1984-1986 сылларга Антарктидаҕа “Восток” станцияҕа эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт РНА Сибиирдээҕи салаатын Ю.Г. Шафер аатынан Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтун лабораториятын салайааччыта Семен Николашкины кытта сэһэргэстим.
Людмила Попова
“Восток” станцияҕа диэри сыл аҥаара айан
— Семен Викторович, эйигин Антарктидаҕа сылтан ордук эспэдииссийэҕэ сылдьыбыта диэн истибитим. Ити сырыыҥ туһунан кэпсии түһүөҥ буолаарай.
— Дьүкээбил уотун үөрэтэр исписэлиис быһыытынан 30-с сэбиэскэй эспэдииссийэҕэ “Восток” станцияҕа кыттыбытым. 1984 сыл алтынньытыгар мантан арахпыппыт уонна 1986 сыл кулун тутарыгар кэлбиппит. Саха сириттэн инженер В.Н.Филипповичтыын иккиэ этибит. Мантан анал прибордардаах, научнай садаанньалаах барбытым. Бу континент иһинээҕи Арассыыйа соҕотох станцията буолар.
— “Восток” станцияны харахтаан көрбөтөх дьоҥҥо хайдах быһаарыаҥ этэй?
— Биир сыл “Востокка” олорбуппут, сыл аҥаара курдук кэм айаммытыгар барбыта. Өрүү тымныы турар, биһиги баарбытына 85 кыраадыс тымныыга тиийэ сылдьыбыта. Саамай сылыйбыт кэмэ 13 кыраадыс тымныы этэ. Тус бэйэм, 50-тан тахса кыраадыска үөрүйэх буолан, улаханнык тымныы диэбэтэҕим. Букатын тымныы диэн тугун билбэтэх дьон тиийэн, кырдьык, уустуктары көрсүбүттэрэ. Муора тыһымыттан 3,5 км кэриҥэ үрдүккэ турар, салгынын баттааһына намыһах, онон салгын тиийбэтин курдук буолар. Хамсаннахха-имсэннэххэ киһи аҕылыыр. Ол иһин кыһынын таһырдьа үлэлиир кэмҥэ өрүү сирэйбитин тууна баанааччыбыт. Аҕылаатахха тымныы салгын киирэн тыынар уорганы тоҥорор диэн этээччилэр. Полярнай түүн кэмигэр олунньу 20-тэн сэтинньи ортотугар диэри туох баар сырыы тохтуур. Манна сайын буоллаҕына, антах — кыһын. Кыстыыр сиргэ уопсайа 29 буолан олорбуппут. Бары эр дьон. Сылааһы тутар матырыйааллаах тимир дьиэлэргэ олохтообуттара. Отопление уотунан барара, дизельнэй станция турара. Оччолорго дьиэ кэргэммитин кытта тэлэгэрээмэнэн эрэ сибээстэһэрбит. Полярниктарга араадьыйа биэриилэри тэрийэллэрэ. Биллэн турар, Москва, Ленинград курдук улахан куораттар эрэ кытталлара. Онон биһиги дьоммут саҥаларын барыахпытыттан кэлиэхпитигэр диэри истибэтэхпит, барытын тэлэгэрээмэнэн эрэ билэрбит. Билигин интэриниэт, электроннай почта, спутник төлөпүөнэ баар дииллэр. Саха сирин дьоно тымныыга кэм үөрүйэх буоллахпыт, бэлэмнээх этибит. Эппит, аспыт тоҥоруллан таһырдьа кыстанан сытар. Соҕурууҥҥулар ыарырҕаталлара. Айсберг Антарктиданы чинчийии
— Бу эспэдииссийэҕэ сүрүн сыалгыт-соруккут туох этэй?
— Эспэдииссийэ уопсай сыала – Антарктиданы чинчийии. Хас биирдии исписэлиис бэйэтэ туспа садаанньалаах барара. Тус бэйэм, дьүкээбил уотун чинчийэр соруктаах тиийбитим. Кинилэр дьүкээбиллэрэ биһиэнин курдук буолбатах. Полярнай шапка сандаарыыта диэн ааттанар. Биһиэнинээҕэр мөлтөх эрээри, бэйэтэ туспа айылгылаах. Сир магнитнай хонуута манна аһаҕас диэххэ сөп. Күнтэн кэлбит частицалар ханна да иҥнибэккэ быһаччы түһэллэр. Онон ураты сандаарыы үөскүүр. Олору анал прибордарынан үөрэтэрим. Хас чаас аайы тахсан харахпынан көрөн туох уларыйыы баарын сурунарым. Миигин сэргэ метеорологтар, радистар, мэхээниктэр о.д.а. исписэлиистэр элбэхтэрэ. Улахан этэрээт буровиктар бааллара. Кинилэр мууһу үүттүүллэрэ. “Восток” станция 3,5 км аллараа өттүгэр күөлү (ириэнэх ууну) булбуттара. Үөһээ өрүү 80-ча кыраадыс тымныы, мэлдьи хаар, муус дойду эрээри, муус баттаан сылаас үөскүүр эбит. Билиҥҥи эспэдииссийэлэр мууһу дьөлө үүттээн онно киирэргэ дьулуһаллар. Биллэн турар, сэрэхэчийэллэр – мантан сирдээҕи бактерияны киллэрбэт уонна муус анныттан, баҕар, былыргы хаалбыт микробтары таһаарбат курдук. 5 км хайаҕа тахсыбыт кэриэтэ
— Киһиттэн ураты “Востокка” туох эмэ кыыл-сүөл баар дуу?
— Аллараа, биэрэк аттынааҕы станцияҕа ыттар, пингвиннэр баар буолааччылар. Оттон “Восток” станцияҕа ыт салгынын тулуйбат диэн аҕалбаттар. Сүүрэллэрэ элбэҕэ бэрт буолан, “кислороднай голодание” буолан эбэтэр өлөллөр, эбэтэр ыалдьаллар эбит. Холобура, манна 5 км хайаҕа үөһээ тахсыбыт кэриэтэ. Ол иһин киһи өрүү кислорода тиийбэт. Маҥнай тиийээт, үс күн эҥин киһи төбөтө ыалдьар, тыҥырах, уос көҕөрөн хаалар. Онтон сыыйа-баайа үөрэнэн бараҕын. Сорох дьон адаптацияларын кыайан ааспаттар, оччоҕо нэдиэлэ курдугунан төттөрү “Мирнэй” станцияҕа ыыталлар. Эспэдииссийэҕэ турунуохпут иннинэ Ленинградка маҥнай медицинскэй көрүүнү ааспыппыт, онтон тест толорбуппут, араас аппараатынан тыыныыбытын эҥин бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Южная Георгия арыыга. Киит уҥуоҕа.
80 кыраадыска үлэ
— 80-ча кыраадыс тымныыга таһырдьа төһө өр сылдьаҕытый? Киһи итэҕэйимиэ суоҕун курдук.
— Көннөрү таһырдьа тахсыы аҕыйах. Хас чаас аайы тахсан 10-15 мүнүүтэ кэтээн көрөрүм таһынан, приборбун көрөбүн-истэбин итиэннэ хаһаайыстыбаннай үлэни барытын бэйэбит оҥорор буоллахпыт. Дьуһуурустубанан нэдиэлэҕэ биирдэ эҥин хаар, муус эрбээччибит, онтон да атын быстах үлэлэр көстөөччүлэр. Уу суох буолан хаары уулларан туттарбыт. Аны олус тымныы буолан, хаар кытаанах эттиккэ (кристалга) кубулуйар. Онон салаасканы соһорго уустуктар үөскүүллэр. Кумахха соһор кэриэтэ. Киһи аҕылаан ноҕоруускаланар. Тэбиэн түүтүттэн тигиллибит сылааһы тутар КАЭ диэн анал көстүүм, баата ыстаан, хаатыҥка, унтуу, саппыкы, утуйар таҥаска тиийэ барытын хааччыйаллар.
Сахалар — Антарктидаҕа
— Антарктидаҕа эспэдииссийэҕит кэнниттэн туох түмүктэри оҥорбуккутуй?
— Кэлэн баран научнай сурунаалларга ыстатыйалары оҥорбуппут. Ол кэмнэргэ оруобуна космоска Америка спутнига тахса сылдьыбыта. Онон дьүкээбил уотун үөрэтиигэ биһиги сиртэн тугу кэтээн көрбүппүтүн тэҥнээн суруйталаабыппыт. Биһиги институппутуттан тустаах станцияҕа хас да киһи сылдьыбыта. Ол курдук, мин иннибинэ 27-с, умайбыт эспэдииссийэҕэ Михаил Геннадьевич Гусев кыттыбыта. Кини билигин баар гынан баран, институкка үлэлээбэт. Дизельнэй электростанциялара умайан, тыыннаах ордон, кыһыны этэҥҥэ аһарбыттара. Оттон сахалартан бастакынан Илья Семенович Самсонов (14-с эспэдииссийэ) сылдьыбыта. Билигин үлэлиир дьонтон физико-математическай наука кандидата Сергей Самсонов кыттыыны ылбыта. Дьүкээбили чинчийии 1990-с сылларга бырагыраамабытын саппыттара. Билигин үлэбинэн син биир дьүкээбили үөрэтэ сылдьабын. Араас прибордар бааллар. Дьүкээбили үс көрүҥҥэ араарыахха сөп. Бастакытынан, “полярнай шапка” дьүкээбилэ. Иккиһинэн, саамай сырдык, актыыбынай — дьүкээбил умайар зоната (авроральнай овал). Бу Саха сирин хоту өттүнэн, Тиксии, Чокуурдаах диэкинэн кольцо курдук ааһар. Дьүкээбил уотун күүстээх сандаарыылара онно буолаллар. Дьокуускай үрдүнэн умайар дьүкээбил эмиэ атын – мөлтөх, киһи хараҕар көстүбэт. Приборунан, камеранан эрэ көстөр. Ити барыта сир магнитнай хонуутун свойстватыттан тутулуктаах. Арай, улахан геомагнитнай буря буоллаҕына дьүкээбил суһумнуура кэҥээн, Дьокуускайы ааһа соҕуруу диэки барар. Оччоҕо биһиэхэ манна дьүкээбил уота чуолкайдык көстөр.
Дьүкээбил киһиэхэ куттала суох
— Дьүкээбил уота киһиэхэ төһө кутталлааҕый? Оҕо сырыттахха, биирдэ эмэ умайдаҕына, одуулаһыы бөҕө буоларбыт, оччоҕо саастаах дьон көрүмэҥ диэн боболлоро.
— Куттала суох. Айылҕа бэйэтин көстүүтэ. Киһи эмиэ айылҕа оҕото буоллаҕа. Дьүкээбил, күн күлүм гыныытыттан (вспышкатыттан) эҥин үөскүүр. Күнтэн быраҕыллыбыт протоннар, электроннар эҥин тиийэн кэлэн, сир магнитнай хонуутун кытта дьайыыларын түмүгэр атмосфераҕа гаас умайар. Плазма элбэхтик кэлэн түстэхтэҕинэ уот ситимигэр, турба ситимигэр (трубопроводтарга) сиргэ олус күүстээх магнитнай күүс үөскүөн сөп. Оччоҕо араас саахаллары таһаарыан, спутниктары алдьатыан, сибээс кэһиллиэн, уот барыан сөп. Оттон дьүкээбил киһи организмыгар куттала суох. Үөрэтэр дьон, магнитнай буря киһиэхэ дьайар дииллэр. Мин онон дьарыктаммат буолан, чопчу этэр кыаҕым суох. Билигин атмосфераҕа үөскүүр долгуннары, ол температуратын, сиргэ хайдах дьайарын эҥин үөрэтэбит. Итиэннэ инникитин ракеталар атмосфераҕа туох долгуннары үөскэтэллэрин чинчийэр былааннаахпыт. Ыспыраапка: Семен Викторович Николашкин 1958 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Хоро орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1981 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын бэтэрэн, «Физик» идэтин баһылаабыта. Тута РНА Сибиирдээҕи салаатын Ю.Г.Шафер аатынан Космофизическэй чинчийии уонна аэрономия институтугар чинчийээччи-стажер быһыытынан киириэҕиттэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьар. Физико-математическай наука хандьыдаата. Билигин атмосфера оптикатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru Хаартыскалар ыалдьыт архыыбыттан туһанылыннылар.
Edersaas.ru сайт архыыбыттан.
Матырыйаал маҥнай 2017 сыллаахха тахсыбыта.