Дьүөгэтигэр көмөлөһөөрү, түөкүттэргэ киирэн биэрбит

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр угаайыларыгар бэрт кэбэҕэстик өссө биир аҕам саастаах дьахтар киирэн биэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Нерюнгри полициятыгар Серебрянай Бор бөһүөлэгин 68 саастаах олохтооҕо эрийэн, баанын каартатыттан 30.500 солк. харчытын уорбуттарын иһитиннэрбит.

Кини кэпсээбитинэн, социальнай ситимнэртэн биирдэстэригэр дьүөгэтэ суруйан, суотабай төлөпүөнэ алдьанан, харчыга наадыйарын туһунан эппит уонна иэс көрдөөбүт.

Кыһалҕаламмыт дьүөгэтигэр көмөлөһөр баҕаттан, кини тугу этэрин толорон, баанын дааннайдарын, «мобильнай баан» өҥөтө сыһыарыллыбыт нүөмэрин барытын ыыппыт.

Ол кэнниттэн төлөпүөнүгэр каартатыттан харчы устубуттарын туһунан смс-иһитиннэриилэр кэлитэлээбиттэр. Ону дьиибэргээн, дьүөгэтигэр эрийэн билбитэ — киһитэ олох да төлөпүөнэ алдьамматах, киниэхэ суруйбатах буолан тахсыбыт.

Дьэ, онно эрэ өйдөөбүт, түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбитин, кини социальнай ситимҥэ баар аккаунун алдьаппыттарын. Уонна тута полицияҕа тыллаабыт.

Билигин бу чахчынан бэрэбиэркэ барар.

Полиция бэлиэтииринэн, ити түөкүннээһин биир саамай тарҕаммыт көрүҥэ буолар. Социальнай ситимнэринэн ким эмит харчы көрдүүр буоллаҕына, бастаан тугун-ханныгын быһаарсан билиҥ. Болҕомтолоох буолуҥ!

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0