Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр “Бор көмүс күһүнэ” диэн ини-бии Семен, Софрон Даниловтарга анаммыт тэрээһин кэлин сөргүтүллэн икки сылга биирдэ ыытыллар буолла. Бу тэрээһин түмүгүнэн улуус айар дьоҕурдаах ыччата түмсүү тэриммитэ. Ини-бии Даниловтар үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин чэрчитинэн, кинилэр суруйааччылары кытары көрүстүлэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Билигин “Дьүрүскэн” түмсүүгэ 15 айар куттаах эдэр дьон сылдьар. Түмсүү салайааччыта Вера Новикова этэринэн, айымньыларын ырытыһалларын таһынан төрөөбүт түөлбэлэрин үөрэтиигэ ылсан эрэллэр эбит. “Бу маннык түмсүүлээх буоллахха, син туох эмэ тахсыах этэ. Үксүбүт нэһилиэккэ олорор буолан, санаатахпыт аайы кыайан көрсүбэппит. Онон түгэн көһүннэр эрэ мүлчү туппакка, ырытыһа, кэпсэтэ сатыыбыт. Айымньыларбытын ырытыһарбытын таһынан, ыччат бэйэтин олорор түөлбэтин, төрөөбүт дойдутун билиэхтээх диэн санааттан салайтаран, улууспутун үөрэтэргэ холонон эрэбит. Аҕа саастаах дьоммутун баттаһан ыйыталаһан, ахтыы хомуйан хаалыахпытын баҕарабыт”, — диэн билиһиннэрэр түмсүүтүн туһунан Вера.
Бу этиини норуот суруйааччыта Николай Лугинов олус сөбүлээтэ уонна эдэрдэргэ аҕа саастаах сир түннүгэ дьону булан, кинилэр кэпсээннэрин сыа-сым курдук тутан ааҕааччы киэҥ биһирэбилигэр таһаарарга этии киллэрдэ.
Поэт Василий Тимофеев манна даҕатан, атын дьон ырытыыта тиийбэтин, суруйааччылар улууска тахсан көрсүһүү тэрийэллэрэ ордук буолуоҕун туһунан иһитиннэрдэ. “Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар сылдьан бэйэбэр сүрдээх элбэҕи ылыммытым, үөрэммитим. Ол тэҥэ сап да саҕа тирэх баар буоллаҕына биһиэхэ олус суолталаах буолуох этэ”, — диэн этэр.
“Тыл кыһата” эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин салайааччыта, поэт Гаврил Андросов бэлиэтииринэн, “Дьүрүскэн” өрөспүүбүлүкэҕэ литератураҕа сыһыаннаах эдэр дьону мунньар соҕотох түмсүү буолар. Онон кини көрсүһүүгэ улуус салалтата баарынан туһанан, түмсүүнү төһө кыалларынан өйүүр наадатын эттэ.
Оттон поэт, тылбаасчыт, кириитик Николай Винокуров – Урсун бэрт аҕыйах да көрсүһүүттэн, этииттэн киһи өйү-санааны ылыныан сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Драматург Василий Васильев – Харысхал: “Суруйааччыттан бэйэтиттэн ордуктук ырытар киһи суох. Онон бэйэҕит айымньыларгытын бэйэҕит ырытыһа үөрэниҥ”, — диэн бэлиэтээн эттэ.
Манна даҕатан Николай Лугинов айар-тутар дьоҕуру анаан-минээн дьарык оҥостор, айымньыны суруйан баран хайаатар да бэрэбиэркэлээн, бэчээккэ тахсыан иннинэ хаста да көннөрөн, чочуйан биэрэр наадатын ордук тоһоҕолоон бэлиээтээтэ.
— Айар дьоҕурдаах киһи эйгэни тупсарар. Хоһоону өйдөөһүн, иҥэн-тоҥон үөрэтии, ырытыы ахсааннаах эбээт. Онон айар дьоҕуру дьарык оҥостон суруйуохха наада. Билигин кинигэни ааҕар аҕа көлүөнэ (эһиги эбэлэргит, эһэлэргит кэмнэрэ) кэмэ ааспыта. Урукку сылларга, ханна да тиий, айымньы геройдарын ааҕа билэр дьон көрсөллөрө, айымньыгын ырытан биэрэллэрэ. Билигин ол суох. Онон ааҕааччыларгытын бэйэҕит иитэн таһаарыҥ. Бэйэ-бэйэҕитин эйгэ оҥостон ааҕыҥ, үөрэтиһиҥ, ырытыһыҥ. Киһи-аймах сайдыыта – өйүн-санаатын күүһүгэр сытар. Онон өйгүтүн-санааҕытын сайыннарыҥ, — диэн эдэрдэргэ сүбэтин тириэрдэр Николай Алексеевич.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru