Күүһүнэн-уоҕунан аатырбыт Булааҥкый Боотур сиэнэ Дьүккүөн Баһылай диэн төрөл, бэрт үөлэн, сылбырҕа киһи буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, хайа да эр бэрдиттэн ордуктара дэппит. Туохтан да иҥнэн-толлон турбат, олус харса суох, абааһыттан-көстүбэттэн куттаммат хорсун киһи эбит. Дэлэҕэ Дьүккүйэртэн Атыны Билбэт Дьүккүөн диэн ааттаныа дуо?
Арай биирдэ кыһын ортото түүлээх тута атыыһыттар тахсаллар диэн кэпсээн тарҕаммыт. Онуоха бэлэмнэнэн аҕалара Баһылай сайылык дьиэтиттэн эбии остуол киллэрэ тахсыахтааҕын сэрэйэн, уола Дьэбии Бөөтүр киэһэ хараҥарыыта урут тахсан саспыт. Хараҥаҕа Дьүккүөн киирэн кэлбит. Уол остуолу икки атаҕыттан тутан сыппыт. Оҕонньор остуолун
аҥаар баһыттан ылан тардан көрбүтэ, остуола кэлбэтэх. Буор муостаҕа хам сыстыбыттыы кыбыс-кытаанах. Ону кини абааһылар дьээбэлииллэригэр-хооболуулларыгар балыйбыт. «Илээт бэйэлээхтэр, бэйэлээх бэйэм остуолбун биэримээри гынаҕыт дуо? Бэйи, быаргытын быһыта үктэтэлээн да туран, ылан тахсыам», — диэбит даҕаны, күүскэ тардыбыт. Остуол хачыгырыы түспүт. Онтун кыбынан дьиэтигэр сырдыкка киллэрэн көрбүтэ — остуолун икки атаҕа көтүрү тардыллыбыт эбит. «Кыайардар, өссө ирээт ылан хаалар буоллахтара, дьэ
бэйиккэй», — диэн дэлби сааммыт, мөҕүттүбүт.
Дьүккүөн Чөккүк Уйбаанныын арыт саас, кыыл киириитэ, удьура-орох устун кэлэр кыыл табаны бултууллар. Чокуурунан эстэр былыргы бинтиэпкэ саалара эстиэ баара дуо? Ол иһин баай тиит кэннигэр саһан туран, силиргэх маһынан өмүтүннэрэн охсон бултуу сатыыллар эбит. Оннук муҥнанан син кыылы өлөрөллөрө үһү. Биирдэ, ыкса күһүн хаар түспүтүн кэннэ, кини Хара Уйбаан, Лаппычах диэн дьоннуун тайахтыы барбыттар. Ыттара ыарҕанан саба үүммүт кыракый толоон кытыытыгар тайаҕы хаайбыттар. Ыттары кытта охсуһар
мучумааныгар сылдьар тайах дьон мастарынан хаххаланан ыга чугаһаан кэлбиттэрин билбэтэх. Бинтиэпкэ саалаахтарынан ытан көрбүттэрэ, онтулара эстибэтэх. Ону Дьүккүөн, тайаҕы күөйэн өрө хололоно сылдьар ыттарыгар күлүктэтэн ыкса чугаһаат, тайаҕы муоһуттан хабан ылбыт. Тайах обургу дьиэ табатыгар дылы хаһан муоһуттан ылларбыта баарай? Төһө да үөскүлэҥин, сэниэлээҕин иһин, киһини киһилиэ дуо? Оту-маһы ортотунан барчалаабытынан, киһини соспутунан, муҥ кыраайынан барбыт. Маска, ыарҕаҕа үлтү сабанан соһуллан иһэр Дьүккүөн олооччута сулбуруйан хаалбыт, атаҕын тойон эрбэҕэ быстыбыт. Ол эрэн тайаҕын муоһун ыһыктыбатах, быыс булан кыыныгар укта сылдьар быһыччатын харбыалаһан ылан, тайаҕын моонньун сууралаабыт.
«Аат кыыла киһибитин сиэтэ, өлөрдө», — дэһэн ыксаабыт булчуттар аҕылаһан-мэҥилэһэн сырсан иһэн көрдөхтөрүнэ, арай сүүрбэ саһаан курдук сири бараат, тайахтара киһилэрин сүкпүтүнэн, эмискэ умса хоруйа түспүт. Бу сырыыга дьэ итинник быһылааннаахтык, байанайдаахтык бултаан дьиэлэригэр төннүбүттэр.
Биирдэ Дьүккүөн уолаттарынаан Чоҕулуус Ньукулайы, Дьэбии Бөөтүрү кытта саха былыргы ууһа охсубут хотуурдарынан от охсо сылдьыбыттар. Ол сылдьан уолаттара аҕалара от охсон ааспыт сириттэн атаҕын тойон уонна ортоку тарбахтара быһыта охсуллан сыталларын булан ылаллар:
— Хайа, баҕайыа, тарбахтарыҥ бу хаала сыталлар дии… Мэһэй буолалларын иһин быһыта охсунан кээстиҥ дуо? — диэн хаһыытаспыттар. Ону аҕалара кэлэн көрөн баран:
— Һа, ити маҥай бэйэлээхтэр, дуобат эрэ саҕа буола чочоруһа сытыйан баран, аһыталлар эбит. Ол иһин ити баарыҥҥыттан атаҕым аһыйарга дылы гынара ээ, — диэбит.
Эмтэниэ-томтонуо баара дуо? Атаҕын туттан көрбөккө да эрэ, баран салгыы отун охсон күлүмэхтэтэн барбыт.
Күһүн туруорбах дьиэ көмүлүөк оһоҕун лаабыһыгар эмээхсинэ Кэдээй биир улахан сэбирдэх табаҕы хатара уурбут. Бэйэтэ сүөһүлэрин бэрийэ хотонугар тахсыбыт. Ол кэмҥэ таһырдьа ону-маны үлэлээн букунайа сылдьыбыт Дьүккүөн дьиэтигэр киирбит. Аччыктаабыта сүрдээх.
Сэбирдэх табах турарын таба көрөөт, ылан хачыр-кучур ыстаат, салып гыннаран сиэн кэбиспит. Сотору хотонуттан эмээхсинэ киирбит. Арай табаҕын ылаары гыммыта
табаҕа суох.
— Хайа, манна табах хатара уурбутум дии… Ханна ылан бырахтыҥ? — диэн ыйыппыт.
— Ээ, оттон мин үөлүллүбүт мунду турар диэн сиэн кэбистим ээ.
Адьарайыҥ баара, ол иһин аһыыта бэрт этэ, — диэн Дьүккүөн бөтүгүрээһин бөҕө буолбут.
Николай СЕМЕНОВ-ЧӨККҮК
Хаартыска: интэриниэттэн
* * *
Николай Семенов-Чөккүк үһүйээнэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» кинигэтиттэн ылылынна.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1