Идэһэ бырааһынньыгын дьон-сэргэ олус долгуйа күүтэр. Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр бу бырааһынньык сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыт. Тэрээһин туһунан улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын методиһа Лариса Турнина кэпсээтэ.
—Түһүлгэҕэ мустубут дьоҥҥо 24 сыл анараа өттүгэр улууска бастакынан тэриллэн улахан сэҥээриини ылбыт идэһэ бырааһынньыгын видеоҕа устубуттарын көрдөрдүлэр. Манна дьон-сэргэ бэйэлэрин эдэркээн кэмнэрин көрөн үөрдүлэр-көттүлэр. Салгыы сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Байанай ыйыгар аналлаах туруорууларын көрдөрдүлэр.
Олорор сирдэринэн биэс түөлбэҕэ арахсан, күө-дьаа сүбэлэһэн эт астан оҥоһуллар бииртэн-биир сонун бүлүүдэлэри астааһыҥҥа үөрэ-көтө түбүгүрдүлэр, сандалыларын толору тардан дьүүллүүр сүбэҕэ сыаналаттылар.
Маны сэргэ, болҕомтону «Халыҥ сыалаах ынах этэ», «Убаһа ойоҕоһо», «Саамай эмис сибиинньэ сыата», «Уһун кутурук»,» Саамай суон муос» диэн көрү-нары, болҕомтону тардар күөн күрэс тарта, илин-кэлин түсүһүү кытаанаҕа буолла. Хаһаайыстыбаларын сатабыллаахтык салайан, үчүгэйдик көрүнэн-истинэн олорор дьиэ кэргэттэргэ дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан анал ааттар туттарылыннылар.
Толору астаах-үөллээх сандалыларга олорон үлэ дьонун чиэстээһин, эҕэрдэ ырыалар, көрдөөх-нардаах күрэхтэһии өрө көтөҕүллүүлээхтик барда. Нэһилиэк олохтоохторун күүһүнэн туруоруллубут 75 бириис киирии билиэттэринэн оонньоммута тэрээһини уоттаан-күөстээн, дьону-сэргэни улаханнык көҕүлээн биэрдэ. Сүүйүүгэ дьэдьэн минньигэс барыанньатыттан саҕалаан куулунан хортуоппуйга, балыкка, тоҥ үүккэ, дьааһыгынан мокоруон арааһыгар, сүөһүлээх ыалга наадалаах комбикормҥа, парикмахерга сылдьарга «көмүс билиэттэр», нэһилиэк уус дьоно чочуйан оҥорбут хаһаайыстыбаҕа туһаныллар малларыгар-салларыгар, иһит-хомуос арааһыгар, о.д.а. оонньонно. Көр-нар көҕүлүттэн тутуллубут кэмигэр, түһүлгэҕэ мустан олорооччуларга эт астан бэлэмнэниллибит бэртээхэй бүлүүдэлэр аукционнара ыытылынна. Түмүккэ идэһэ бырааһынньыгар сылдьыбыт киһи барыта өттүк харалаах, илии тутуурдаах улаханнык астынан-дуоһуйан, үөрэн-көтөн дьиэлээтэ.
Тэрээһиҥҥэ киирбит үп, уопсайа 66 тыһыынча солкуобай, Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх эдэр ийэ А.С.Андреева эмтэнэ барарыгар туттарылынна. Маны сэргэ, сорохтор карточкаҕа ыытан көмө оҥорбуттара этилиннэ.
Бу да тэрээһиҥҥэ, хаһан баҕарар буоларын курдук, Дьүлэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Нэһилиэк дьаһалтата, тэрилтэлэр салалталара бар дьонноругар барҕа махтал тылларын эттилэр.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru