ДҮПСҮННЭР АМБУЛАТОРИЯЛАРЫГАР КӨМӨЛӨСТҮЛЭР

Ааптар: 
05.04.2020
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Дүпсүн  амбулаториятын кэлэктиибэ өйөбүл буолбут дьонугар махтанар. 


Нэһилиэк оскуолатын 1982, 1996 уонна 1998 сыллардааҕы выпускниктара, нэһилиэк олохтоохторо, түөлбэлэр, «Кэскил» оҕо саадын кэлэктиибэ амбулаторияҕа дьаҥтан-дьаһахтан көмүскүүр эми-тому, наадалаах тэрили, комбинезоннары ылалларыгар харчынан көмөлөспүттэр.

1996 сыллааҕы выпускниктар аан бастакынан ыҥырыыны таһаараннар амбулаторияҕа  бахилалары, мэдиссиинискэй бэрчээккэлэри, бэргэһэлэри, эми-тому ылан биэрбиттэр.

Балыыһа кэлэктиибэ көмөлөспүт дьоҥҥо бука барыларыгар махтанар. Киирбит көмө харчынан дьаҥтан-дьаһахтан көмүскэнэргэ наадалаах тэриллэри, о.д.а. наадалаах малы-салы амбулаторияҕа ылар былааннаахтар.

Хаартыска: Дүпсүн амбулаториятын архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0