Дьүкээгир ырыаһыта Макар Курилов кэнсиэригэр ыҥырар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 23 күнүгэр А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Аллараа Халыма улууһун самодеятельнай мелодиһа Макар Курилов — Явункодэ (Айанньыт) айар биэчэригэр ыҥырар. 


Дьокуускай куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын бу киэһэ «Земли родной травинка» бэртээхэй кэнсиэргэ күүтэллэр. Макар Семенович Аллараа Халыма улууһун Колымское  сэлиэнньэтиттэн куорсун анньыммыт ырыаһыт ааттааҕа. Кини чукотка, дьүкээгир уонна нуучча тылларыгар ырыалары суруйар, матыыптыыр. Явункодэ Саха сирин аҕыйах ахсааннаах олохтоох норуоттарын төрөөбүт тылларын харыстыырга, сайыннарарга, тарҕатарга үлэлэһэр энтузиаст.
Биир интервьютугар кини: «Бу ырыалар, хоһооннор миэхэ хантан кутуллан кэлбиттэрэй? Хоһоону мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан суруйабын. Улаатан иһэн, биллэн турар, таптал туһунан хоһуйар буолбутум.  Табаһытынан үлэлии сылдьан, ырыаҕа ылсыбытым. Хайдах да бэйэлээх күн-дьыл турдун, буурҕа буоллун, ардах буоллун, мин гитарабын сүкпүтүнэн сылдьарым. Гитарам барахсан алдьанан-кээһэнэн, абырах, өрөмүөн бөҕөтө буолбута… Биһиги көлүөнэбит хайдах эрэ уйаҕас, романтичнай дууһалаах. Балааккаҕа утуйуохпут иннинэ хайаан да мустарбыт уонна: «Чэ, ыллыаҕыҥ!» дэһэрбит. Дьэ, уонна бары ыллаабытынан барарбыт. Высоцкай ырыаларын ордук сөбүлүүрбүт. Онтон соҕотоҕун хааллахпына, кып-кыра балааккабар олорон, эбэтэр дьуһуурустубабар, матыып бэйэтэ кутуллан киирээччи. Бастакы ырыаларбын оннук айбытым. Дьуһуурустубаҕа табаларбын көрө-истэ, кэтии-маныы сырыттахпына, айылҕаҕа иэйии ордук киирэр. Холобур, күн саһарҕатын көрүүм, табаларбар тиийэн кэлиим, ураты кыраһыабай туундарабар тураммын хайдах да ыллыахпын баҕарабын…», — диэн бэлиэтээбитэ баар.
Кэнсиэр А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин иккис мэндиэмэҥҥэ буолар. Киириитэ босхо диэн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0