Дьүкээгир тыллаах сайыҥҥы лааҕырдар аһыллыахтара

Ааптар: 
01.06.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин үөрэнээччилэрэ сайыҥҥы каникул кэмигэр сүтэн эрэ дьүкээгир тылын уонна култууратын үөрэтиэхтэрэ. Маннык сыаллаах бэрэсидьиэн гранынан үбүлэммит сайыҥҥы лааҕырдар Андрюшкино, Черскэй уонна Нелемное бөһүөлэктэргэ арыллыахтара.

edersaas.ru

Аллараа Халыма оройуонун  Андрюшкино уонна Черскэй бөһүөлэктэригэр олорор оҕолорго анаан биһиги бэс ыйын 10 күнүгэр сайыҥҥы лааҕырдары арыйар былааннаахпыт. Үөһээ Халыма оройуонугар, Нелемное бөһүөлэк таһыгар сайыҥҥы лааҕыр от ыйыгар арыллыахтаах. Бу бырайыак 3 мөлүйүөн кэриҥэ суумалаах бэрэсидьиэн гранын ыламмыт тэрилиннэ — диэн ТАСС суруналыыһыгар «Кужуун шорилэ» (Кустук) бырайыак салайааччыта, дьүкээгирдэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ Валентина Акимова кэпсээтэ.

2010 сыллаах биэрэпис көрдөрөрүнэн Арассыыйаҕа 1,6 тыһыынча кэриҥэ дьүкээгирдэр олороллор эбит, онтон 10% эрэ бэйэтин төрүт тылынан кэпсэтэр эбит. “Төрөөбүт тылбытын сөргүтүү тыын боппуруос буолан турар. Оннооҕор оскуолаҕа дьүкээгир тылын уонна култууратын үөрэтэр да оҕолор, төрөөбүт тылларынан кэпсэппэттэр, кэнники умнан бараллар. Ол иһин, дьүкээгир тылынан кэпсэтэр эйгэни сөргүтээри биһиги араас тэрээһиннэри тэрийэбит. Холобур, атырдьах ыйыгар дьүкээгир норуотун төрүт бырааһынньыга Шахадьибэ атырдьах ыйыгар буолуоҕа”, — диир Валентина Акимова.

Тылы сөргүтэргэ анаан улахан дьоҥҥо анаан WhatsАpp иһигэр дьүкээгир тылынан кэпсэтэр чат арыллыбыт. Бу ханаалга дьон дьүкээгирдии кэпсэтэллэр, тылы үөрэтиигэ сүбэлэри, сорудахтары ылаллар. Кэнники педагогтар уонна тылы билээччилэр дьону  мунньан уруоктары ыытар былааннаахтар.

Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0