Саҥа дьыл иннинэ аҕай Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгин оҕо саадын иитиллээччилэрэ чыычаахтары аһата диэн ааттаан тыаҕа тахсан баран, Тымныы Оҕонньору көрсүбүттэрин туһунан батсаап ситимигэр киэҥник тарҕаммыта. Биһиги тута “Кустук” оҕону сайыннарар киин дириэктэрэ Л.В.Никифорова төлөпүөнүн нүөмэрин булан, кэпсэтэн, кылгас иһитиннэрии оҥорбуппут.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/ сайт
Ол кэпсэтэр кэммитигэр Дүллүкүтээҕи оҕону сайыннарар киин хас биирдии тэрээһини интэриэһинэйдик ыыталларын бэлиэтии истибитим. Онон бириэмэ болдьоһон, бүгүн атах тэпсэн олорон, киин сэбиэдиссэйэ Лена Никифорованы кытта сэһэргэһэбит.
“Кустук” оҕону сайыннарар киин
— Лена Васильевна, сахаларга “киһи кэпсэтэн, ынах маҥыраһан билсэр” диэн этии баар. Ол этиигэ сигэнэн, оҕону сайыннарар кииҥҥит туһунан кэпсии түһүөҥ буолаарай?
— Дүллүкүгэ оҕо саада маҥнай 1961 сыллаахха аһыллыбыта. 1993 сыллаахха саҥа типовой тутуу киирэн, күн бүгүн онно үлэлии олоробут. Түөрт куорпустаах. Уопсайа 75 оҕо хабыллар. Уһуйааммыт түөрт бөлөхтөөх, 31 үлэһиттээхпит, онтон 14-дэ педагогическай үөрэхтээх.
Саҥа дьыл бырааһынньыга
— Батсаапка Саҥа дьыл бырааһынньыгын уратытык ыыппыккыт баара дии. Атын даҕаны уһуйааннар араастык толкуйдууллара буолуо эрээри, мин көрдөхпүнэ, эһиги ити идеяҕыт социальнай ситимнэргэ маҥнайгынан тарҕанна.
— Биллэн турар, оннук бөҕө буоллаҕа. Иитээччилэр баай фантазиялара хааһахтан хостоно турар. Хас биирдии тэрээһиммитин уратытык ыытарга дьулуһабыт. Быйыл бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун чыычаахтары аһата диэн тыаҕа таһаарбыттара. Ол сылдьан Тымныы Оҕонньору көрсөллөр. Оҕолор наһаа үөрбүттэр үһү. Бу да сырыыга бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрэ Розалия Кирилловна Ан, Наталья Аркадьевна Иванова толкуйдаабыттара. Төрөппүттэр илдьибиттэрэ, аҕалбыттара.
Биир сыл Тымныы Оҕонньор тыаттан тахсан, такси тутан, дэриэбинэҕэ оҕо саадыгар кэлэн иһэрин эрдэттэн видеоҕа устубуппут. Итиэннэ Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарын иннинэ слайдынан көрдөрбүппүт. Иккис сылыгар Тымныы Оҕонньор сыарҕалаах атынан кэлбитэ. Сыарҕатыгар клоуннар эҥин олорсо сылдьаллара. Арай, олбуорга бэлэҕин сүкпүтүнэн киирэн истэҕинэ, Дьэгэ-Баабалар бэлэҕин былдьаары оҥостоллор. Маны барытын оҕолор түннүк нөҥүө көрөн турбуттара. Оҕо үчүгэйтэн куһаҕаны араара үөрэнэригэр маннык холобурдар туһалаахтар, быдан тиийимтиэ буолаллар.
Уопсайынан, Тымныы Оҕонньор чахчы баар диэн оҕо оскуолаҕа киириэн иннинэ сааһыгар диэри ордук итэҕэйэр. Олохторугар буолбут уларыйыылары, соһуччу үөрүүлэри ордук өйдөөн хаалаллар. Иитээччилэрбит ол иһин хас биирдии тэрээһини сонуннук ыытар туһугар дьулуһаллар.
Сомоҕолоһуу күнэ
Биһиги эрэ тэрээһиннэри маннык ыытабыт диир кыаҕым суох. Эппитим курдук, оҕо саадын үлэһиттэрэ олус үчүгэй идеялаах буолаллар, ким хайдах толкуйдуурунан оҥорор. Ол эрээри, Саҥа дьылларын итинник ыыталлар үһү диэни истэ иликпин. Батсаапка тарҕаммытыгар, бэйэбит да соһуйдубут. Төрөппүттэр бэйэлэрин истэригэр сонун гына ыыппыттара тарҕаммыт буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт.
Биллэн турар, кэлэктииптэн улахан тутулуктаах. Мин сэбиэдиссэй быһыытынан ити өттүгэр табылынным дии саныыбын. Үлэһиттэрим туохха барытыгар көхтөөхтөр, ханнык баҕарар тэрээһини барытын биир сүбэнэн, санаанан оҥоробут. Ол курдук, төрөппүттэргэ, оҕолорго даҕаны араас тиэмэлээх нэдиэлэлэри ыытабыт. Олортон биирдэстэринэн, Сомоҕолоһуу күнэ буолар. Санаабытыгар эмиэ сонун көстүү курдук. Нэдиэлэ устата бөлөхтөрүнэн арахсан, саха, дьоппуон, узбек, нуучча, грузин омук култуураларын былааҕар, гиэрбэтигэр тиийэ үөрэппиттэрэ, слайдынан кинилэр олохторун-дьаһахтарын көрдөрбүттэрэ. Итиэннэ нэдиэлэ бүтүүтэ таҥнан-симэнэн, бүлүүдэлэрин астаан быыстапка оҥорбуттара, оонньууларын оонньоппуттара, иитээччилэрин, төрөппүттэрин кытта үҥкүүлэри туруорбуттара.
Байанай ыйа
— Оҕолору муҥхалатабыт диэн этэн аһарбыттааҕыҥ. Ол туһунан кэпсиириҥ буоллар.
— Күһүн сэтинньигэ, Байанай ыйыгар бу тэрээһиҥҥэ эмиэ биир нэдиэлэ аныыбыт. Бу кэмҥэ иитээччилэр оҕолорго тоҕо Байанай ыйа диэн ааттаммытын, “муҥха”, “нырыы” о.д.а. балыкка сыһыаннаах тыллар туох суолталаахтарын үөрэтэллэр, билиһиннэрэллэр, аҕаларын кытта бултуу, балыктыы сылдьар хаартыскаларынан буклет куонкуруһун тэрийэллэр. Онтон нэдиэлэ бүтүүтэ түмүктүүр түһүмэххэ оҕо саадын олбуорун иһигэр тахсан муҥхалыыллар. Сорохтор оҕону тоҥороору күөлгэ, өрүскэ илдьэллэр эҥин дииллэр эбит. Оннук буолбатах, барыта бэйэбит дьиэбит олбуоругар барар. Оҕолор көрбөт кэмнэригэр балыктары хаар анныгар илимҥэ кистиибит. Ол сылдьан оҕолорго ырыа, үҥкүү араас куонкуруһун ыытабыт. Бүтэһигэр илимнэрин хостоотохторуна балыктара тахсан кэлэр. Оҕолор үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Холобура, көннөрү кэпсээн, хартыынаҕа, слайдка көрдөрөн билиһиннэрэрдээҕэр, бэйэлэрин кыттыһыннаран үөрэтэр ордук өйдөнүмтүө. Оҕолор анаан-минээн кыра мөһөөччүктээх кэлэллэр, балыктарын онно уган, дьиэлэригэр биэртэлээн ыытабыт. Киэһэ төрөппүттэр: “Оҕолорбут Байанайдарын маҥнайгы бэлэҕин буһарар буоллахпыт”, — диэн үөрүүнэн-көтүүнэн көх-нэм буолан, буһараллар эбит. Аны балык формалаах бэчиэнньэ оҥорон оҕолорго түҥэтээччибит.
Идэһэ бырааһынньыга
Итини таһынан, былырыын Идэһэ бырааһынньыгын тэрийбиппит. Бу — тыа ыалын күһүҥҥү түбүгүн көрдөрөр. Эмиэ нэдиэлэ устата барбыта, барыта сахалыы тыыннаах. Иитээччилэр оҕолорго сайыҥҥы от үлэтиттэн саҕалаан, кыстыкка тиийэ билиһиннэрбиттэрэ. Нэдиэлэ бүтүүтэ идэһэттэн араас ас быыстапкатын тардыбыппыт. Көннөрү эттэн саҕалаан, хааныгар, быарыгар, ис миинигэр тиийэ бэлэмнэммитэ. Бу тэрээһиҥҥэ уонна оҕолор кэлин даҕаны сииллэригэр диэн анаан-минээн биир сүөһү атыыласпыппыт уонна нэдиэлэ бүтүүтэ астаан көрдөрбүппүт. Төрөппүттэр манна эмиэ улаханнык көмөлөспүттэрэ.
Иитээччилэр түмсэллэр
— Уһуйаан үлэһиттэрэ бэйэҕит туох тэрээһиннэргэ кыттаҕыт?
— Өрүс уҥуор турар тоҕус нэһилиэк оҕо саадтарын үлэһиттэрэ түмсэн, биир уопсай методическай бөлөхтөөхпүт (кустовое методическое объединение). Араас семинардары, куурустары, күрэхтэһиилэри ыытабыт, уопут атастаһыыларын тэрийэбит. Аан маҥнай 1986-1990-с сыллардаахха Далыр нэһилиэгин детсадын урукку сэбиэдиссэйэ М.П.Одолунова уонна кини методиһа В.М.Донская олохтообуттара. Мин оччолорго иитээччи быһыытынан Далыр нэһилиэгэр үлэбин саҕалаан эрэрим. Иитэр үлэҕэ бастакы уһуйааччыларым, сирдьиттэрим, олук уурбут дьонум кинилэр буолаллар. Дүллүкүгэ көһөн кэлэн баран, бастакы уһуйааччыларым үтүө холобурдарын туһанан, араас тэрээһиннэри тэрийэбит.
Ол курдук, 2009 сыллаахха биһиги уһуйааммыт ити тоҕус уҥуоргу нэһилиэктэргэ анаан спартакиада тэрийбитэ. Букатын 100-тэн тахса киһи кыттыбыта. Кэлэр сылыгар кыайыылаах нэһилиэк саада ыытар диэн усулуобуйалаах. Бэйэбит харчынан кыттыһан, кубок, грамота, бириис ылабыт. Сарсыарда өттүгэр спартакиадата буолар. Манна сахалыы остуол оонньуулара, волейбол, теннис, сыал ытыы, көрдөөх эстафета киирэллэр. Киэһэтин кулуупка араас куонкурустар: “КМО бастыҥ лидерэ”, “Бастыҥ иитээччи”, “Бастыҥ сиэстэрэ”, “Бастыҥ педагог”, “Бастыҥ асчыт” куонкурус, уопут атастаһыыта, семинар.
2014 сыллаахха Оҥхой нэһилиэгин оҕо саада (сэбиэдиссэй М.Д.Андреева) ыыппыта. Урукку сылларга өрүү дьиэ иһигэр барара, кинилэр таһырдьа оҥорор саҥа сүүрээни олохтообуттара. Биллэн турар, күрэхтэһиилэрин уларытан, сылабаарга чэй оргутууга, шашлык буһарыыта, хайыһар, биатлон курдук о.д.а. куоталаһыылары тэрийбиттэрэ.
Итини таһынан, уһуйааммыт иһинэн “Дьээбэрэҥкэ” диэн көр-күлүү мини тыйаатырдаахпыт. Үлэлээбитэ номнуо 20-тэн тахса сыл буолла. Нэһилиэк иһинэн кэнсиэр тэрийэбит. Кыргыттарбыт бэртээхэй үҥкүүһүттэр, сыаҥкаһыттар. Сорох сыл төрөппүттэр оҕолорун кытта туспа кэнсиэр көрдөрөөччүлэр.
Былырыын саас уһуйааммыт 55 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, улуустааҕы спартакиада тэрийбиппит. Үөһээ Бүлүү улууһун спордун управлениетын начальнига Е.А.Николаев мэтээлбитин, грамотабытын барытын хааччыйбыта. Саас, халлаан сылаас буолан, таһырдьа ыыппыппыт. Уопсайа 200-чэкэ киһи кэлэн барбыта. Нам нэһилиэгин “Кэнчээри” оҕо саада (сэбиэдиссэй А.Макарова) флешмоб үҥкүүлэппитэ. Ону таһынан, оҕо саадын үлэһиттэригэр анаан, 2013 сыллаахха “Чэйиҥ эрэ, үҥкүүлүөх”, “Сыл бастыҥ асчыта”, Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар “Читаем о войне” диэн оскуола алын сүһүөх, уһуйаан оҕолоругар куонкурустары ыыппыппыт. “Орленок” патриотическай куонкурустарга кыттыбыппыт, тэрийбиппит.
Кыһалҕалар
— Букатын кулууп үлэтин санатта. Ол эрээри, барыта эриэ дэхси буолбатах буолуохтаах. Туох кыһалҕалааххытый?
— Биһиги улахан кыһалҕабыт — дьиэбит тымныыта буолар. Үөһээ Бүлүү үөрэххэ управлениетын начальнига А.С.Поскачин кэлэн көрөн-истэн барбыта. Онон быйыл хамсааһын тахсыа диэн эрэллээхпит. Түөрт улахан тутуулаахпыт, онтон бииригэр өрөмүөн барбыта эрээри, улаханнык сылыйбатаҕа. Атыттарга эмиэ кыралаан өрөмүөн ыыталаабыппыт, билиҥҥитэ сөрүүн. Тымныйдаҕына, оҕолор да кэлиилэрэ мөлтүүр. Онон улахан хапытаалынай өрөмүөн барара буоллар, төрөппүттэр үөрүүлэрэ үксүө, үлэбит өссө таһаарыылаах буолуо этэ.
Төрөппүккэ сүбэ
— Үгүс сыл үлэлээбит иитээччи, салайааччы быһыытынан аныгы төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ оҕолор үгүстэрэ тэлэбиисэртэн, көмпүүтэртэн информацияны ылаллара элбээтэ. Тэлэбиисэр, көмпүүтэр саҥатынан саҥарар, ол тыллары туттар буоллулар. Нууччалыы, сахалыы буккуйан саҥаралларын төрүөтэ — ити. «Мин сахабын!» — дэнэр оҕо аҕыйаата. Саха төрүт тыла симэлийэр кутталланна. Бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан ыраастык саҥара, санааларын толору сайа этэ үөрэнэллэрин туһугар төрөппүттэр, оҕо тэрилтэлэрэ ыкса ситимнээхтик үлэлээтэхтэринэ эрэ кыаллар суол. Оҕо саҥарар дьоҕурун сайыннарар туһугар элбэхтик сэһэргэһиэхтээхпит, алтыһыахтаахпыт, санаатын истиэхтээхпит. Төрөппүт бириэмэтин аттаран, быыс булан, оҕотун кытта оонньуохтаах, кинигэ ааҕыахтаах, кэпсээн кэпсиэхтээх, хоһоон үөрэтиэхтээх. Оҕо чуолкайдык саҥара үөрэнэригэр тарбах кыра быччыҥнарын сайыннарыахтаахпыт, ол инниттэн оҕо элбэхтик уруһуйдуохтаах. Билиҥҥи үйэ сайдыытын хаамыытынан мозаикалары уонна араас конструктордары таҥа үөрэниэхтээх, сахалыы остуол оонньууларын оонньуохтаах. Уһуйаан уонна төрөппүт биир санаанан үлэлээтэхпитинэ эрэ, инники ылыммыт соруктарбытын ситиһэр кыахтаахпыт.
Өрөспүүбүлүкэ кииниттэн төһө да тэйиччи сыттарбыт, ити курдук үлэлии-хамсыы олоробут. Маныаха биһиэхэ өйөбүл, тирэх буолар дьоммутугар, Үөһээ Бүлүү үөрэҕин управлениетын начальнига А.С.Поскачиҥҥа, оскуола иннинээҕи салаа начальнига Л.В.Тумусоваҕа, методист Л.А.Егороваҕа, нэһилиэкпит баһылыга И.И.Анҥа, улуустааҕы спорт управлениетын начальнига Е.А. Николаевка махталбытын тиэрдэбит.
Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/ сайт