Дүллүкү оҕолоро дьиҥнээх Тымныы оҕонньору көрүстүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хас биирдии оҕо Тымныы оҕонньор чахчы баар диэн итэҕэйэр уонна хаhан Саҥа дьыл буолан кэһии аҕаларын долгуйа кэтэһэр. Оҕолор Саҥа дьыл алыптаах түгэнигэр итэҕэйэллэрин билэр буолан, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгин оҕо саадын үлэһиттэрэ кырачааннарга дьикти түгэни бэлэхтээтилэр.

Ол курдук, эрдэттэн былааннаан, оҕолору нэһилиэк кытыытыгар чыычаахтары аһата диэн ааттаан илдьэллэр. Кыс хаар ортото лаглайбыт харыйачаан симэнэн турарын көрөн оҕолор олус үөрэллэр. Ону ааһан Тымныы оҕонньор илэ бэйэтинэн сылдьарын көрөн улаханнык соһуйаллар. Кырачааннар харыйа тула хороводтаабыттар, ырыа ыллаабыттар, хоһоон аахпыттар. Түмүккэ Тымныы оҕонньор кырачааннарга бэйэтин бэлэҕин ууммут.

Дүллүкү нэһилиэгин «Кустук» оҕону сайыннарар киин сэбиэдиссэйэ Лена Никифорова: «Саҥа дьыл бырааһынньыгын сыллата уратытык тэрийэр туһугар дьулуһабыт. Быйыл бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар быраһынньыктарын иннинэ ити курдук толкуйдаатыбыт. Эрдэттэн харыйа киэргэппиттэрэ. Төрөппүттэр массыынанан илдьибиттэрэ. Биир сыл Тымныы оҕонньор оҕо саадыгар кэлэн иһэрин туһунан видео устубуппут. Онно Тымныы оҕонньор тыа быыһыттан суолга тахсан такси тохтотор. Оҕолорго кэһии илдьэ баран иһэбин диэн кэпсиир. Таксист оҕо саадыгар аҕалан биэрэр. Тымныы оҕонньор уһуйааҥҥа киирэн иһэрэ барыта көстөр. Маны барытын эрдэттэн устан бэлэмнээн, утренник иннинэ слайдынан көрдөрбүппүт. Оҕолор эмиэ олус биһирээбиттэрэ», — диэн кэпсиир. Дүллүкү кырачааннара чыычаахтары аһата кэлбиппит олус үчүгэй эбит диэн түмүк оҥостубуттар. Биирдиилээн көхтөөх нэһилиэктэр, оҕо саадтара кырачааннарыгар анаан ити курдук араас түгэннэри толкуйдууллара атыттарга холобур эрэ буолар.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0