Дьүһүн кубулуйбут саайтартан сэрэниҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Россия. Москва. Ипользование мобильного телефона.

Арай, суотабай төлөпүөҥҥүтүгэр ГИБДД ыстыраабын төлөөбөтөххүтүн туһунан смс-иһитиннэрии кэлэр уонна өссө анал сигэнэн (ссылка) киирэн, төлөөҥ диэн модьуйуулаах буолар. 

Сигэни туһанан киирдэххитинэ,  «официальнай саайт»  аһыллар уонна ону кытары тус дааннайдаргыт масыанньыктарга тиийэр. Тоҕо оннугуй? Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыбаннай саайты куопуйалаан оҥоһуллубут домен буолар.  Оччоҕо хайдах буолабыт?

Сүрүн быраабылалар:

— Смс-иһитиннэриинэн кэлбит мээнэ сигэҕэ кииримэҥ;

— Саарбах нүөмэрдэри истимэҥ, онно тута эппиэттиир сыыһа;

— официальнай дэниллэр саайтар аадырыстарын бэрэбиэркэлээн көрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0