын үрдэтэр», — диэн оройуоннааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Докторов бэлиэтиир.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0