Дьааҥы олохтооҕо ноһуомтан оҥоһуктары оҥорор

Бөлөххө киир:

Дьааҥы Бөтөҥкөһүгэр олорор Гаврил Слепцов быйыл ынах сааҕыттан остуоруйа дьоруойдарын оҥорон, биир дойдулаахтарын сөхтөрдө.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru

Кини хаартан араас кыыллары, остуоруйа дьоруойдарын оҥорбута уонча сыл буолбут. Былырыын Михаил Боппосов оҥоһуктарын хаартыскатын көрөн, бэйэтэ боруобалаан эбисийээнэни оҥорорго санаммыт. Ону дьон сэҥээрбитититтэн эр ылан уонна сатанар эбит диэн, быйыл Сыл бэлиэтин – Бөтүүгү, Дьэгэ Баабаны уонна куурусса атаҕар турар дьиэтин, пальмалаах эбисийээнэни оҥорбут.

Хаардааҕар балбаахтан оҥорор ордук эбит, — диир кини. – Бытарыйбат уонна быдан чочуонай оҥоһуктары оҥоруохха сөп эбит. Онон балбааҕы ордордум. Бэйэм туох да худуоһунньук үөрэҕим суох, хайдах баҕарарбынан ылан оҥоробун.
Туох да каркааһа суох, инчэҕэй сааҕынан сыбаан оҥорор эбит. Сир тоҥуоҕуттан ыла, аа-дьуо оҥортоон саҕалаабыт. Саҥа дьыл иннинэ онтун уулуссаҕа таһааран, таҥмыт.


Гаврил Петрович — нэһилиэгэр өр сылларга солбуллубат Моруос оҕонньор. Кини дьон сакааһынан кыра оҕолоох ыалларга сылдьан эҕэрдэлиир идэлээх. Сүүрбэттэн тахса сыл сылгыһыттаан баран, билигин биэнсийэҕэ олорор. Кэргэнинээн түөрт оҕону иитэн улаатыннардылар. Саха ыалын сиэринэн, сүөһү, сылгы туталлар.

Саха сатаабатаҕа диэн суох. Анал үөрэҕэ да суох дьон илиитин иһигэр киирдэҕинэ, оннооҕор ноһуом уран быһыыланар, кэрэ көстүүлэнэр, дьону-сэргэни үөрдэр, сөхтөрөр. Оттон мууһунан оҥоһуктары оҥорор маастардарбыт аан дойдуга аатыраллар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0