Cыылынай (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
21.05.2017
Бөлөххө киир:

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ буолуон иннинэ Саха сиригэр араас политсыылынайдар кэлэллэрэ. Ону таһынан ыарахан буруйдаахтары тиийэ көскө ыыталлара.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, edersaas.ru

Араас куһаҕан кэмэлдьилээх нуучча хаайыылаахтара көскө кэлэн саха дьадаҥыларын атаҕастыыллара. Эгэлгэ быдьар тылынан саҥаралларын, кэпсэтэллэрин олохтоох дьон, мөлтөх өттө ылынан, туттар да буолбуттара. Туох-баар содур быһыы, кэрэгэй кэмэлдьи кэлии нуучча хаайыылаахтарыттан төрүттэммитэ.
Тымныы тыйыс доҋдуга буруйдаахтары кэһэтээри ыыталлара. Сорох хаайыылаахтарга кэһэйиэхтээҕэр өссө манна ордук курдуга. Сөбүлээбит кыыстарын тутан ылан күүһүлээтэхтэринэ даҕаны көҥүл буолара.
Атаҕастаммыт дьон үҥүстэхтэринэ даҕаны дьыала оҥоһуллубакка хаалара.
Сытар ынаҕы туруорбат, сытыары-сымнаҕас, мас хайдыбытыныы көнө майгылаах саха омуга сыыйа сымыйалыырга, уорарга үөрэммитэ.
Ааннарын хатаабакка оттуу барар эбит буоллахтарына, ол быһыы-майгы кэрэгэй кэмэлдьи кэннэ хатанар буолбуттара. Арыгы диэн амырыын ас үөдүйбүтэ.
Арассыыйа баай батталыгар олорор кэмигэр, кыра-хара норуоту «хараҕын аһан» сырдыкка тардар үтүө санаалаах политсыылынайдар (судаарыскайдар) эмиэ бааллара. Ол гынан баран үгүстэрэ ааттаах күлүгээн атамааннара этилэр.
Түмпээйэптэр диэн ыаллар буруо таһаарынан олорбуттара сыччах буолла. Бүгүн кинилэргэ биир сыылынайы нэһилиэктэрин кинээһэ олохтоото. Ыаллар кыра биирдээх уоллара күөх харахтаах киһини көрөн атыҥыраан хаһыытыы түстэ. Оҕолор көрдөхтөрүнэ, били, кинилэр эбээлэрэ кэпсиир остуоруйатын абааһытын санатар киһи. Сирэйэ бар түү. Будьурҕай кыһыл баттаҕа арбайан абааһы уолун санатар.
Ыаллар олохторо бу тоҥ сүрэхтээх, чакыр моонньоҕон курдук харахтаах нуучча кэлиэҕиттэн айгыраата.
Сыылынай дьиэҕэ хаһаайын буолаары уонна дьону дьулатаары биир сахалыы билэр нуучча атаһын аҕалан тылбаастатан эттэрдэ:
— Здороваларын джиэлэхтэр. Этот Прохор этэр. Кини икки кисини елербютэ. Онон кинини ючюгэйдик асатын. А то кусаган, худо буолуога ону ейдеен.
— Ол кини саатар айаҕын туһугар оттоһоро буоллар, – ыал аҕата уоһа ибигирии-ибигирии саҥарар.
— Билбетим, кенники бейетин кытта кепсетерин.
— Тоҥ нуучча киһилиин хайдах кэпсэтэн өҋдөһөбүт?
Өлөрөбүн да диэтэҕинэ өҋдөөбөккө сөбүлэһэр дьоммут.
— Каҋдак эмит еҋдесүөххүт – Боруохар нуучча атаһа улахаҥҥа уурбаттыы этэр.
Нууччалара аһыы-аһыы дьаарбайан тахсар. Астара куһаҕан буоллаҕына киҥэ-наара холлор.
— Слушай старик, вот этого бычка надо забить! Мясо хочу кушать, – нуучча ыаллар борооскулара кэлэн турарын аҕаларыгар сүүскэ охсон көрдөрөр.
— Ыл нохоо, бу «тумус» көҕөччү көрө сытыйан тугу үлүгүнэйэн эрэрэ буолла. Биир сыл үөрэммитиҥ дии ..туох диирэ буолла? – аҕалара уон биэстээх уолуттан ыйытар.
— Аҕаа, ити оҕуспутун өлөрөн сиэҕиҥ диир.
— Эт эрэ нохоо, кыһын сиэхтээх идэһэбит диэ.
— Не наата сиима будим… – уол оҕуһу сүүскэ охсума диэн илиитин кириэстии далбаатанар.
— Зимой будете да? А что, до зимы голодать будем?Надоело мне ваша поганая каша.
— Иди Брохар, рыпку лови – уол ардьаах тууну ыйар.
Дьэ күн аайы итинник, ыар ыалдьыт нууччалара аһаан маҕалайа хаммат. Ыал биир лэппиэскэни үллэстэн сиир эбит буоллахтарына, Буруохар бүтүн лэппиэскэни соҕотох сиир.
Ийэлэрэ ааттаах тыллаах дьахтар бу нууччаны көрдөҕүнэ иэнэ кэдэҥэлиир. Саҥарсыан толлор. Көрүҥэ да улахана бэрт. Буолумуна, дойдутугар икки киһини өлөрбүт буоллаҕына биһигини «сайылаатаҕына” да көҥүлэ диэн салла саныыллар. Кинилэр киһи киһини өлөрөрө диэни баччааҥҥа диэри истэ иликтэр. Санаатахтарына дьулаан суол. Ийэлэрэ Сөдүөччүйэ баартаах баара син биир быгыалыыр. Кини бу туохха да топпот, ойоҕумсах нууччаны кыраан-таныйан бэйэтин өлөрүөн баҕарар. Ыал ийэтин да сүгүн сырытыннарбат кэлээри-бараары самыытын имэрийэн ылар. Аҕалара көрөн иһигэр кыбдьырынан, сымыһаҕын быһа ытырар.
Үнүр эбиитин уон аҕыстаах кыыстара ынах көрдүү бара сылдьан ытаан-соҥоон баар суох таҥаһын Буруохарга тырыта-хайыта тыыттаран кэлбитэ. Алааска саһа сытан эмискэ саба түһэн күүһүлүү сатаабыт. Бостуук уол кыыс хаһыытыырын истэн, атынан сүүрдэн кэлбитигэр тохтообут.
Иһигэр төһө да куттаннар Сөдүөччүйэ тыллаах баара өтөн ботугуруу сылдьар: “Буор сирэй Боруохар маҕалайыҥ туолбакка буору уобуоҥ эбээт. Икки хараҕыҥ дьүккэтэ тэһиннин. Буруоҕар тумнастыаҥ этэ…».
— Что там по-своему бурчишь, Феодосия аа?! Что Прохор? Любишь меня да? — Буруохар дьахтары самыыга охсор.
Биирдэ ыаллар оҕолуун-уруулуун бары оттуу бардылар. Ийэлэрэ аһылык буһара хаалла. Буруохар доҕоругар барбыта буолан баран төннөн кэллэ. Киэһэлик кэлбиттэрэ ийэлэрэ ытыы олорор.
Буруохар күн кыһалҕата суох чэпчээбиттии эһэ тэллэххэ өттүгэстээн сытар. Дьон да кэлбитигэр кыһаммат. Эһиги сордоохтор ол мин бэйэлээҕи хайыыр үһүгүөт» – диэбиттии көрөр. Аҕалара Добдук туох буолбутун сэрэйэн, итии хаана оонньоон кыынньан көймөстөр. Хаста даҕаны эһэ тайыытын киллэрэн өтөрү түһүөн баҕара сырытта. Оҕолор, хата, ийэбитин өлөрбөтөх диэн үөрэ санаатылар. Ол кэнниттэн Сөдүөччүйэ дьонун кытта оттоһо барар буолла.
Ити үлүгэр оҕуһу туруору туппут курдук нуучча саатар кэлэн от кыдамалаһыа эбит. Ийэлэрэ өйүө баахыла оҥорбутун аҥарын тутан хаалла. Киэһэ утуйалларыгар эмиэ биир эрэй. Кыра кыыстара ытаатаҕына Боруохар нуучча кыйаханан балаҕаннарын өһүөтүн буора саккырыар дылы үөгүлүүр. Оҕо барахсан куттанан ах барар. Бары да сүрэх ыарыһах буолаары гыннылар.
— Биирдэ эмит ити өлөрүөхсүтү дьууктуурум буолуо, – аҕалара оттуу сылдьан кыбдьырынар.
— Сордоох! Эр киһи буолаахтааҥҥын сырыы аайы өлөрүөх буолан саанаҕын. Көрдүҥ даҕаны эппэт кэлэҕэй буолаҕын, – Сөдүөччүйэ эрин сиилээбиттии эттэ. Киһитэ кырдьыгын этитэн, бөтө биэрдэрдэ.
— Аҕаа, ити нууччаны тыаҕа илдьэн муннаран кэбис, – обургу уоллара бэйэтин санаатын этэр.
— Тыаҕа миигин кытта туохтаан сии барсыай? — аҕалара мунаарбыттыы туттар.
— Күһүөрү эриэхэлии барыс диэ…
— Кинээһи кытта кэпсэтэн көрүллүө. Атын ыалга ыытара буоллар…
Киэһэ бүтэн дьиэлээтилэр. Оҕолор нууччаны көрүмээри отууга хоно хааллылар. Тиийбиттэрэ Боруохар суох. Били, амырыын атаһыгар барбыт диэн сабаҕалаатылар. Түүн итирик кэллэ. Сарылаан-орулаан айманар. Эмиэ даҕаны ытыыр курдук дьүһүлэнэр. Дьиэлээхтэр куттанан титирэһэ сыталлар. Боруохар долбууртан чорооннору, кытыйалары тоҕо солоон түһэрдэ.
Туох диэн муҥатыйарын дьиэлээхтэр өйдөөбөттөр. Дьоҕойон тылбаастыыр уоллара отууга хаалбыта.
— Мин саныахпар, арааһа, били доҕорун өлөрбүттэр — Сөдүөччүҋэ эрин кулгааҕар ботугуруур.
Сарсыарда аҕалара Добдук ыаллыы алааска, били, Боруохар атаһа олорор ыалыгар барда. Тиийбитэ дьон бөҕө мустубут. Кинээс, үрээнньик, хорохоот бааллар. Дьон үмүөрүспүт сиригэр тиийбитэ, дьулаан көстүү. Били кинилэр нууччаларын доҕоро тыатааҕы тайыытыгар атыллан сытар. Тайыы иһигэр батары киирэн, агдатынан курдары тахсан чоройо сылдьар.
— Бэйэтигэр тиийиннэ ини, билбэтим… – дьиэлээх киһи этэр.
— Хайдах курдары тахсыар диэри анньыныай?!Үчүгэйинэн билиниҥ! – үрээнньик дьорҕойор.
Хорохоот Боруохары аҕалан кэллэ. Боруохар кэпсииринэн, доҕорунаан арыгылаан баран дьиэлээбит, онтон сарылыырын истэн төннөн тиийбитэ киһитэ атыллан сытар үһү.
— Миигин кырбаабыта… Онтон куотан иһэн алҕас ити үҥүүнү үктээбитим, онно тэптиргэлэнэн түспүтэ.
— Так, так … бисигини кытта горадка барсаҕын. Онно бысаарыахпыт – хорохоот быһаарда. Дьиҥэр, дьиэлээх эмиэ атаҕастанарын тулуйбакка тыатааҕыны бултуур ньыматынан кыайбыта. Охсубутугар хардатын биэрбит даҕаны, хотуппатах. Сүүнэ киһи үөгүлээбитинэн эккирэппит. Дьиэлээх үөрүйэх сылбырҕа туттуунан балаҕан кэннигэр өйөнөн турар тайыытын сулбу таһыйан ылаат, сиргэ тирэннирэ охсон тоһуйан биэрбит. Аарыма хаайыылаах ыйааһынынан өтөрү түспүт. «Һһөх!» диэн бүтэй саҥаны кытта киһи атыллан үөрэҕэстэммит. Хаана тайыы мас угунан сүүрэр. Киһи ыраханнык тыыммытыгар дьабадьытынан хаана сынньылыйда. Ыйааһынынан баттаннаҕына тайыы дириҥник киирэн ньылҕарыйан түһэн истэ. Тайыы тимир уһуга курдары чоройон таҕыста. Нөрүйэн тураат, сууллан түстэ. Дьиэлээх куттанан төттөрү да хостооботоҕо. Боруохар сүүрэн кэлэн көрөөт, хаһыытаабытынан төттөрү куоппут.
Добдук биир уола ыаллыы алааска доҕорун көрсө барда. Тиийбитэ аҕалара нууччаны өлөрбүтүн иһин куоракка киллэрбиттэр. Нуучча бэйэтэ даҕаны эмиэ ыалы сордорун сордуур эбит. Охсоро тэбэрэ көҥүл буолбут. Ийэлэрэ ыксаан кулубаҕа тиийэн үҥсүбүтүн илиитин таһынан сапсыйбыт. «Тулуйа түһүҥ, сотору атын ыалга көһөрөн олохтуохпут» диэбит. Кулуба эмиэ хаайыылаахтары кытта быһаарсыан баҕарбата биллэр. Эчи нууччалыы да кыайан саҥарбат буолан, дьалты буола сатыыр.
— Ити нуучча диэн омуктар бары итинник холус майгылаахтара буолуо дуо? – Добдук уола доҕоруттан ыйытар. Уолаттар кыбыыга киирэн олорон кэпсэтэллэр.
— Атын ыал дьукаах нууччата үчүгэй сурахтаах. Олорор ыалыгар көмөлөһөн, үлэлээн сүрдээх эбит. Хортуоска уонна туох эрэ диэн астары үүннэрэн амсаппыт.
— Биһиэхэ олорор Боруохар эмиэ киибэстээх соҕус киһи. Тулуйарбытыттан аастыбыт. Тугу булбуппут, бултаабыппыт барыта кини айаҕынан ааһар.
— Багдайан хаҕа эрэ ини. Куттаҕас соҕус бадахтаах. Үнүр аҕам, били, нууччаны үөрэҕэстээбитигэр, хаһыытаабытынан атахха биллэрбитэ.
— Киниттэн быыһанар ньыманы биһиги да тобулуохха баара. Үнүр ийэбин… Арба, аҕаҥ нууччаны «дьакыйбытын» эн көрбүтүҥ дуо?
— Көрөн. Аҕам кыра да буоллар, ньымса туттуулаах эбит. Хаайыылаах охсо сатыыр даҕаны таппат. Аны аҕам охсор, табар даҕаны хотуппат. Охсуһууга күүс да наадата суох, сылбырҕа туттуу наада эбит. Аҕам балаҕаны тула куота сылдьара онтон хаайыылаах атыллыбыта эрэ баара. Аҕам ити тайыытынан тыатааҕы бөҕөнү бултаабыта. Кини да нууччаны тулуйа сатаан баран кыайда. Эдьиийбитин күүһүлээбитэ. Онтон үөрэнэн ойоҕун курдук тутар.
— Сайын ыһыахха Бүлтээски Бөҕөнү кытта киксиһиннэрэн хапсаҕайдаппыт киһи. Онтон устунан ити Буор сирэй Боруохары кутун-сүрүн тоһутуохха баара.
— Хата кырдьык, тугу эмит тобулуохпут – уолаттар өһү-сааһы ситиһэр санаа ылыннылар. Добдук обургу уола Куохаан сытыы соҕус буолан Боруохары кытта нууччалыы син балкыйан кэпсэтэр. Бу киһи туохха буруйданан хаайыылаах буолбутун ыйыппыта.
Боруохар биир дьахтары ойох ылаары сылдьан көрсүүтүн кытта туппут. Иккиэннэрин сүгэнэн кэрдитэлээн өлөрбүт. Биэс сыл дойдутугар хаайыыга олорбут. Майгыта-сигилитэ алдьанан, киҥэ-наара холлор идэлэммит. Онтон уурааҕын сороҕун толотторо манна көскө ыыппыттар. Ол дойдуга холоотоххо манна киниэхэ үчүгэй диэн этэр. Эбиитин манна олохсуйа хааларын саныыр. Киниттэн оннооҕор маннааҕы кинээс, кулуба утары көрбөккө сүрдэрин баттаталларыттан, санаата күүһүрбүтэ. Сахалары сэнии көрбүтэ. Манна олохсуйдаҕына дьиэ-уот туттан, сүөһү, сылгы ииттэн, сахалары төһө баҕар хамначчыт оҥостуон саныыр.
Ити доҕоро бокуонньуктуун былааннара элбэх этэ. Дойдуларыттан манна арааһы аҕалан, кыра норуоту төһө баҕар өйдөрүн сүүйэн олоруохпут диэн ыраланаллара. Саха киһитэ баттаммытын үҥүстэҕинэ даҕаны нуучча син биир быраап буоларын, кэтээн көрбүттэрэ. Нуучча хаайыылаах да буоллаҕына саха кинээһэ толлор курдугун сэрэйбэттээх буолуохтара дуо. Боруохар көрүҥүнэн туһанан, ханнык баҕар сахаҕа көбүөлээтэ да кута-сүрэ тосторун билэн, бэйэтин улаханнык сананар.
Атаһа бокуонньук манна эрдэ кэлбит буолан эмиэ итинник гынан өҥнөнөн олорбута. Боруохары сүбэлээбитэ. Доҕорун чөкчөҥө саҕа киһи кэбэҕэстик ат курдук атылыннаран кэбистэҕэ ити. Боруохар онтон улаханнык санаата түстэ. Сахалар бары кини сэнээбитин курдук буолбатах эбиттэр. Оннооҕор бу уон биэстээх уол кинини утары көрөн туран арааһы ыйытар. Хантан ылбыт күүстээх санаатай? Оннооҕор кинээс уу хараҕын утары көрбөт.
— Брохор, ты ысыаха будешь хапсагай, нашим борсом? – уол үтэн-анньан ыйытар.
— Да ты что! С кем? С тобой что ли? Знаешь сколько у меня вес.
— Нэ сомной, у нас одын болсой парень.
— Да брось ты. Где тут найдешь… – хаайыылаах сэнээбиттии иҥиэттэр.
Ыһыах буола турар. Куохаан уол Боруохары тылыгар киллэрэн аҕалбыта. Бүлтээски Бөҕө эмиэ улахан багдайбыт сахаҕа алаас аайы суох киһи.
Хаайыылаах нууччаны кытта холоһон көрөргө сөбүлэспит үһү. Боруохар мин эрэ диэбиттии түһүлгэлэр устун мөтөччү туттан хаамар. Эр дьонтон биир төбөнөн үрдүк буолан, сүөм үрдээбиттии туттар.
Сотору Бүлтээски Бөҕө кэлэн иһэрэ көһүннэ. Кини саха бөдөҥ киһитин сиэринэн наҕыл, холку майгылаах.
Боруохар кинини көрөөт күрдьүөттээбит оҕустуу ынан тиийдэ. «Тэгил тэҥнээҕим бу баар эбит» диэбиттии одуулуур. Иккиэн уҥуохтарынан тэҥнэр эбит. Бүлтээски туора хааман түһүлгэ диэки барда. Боруохар «миигиттэн чаҕы»ар эбит» дии санаата.
Кинилэр киирсэллэрин көрөөрү атын алаастан тиийэ кэлбиттэр.
Куохааскы көрдөҕүнэ, аҕыйах нуучча эмиэ баар. Боруохар курдук киһиргээн тиэриллэҥнээн хаамсыбаттар. Кэмниэ кэнэҕэс, хомнуо хойут икки тэгил тэҥнээх бөҕөс хапсаҕайга киирдилэр. Куохааскы уол биир балаҕаҥҥа бииргэ олорор бөҕөһүгэр буолбакка, саха боотуругар «ыалдьар». Мэктиэтигэр долгуйан өрө тыыммахтыыр. Боруохар доҋдутугар эмиэ тустар эбит. Курдаһан тустарын кэпсээбитин уол соччо өҋдөөбөтөҕө. Сахалары сэнээн аһаҕастык саҥарарын, киһиргэнэрин сөбүлээбэт. Бүлтээски Бөҕө кэһэтэ түһэригэр баҕарар.
Бөҕөстөр киирдилэр. Боруохар атахха киирбитин Бүлтээски туора хаамаат умса садьыйда, киһитэ ыйааһынынан умса туруйалаан сирэйинэн кырыһы хоруйа түстэ. Айаҕыттан оту тибиирбитигэр, дьон күлсэ түстүлэр. Боруохар кыыһыран сирэйэ кытарбыт. Хапсаҕай диэни билбэт буолан, Бүлтээскигэ өссө киирэ сатыыр. Судьуйа киһи:
— Тохтоо эрэ доҕор! Бу да киһи, хоттордуҥ ди… Этиҥ эрэ бу нууччаҕа, ким билэрий? – тардыалаһа сатаабытын Боруохар садьыйбытыгар тэмтэрийбитинэн олоро түстэ. Бөҕөстөр эмиэ хапсан ыллылар. Нуучча сиһиттэн ылан тиэрэ тардан охторон эрдэҕинэ, Бүлтээски охтон иһэн бэйэтин эргитэн түһэрдэ. Нуучча бөҕөһө туран баран эмиэ киирдэ. Судьуйа “чэ көрүлээтиннэр» диэбиттии буойбакка турда. Боруохар утарылаһааччытын сүнньүттэн ылаары күүскэ охсуолуур. Онтон Бүлтээски Бөҕө киһи эрэ буоллар кыйаханна. Умса нөрүйэн киирэн харбаан ылла. Өрө баһан таһааран салгыҥҥа тэлэхэчитэ түһээт, төбөтүн оройунан чигдигэ түһэрдэ. Сүүһүнэн киилэ ыйааһыннаах киһи сүнньүн доргутан дөйүөрэн сытта.
Сотору туран баһын илгиһиннэ. Оргууй тэбэнээт, кэлбит алааһын диэки хаамта.
Күһүөрү Боруохар олорор ыала отторун тирбэҕэлии барбыттарыгар эмиэ соҕотоҕун хаалбыта. Ийэлэрэ эмиэ дьуккаах нууччаттан күрэнэн дьиэтигэр хаалбат буолбута. Нуучча бэс үөрэттэн тар хааһыттан салгыбыта. Туулаабыта буолбута да, сүрэҕэлдьээн, баран көрбөт. Ардьаах туу алдьаммытын оннооҕор үнүр дьиэлээххэ Добдукка абырахтаппыта. Бэйэтэ мас салаҥ киһи.
Добдук бастаан нууччалар бары манныктара буолуо дии саныыра. Нууччаларга да үтүө дьон баар эбит. Ыаллыы алааска үнүр үөлээннээҕэр бара сылдьыбыта. Биир нуучча сыылынайы кинилэргэ олохтообуттар. Ол нууччалара олбуордарын буорун сүргэйэн тугу эрэ үлэлии сылдьарын Добдук сөҕө көрбүтэ. Кини санаатыгар нуучча буолла да сидьиҥ, бардам курдук көстөрө.
Үөлээннээҕэ дьукаах нууччатын туһунан киэн туттардыы кэпсээбитэ. Добдук сөҕүөн иһин, дьукаахтарын атын ыалга олохтуохтара диэн куттаналлар эбит. Үөлээннээҕэ кэпсииринэн, нуучча Уйбаан мындыр киһи эбит. Талаҕынан иһити, харсыынаны баайар, тууну бэркэ өрөр эбит. Кылынан илим өрөн абыраабыт. Уонна оҕуруот аһа, хортуоппуй олордубут. Добдукка амсаттылар. Арыыга булаан буһарбыттара минньигэһин эриэхсит. «Ол итинник үтүө нуучча туох буруйугар хаайыыллыбытый?» – Добдук үөлээннээхпин хаайдым ини туох диир эбит диэбиттии көрбүтэ. Хата, киһитэ күлэн мүчүйээт: “Кини биһиги курдук кыра-хара норуоту көмүскэһэн тыл эппит» — үөлээннээҕэ дьукааҕын туһунан элбэҕи кэпсээбитэ.
Уйбаан талаҕынан иэҕэн баайбыт сиэккэтигэр үөлээннээҕэ хортуоппуй диэн астарын хаалаан бэрсэн ыыппыта. Сиэккэтин «төттөрү аҕалан биэриэм» – диэбитин үөлээннээҕэ: «Бэйэҕэр ыл, Нуучча Уйбаан итинниги ааһан иһэн баайар” – диэбитэ. Добдук «үтүө да нуучча олохсуйбут” – иһигэр ордугургуу санаабыта.
Ыаллар киэһэ оттоон бүтэн кэлбиттэрэ, дьуккаахтара Боруохар идэһэ оҥостуохтаах оҕус борооскуларын өлөрбүт. Тириитин сүлбэккэ эрэ иһин хайытан быарын хостоон үтэн сии олорор. Добдук ону көрөн айаҕын атта. Сэҥийэтэ эйэҥэлээтэ:
— Аанай-туонай! Абаккам да баар буолар эбит. Туох дьиикэй урдуһа буулаата. Кимнээх буолан кимим кэлэн көмүскэһиэй, дурда-хахха буолуой! Суох мин тулуйарбыттан аастым! – Добдук сүллүгэһи харбаан ылан маҕыйа түһээт, сыылынайы сырбатта. Боруохар харытын тоһуйан биэрдэ да мас мутугунан чабырҕайга таппыта хаан тыга түстэ. Тэмтээкэйдээн кэлэн Добдугу хабарҕалаата. Аҕалара үрүҥүнэн-харанан көрбүтүгэр Куохааскы Боруохары кэнниттэн сапта түстэ. Хатааста сылдьан бэйэтин тыынын хаайа сатыыр да, күүһэ тиийээхтээбэт. Эрэ ампаар эркинигэр кэтэҕинэн сыһыары анньыллан тыына хааттаран бобуллаҥныырын Сөдүөччүйэ көрдө. Сыпсыны харбаан ылан сыылынайы төбөҕө сырбатта. Киһилэрэ сарылаабытынан аттыы түстэ. Добдук эмиэ нукус гынна. Куохааскы ийэтиттэн сыпсыны сулбу таһыйан ылаат, тоҥхойон турар нууччаны сүнньүгэ биэрдэ. Аарыма бөдөҥ киһи дьэ кэбирэх сиргэ таптаран, тыла суох баран түстэ. Барбатах балык миинин курдугунан өлбөөдүччү көрөн уунан сытта. Ыаллар ыҥырыга суох дьукаахтарын өлөрдүбүт диэн куттаннылар. Кыра бэдиктэр үгэх быыһыттан өҥөҥнөһөн кылахачыһаллар. Боруохар сыппахтыы түһээт хамсаата.
— Дьэ өлбөт үөстээх үөн буолуо – аҕалара көҕөрбүт моонньун имэриммэхтиир.
— Ийээ, Бүлтээски Бөҕөнү ыҥыран кэлэбит дуо?Билигин турдаҕына бэйэбитин өлөртүө – кыыстара куттанан сирэйин саба туттан, тарбаҕын быыһынан көрөр.
— Ханна даҕаны барымаҥ, ыҥырымаҥ! Турдаҕына хайыыр эбит! Көрүллүө! – Куохааскы хатыҥыр бэйэтэ уола хаан көрүҥнэммит. Сирэйэ-хараҕа турбут. Аҕата уолун астына көрдө. Боруохар баһын буккуйа олорбохтуу түһээт, туран саҥата суох уу истэ.
Куохааскы хайыыр эбит диэбиттии тыҥаан, кэтээн турда. Сыылынай кута-сүрэ тостубут көрүҥнээх. Уол эр ылан эттэ:
— Брохар, нас нэ турогаҋ, и мы нэ турогай – иди другой алаас, другой дом – олуттаҕас да буоллар нуучча син өйдүүр. Тугу да саҥарбат. Сарсыныгар кинээс кэллэ. Ыаллара дьукаах нууччаларын көмөлөөн кэһэппиттэрин кимтэн эрэ истибит. Киирээт хаайыылаах сирэйэ-хараҕа дьүккүрүйбүтүн, арбы-сарбы буолбутун көрөн кулук-халык туттара ханан да суох буолла. Кини бу икки оҕуһу туруору туппут курдук нууччалартан сүрүн баттатара. Кинээһи да ахсарбат хаайыылаахтартан саллара. Үнүр биирдэһин боҕутуннарбыттарыттан иһигэр үөрэ санаабыта. Араас хаайыылаахтары соҕуруу дойдуттан ыыталларын сөбүлээбэтэ. Кинилэри манна эмиэ дьаһайан олохтууруҥ сытар. Кинээс манна кэлэригэр хаайыылаахтан сэрэхэчийбитэ. Киҥэ-наара холлон олорор киһиттэн тугу баҕар күүтүөххэ сөп диэн быһыччатын кыыныгар уктан кэлбитэ. Нуучча үүтүн тохпут оҕолуу туттан олорорун көрөн, чыыннаҕын дьэ санаан мөтөччү туттубута.
— Хайа, туоххутун үллэстибэтигит? Дьукааххытын тоҕо тараах иэннээтигит, этирик түөстээтигит?
— Идэһэлэниэхтээх оҕуспутун өлөрөн астаан сиэбитин, кыратык дьарыйдыбыт.
— Так, так дьэ дьыала эбит.
— Туох дьыалата? Бэрт киһи кинээс кини оннугар миигин хаайыыга уктар – Добдук синигэр түспүт.
— Чэ ээх. Кинилэр да үтэһэлэрэ туолар буоллаҕа дии. Туох барыта иэстэбиллээх.
— Ити киһигин атын ыалга олохтоо. Сүгүн буолан тапсыа суохпут.
— Бэйи кимнээххэ олохтуохха сөбүй? Били, Күлтээски Бөҕөҕө илдьиэххэ дуу…
— Сөбө бороҕон, онно илдьэн биэр. Дьэ икки тэгил тэҥнээхтэр көрүлээтиннэр – Добдук көх-нэм буолла.
Сабиэлийэп, ты будись сить Бүлтээски Бөгө – кинээс нууччалыы дьэ хайдах билэбиний диэбиттии дьиэлээхтэри кэриччи көрөр.
— Не, я с ним не буду жить…
— Буду, не буду, куда поҋдүөс … Тагда шаману будись.
— Лучше к шаману.
— Шаману? — кинээс баламат санаалаах киһиттэн сөхтө.
Боруохар киһи эрэ буоллар тэгил тэҥнээҕэр Бүлтээски Бөҕөҕө дьукаах барыан саллыбыта.
Саха итэҕэлин, ойуунун итэҕэйбэт буолан, Суһумнаах ойууҥҥа барсарга сөбүлэспитэ. Хараҥа норуот туох аанньа куттаахтар, дьайдаахтар үһү диэн долоҕойугар да оҕустаран көрбөт.
Суһумнаах ойуун көтүтэринэн аатырбыт ойуун эбит. Хараҥаҕа көрдөххө кырдьаҕас кэлэн иһэрэ тулата суһумнаан көстөр үһү. Оннооҕор кинээс саллан иһэр.
Ыалтан ойуччу кыра алааска кыстык угун саҕа балаҕаҥҥа кэллилэр. Кинээс нууччалыын киирэн кэлбиттэригэр ойуун эмээхсинэ өмүрэн өрө татакалыы түстэ:
— Оо бачах күтүр! Арбай баттах, күөх харах! Кыһыл бытык! Эчи арах!.. – эмээхсин үгэҕэр түстэ.
Ойуун дьон киирдэ диэн, хата, хайыһан да көрбөт. Бүппүт хамсатын соппойбохтоот, тэбиир. Кинээс билэрэ бэрт буолан, омнуолуу санаабата.
Боруохар, оҕонньор баардылаабатаҕар кыйахана санаата.
— Нөрүөн нөргүй, кырдьаҕаас. Куораттан Хорохоот илдьит аҕалла. Бу нууччаны эйиэхэ олохтоон эриэхпит – кинээс куораттан диэн эбэн эттэ.
Ойуун балаҕан өһүөтүгэр оройунан тиийэр нууччаны дьэ саҥа көрбүттүү одуулаата. Боруохар эмиэ өтөрү көрдө. Ойуун бэдэр хараҕын курдугунан өтөрү көрдө
уонна дьулатаары айаҕын аппыта икки сатарахтаах эриэн үөн тыла быгыалыы сырытта. Нуучча дьулайан хараҕын куоттарда.
— Ол хаһан харахтаабыт урдуспун мин уораҕайбар аҕаллыҥ?!
— Аҕыйах кэмҥэ олордон эр. Куораттан кэлэн ылыахтара. Кырдьаҕас, мин эн түһээҥҥин бэйэм төлүөм.
— Хайдах айах атан, сыҥаах хоҥнорон өйдөһөбүт?
— Ол кинилиин туох улаханы сэлэһиэххиний? Илиигитинэн, атаххытынан хайдах эмит өйдөһөр инигит.
Боруохар ойуун балаҕаныгар олорбута уонча хонно. Барыта дьэки-курус. Ыаллар иккиэйэхтэр. Нууччаны кытта айах атан кэпсэппэттэр. Аһылыгы эмээхсин нууччаҕа туспа бэлэмнээн баран сандалы дьиэки ыйан эрэ кэбиһэр. Биирдэ ойууҥҥа икки уол кэллэ. Биирдэһэ Боруохар билэр уола Куохааскы уол эбит. Сыылынай билэр киһитин көрөн кэпсэттэ. Ыарыһаҕы ойууҥҥа көрүүлэтээри илдьит тиэрдэ кэлбиттэр. Уол хаайыылаах нууччаттан куттанан, Куохааскыны доҕор оҥостон илдьэ кэлбит. Боруохар кининэн ойууҥҥа тылбаастатта.
Ойуун көрүүлэнэрин көрүөн баҕарарын эттэ.
Уол ойууҥҥа ылыннарыылаах соҕустук тылбаастаабытыгар, сөбүлэһэн кэҕис эрэ гынна.
Суһумнаах ойуун кыырарын көрөөрү дьон бөҕө мустубут. Кэчигирэһэн олороллор. Кустар быыстарыгар хаас түһэн олорорун курдук кинилэр ортолоругар сыылынай Боруохар олорор. Ойуун дьиэни сэргээбэтэр да, тэһийбэккэ дьону-сэргэни көрө кэлбитэ. Дьон ойууну толло көрөллөрүн нуучча бэлиэтии көрдө. Кэҥэс балаҕаҥҥа ыарыһах сытар. Дьон иһийэн чуумпурбут. Ойуун кыаһааннарын тыаһа эрэ кылырдыыр. Суһумнаах дүҥүрүнэн дэгэрэҥнэтэн сыыйа кутуран, илгистэн барда. Боруохар көрүөхтэн сүөргү арбайбыт суһуохтаах ойууну көрөн, тулуйбакка күлэн тоҕо барда. Дьон соһуйан куттаммыттыы ойууну, эмиэ да нууччаны көрөллөр. Ойуун тохтуу түстэ, эмискэ хайыһан нууччаны көрдө. Былаайаҕынан уунан Боруохары сутурҕаата. Боруохар анныттан уу оргуйан тахсан, үрэхтии халыйда .Онуоха олорор биллэригэр ойон таҕыста. Кини көрдөҕүнэ, атын дьон кыһаммакка олороллор. Аны үөннэр кыймаҥнаһан киниэхэ ууммахтаһаллар. Боруохар халҕаны былдьаста. Ааны арыйбыта сүүнэ улахан хагдаҥ эһэ таһыттан таҥнары өҥөйөн турар эбит. Боруохар хаһыытаабытынан дьон ортотугар биирдэ баар буолла. Куохааскы доҕорунуун күлээри ыгыстан айахтарын нэһиилэ бүөлэнэн олордулар.
Ойуун кыыран бүтэн, ыарыһаҕы дьалбыйан эмтээтэ.
Дьон тарҕастылар. Боруохар туох буолбутун Куохааскыттан ыйытта. Ойуун хараҕын баайбытын эппитигэр, бэйэтин быһыытыттан кыбыһынна. Боруохар сахалары сэнээн, сэттэтин ылан, сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьар буолла. Ыал олоҕун аймаабытын тулуйа сатаан баран бэйэтин дьүүллээбиттэрэ, боҕутуннарбыттара. Ойууну күлбүтэ ой-бото киниэхэ үөрэх буолан дьиэлийдэ. Түүн аанньа утуйбат буолбут.
Нуктаан барда да аарыма хагдаҥ эһэ айаҕын аппытынан хабарҕатын хадьырыйа сатыыр. Ойуун хараҕын толлон утары көрбөт буолбут. Балаҕан иһигэр Суһумнаах ойуун баарыгар хулук-халык туттар. Хас да күн аанньа утуйбакка гынан баран, Нуучча Уйбааҥҥа сүбэлэтэ ааттаан барда. Кыһалҕатын туох баарынан кэпсээтэ. Нуучча Уйбаан ахсым атаһын сүбэлиир:
— Эн бу олохтоох омугу кыра-хара норуот диэн сэниириҥ сыыһа. Кинилэр даҕаны куттаахтар-сүрдээхтэр. Үҥэр үрдүк айыылаахтар. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх, иэстэбиллээх. Бу уорар-талыыр, сымыйалыыр, арыгы диэни билбэт сахалары биһиги киэҥ сиртэн кэлэн араас куһаҕаҥҥа үөрэттибит. Сахалар биһиги курдук ньуолбардык албынныыр диэни билбэттэр. Мас көнө майгылаах этилэр. Эн Прохор айыыҥ-хараҥ тардан аанньа утуйбат буолбуккун.
Таҥараһыт аҕабыыкка буолбакка, ол кырдьаҕас ойууҥҥа дьалбыттаран көр – Уйбаан өйдөтөрдүү быһаарар. Иккиэн нууччалыы кэпсэтэллэр.
— Кини биһиги тылбытын өйдөөбөт, илиибитинэн күннээҕи кыһалҕабытын нэһиилэ быһаарсабыт.
— Кими эмит булан кэпсэтэн тылбаастат.
Саараатар даҕаны Боруохар, эрдэ дьукаах олорбут ыалыгар Добдуктаахха барда. Балаҕаннарыгар киирбитигэр оҕолор үгэххэ түстүлэр. Дьиэлээхтэртэн уолларын Куохааскыны ойууҥҥа тылбаасчытынан кэпсэттэ. Дьэ аанньа ахтар, киһилии кэпсэтэр буолбутун сөхтүлэр. Куохааскы уол сөбүлэһэн барсар буолла. Куохааскы Боруохардыын ойууҥҥа барсан, дьукаах нууччата туох көрдөһүүлээҕин эттэ:
— Кырдьаҕаас, бу дьукааҕыҥ Боруохар сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэтэ хоҥкуйан көрдөһөр. Айыытын-харатын билинэн иһигэр былас муостаах адьарай абааһы киирбитин ыраастатыан, дьалбыйтарыан баҕарар. Эрэйдэнэн көрөргөр уонна кэрэгэй кэмэлдьитин санааҕар туппаккар көрдөһөр – уол сааһыгар холооно суохтук улахан киһилии саҥарар.
Суһумнаах ойуун дьукааҕын саҥа көрбүттүү өтөрү көрдө. Киһитэ умса көрөн бытыгын имэринэр.
Ойуун хамсалаах табах быстыҥа ырааҕы анааран эрэрдии туттан олордо. Куохааскы тэһийбэккэ буолунарын дуу, батарын дуу ыйытаары гынан эрдэҕинэ кырдьаҕастара дьэ сөҥөдүйдэ:
— Ол улуу дьаалы омук абааһытын мин анныбыттан арыаллааччыларым, үрдүбүнэн күпсүһэ көтөөччүлэрим кыайаллара-хотоллоро эбитэ дуу… Эрэйдэнэн да баҕалаан көрүөҕүм. Эмиэ чэгиэн эппин сэймэктэтэр буолбуппун! Ычча. Эчи арах! – ойуун үлүгүнэйэн саҥарбытыгар Куохааскы куттана быһыытыйда.
Ойуун көрүүлэнэн, Боруохары куһаҕан кэмэлдьитин ыраастаабыта. Дьон ойуун кыырарын көрөөрүлэр тоҕуоруспуттара. Ойуун кыыран илгистэн бүтээт, Боруохары үрэн кэбиспитэ сүүнэ киһи сүллүгэһинэн охсубуттааҕар кэбирэхтик сууллан истэҕинэ, кутуруксут уол хабан ылан, өйөөн биллэриккэ сытыарбыта. Ол кэннэ Боруохар дьыбардаахха эппэт-тыыммат буолбута. Түөһүн мөтөччү туттан хаамара уурайбыта. Кэлин атын нэһилиэккэ да баран, сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт буолан сылдьыбыта. Ахсыма ааһан, айааһаммыт сылгылыы сыһыйбыта.

Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, edersaas.ru

Уруһуй интэриниэттэн туһанылынна.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0