Билиҥҥи кэмҥэ киһи барыта блог арыныан, ыытыан сөптөөх – баҕалаах эрэ буолуохха наада. Бу маны хас биирдии киһи олохтон үөрэрин, буолбут түгэннэртэн түмүк оҥосторун, кэрэни үксэтэрин, көрдөрөрүн, туһалааҕы кытта үллэстэрин курдук өйдүөххэ сөп. Бүгүн билсэр блогербыт социальнай ситим нөҥүө оҕуруот аһыттан араас бүлүүдэлэри астаан дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, ыарахан кэмҥэ уоскулаҥын булбут Тааттаттан төрүттээх эдэр ыал ийэтэ — Юлия Голикова буолар.
Кини — Таатта улууһун Ытык-Күөл нэһилиэгин олохтооҕо, эдэр ийэ. Сайын ахсын оҕуруот аһын олордон дьиэлээхтэрин күндүлүүр. Быйыл ол табыгаһын интэриниэт ситимигэр таһааран, дьону — сэргэни кытта үллэстэн блогер аатын сүктэ. Ол курдук, Юля блогар араас оҕуруот аһыттан астаммыт заготовкалар рецептэрин, күннээҕигэ туттуллар ас арааһын сурутааччыларыгар сырдатар. Юля куйаар ситимигэр баар сирэйин ээр-сэмээр арыйан көрдөххө урукку кэм, ийэлэрбит, эбэлэрбит эдэр эрдэҕинээҕи тыыннара күөдьүйэр. Урут дьоно туттубут иһиттэрэ-хомуостара, туттар тэриллэрэ хас биирдии ааҕааччыга хатыламмат оҕо сааһын санаппыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Билигин хас биирдии хаһаайка, дьиэ кэргэн остуол тула мустар сирин, куухунаны, киэргэтэр, симиир. Аныгылыы истииллээх, табыгастаах гына оҥостор. Онтон бүгүҥҥү дьоруойбут улахан баҕа санаата — урукку кэмнээҕи тыыннаах куукунаны тэрийии.
Дьоллоох оҕо саас туһунан
— Мин төрөппүттэрим миэхэ уонна бырааппар саамай дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ. Оҕо сааһым эриэккэс күннэрэ төрөппүттэрим баар буоланнар сырдык күннээх сайыҥҥы куйаас күн курдук ааспыта. Ол кэмҥэ хас биирдии дьиэ кэргэн күннээҕи ситиһиилэрин, сонуннарын үллэстэ куухунаҕа мустар буолаллара. Куухуна — дьиэ кэргэн мустар сирэ, сүрэҕэ. Бу барыта миэхэ истиҥ кэпсэтиилэри, ийэм минньигэс аһын, үөрбүт- көппүт эдэр төрөппүттэрбин санатар. Хомойуох иһин, төрөппүттэрим 2021 биир сыллаахха соһуччу утуу-субуу күн сириттэн күрэнээхтээбиттэрэ. Ыар сүтүкпүн кэриэстээн эбитэ дуу, оҕо сааспын, төрөппүттэбин ахта саныы сылдьар киһи буоламмын дуу кинилэр урут туттубут малларын, ийэм рецептэрин күннээҕи олохпор туттабын. Уонна “урукку тыыннаах сайыҥҥы кухня” диэн этииннэн блогпун арыйбытым. Блогпун дьонум олохторун үйэтитэр уонна кинилэри сүтэрбит аһыыбын намтатар сыаллаах арыммытым.
— Блогуҥ эйиэхэ чэпчииргэр, санааҥ сааһыланарыгар көмөлөстө дуо?
— Төрөппүттэрим соһуччу күн сириттэн барбыттарын кэннэ киһи тылынан эппэт ыарахан түгэннэрэ буола сылдьыбыттара.
Сайын санаабын чэпчэтээри блог астыбытым. Дьон мин заготовкаларбынан, рецептэрбинэн туһанарыттан санаам көтөҕүллэр, аралдьыйабын да диэххэ сөп. Кыайан этиллибэтэх баҕа санаабын диэххэ дуу, саптан баран сылдьыбыппын санааларбын арыйарга үөрэммитим. Уопсайынан эттэххэ, дьонтон куттаммакка санаабын этэн, ыарахан кэмнэрбин аһарынар буолбутум. Сурутааччыларбар махталым муҥура суох.
Умуллубут оһох модьоҕото төһө да үрбүтүҥ иһин күөдьүйэн кэлиэ суоҕа диэн Софрон Данилов бэлиэтээн кэллим. Ол курдук, ыалдьыппыт төһө да ааспыты аҕыннар, төннөрүөн баҕардар, кини күүстээх, булгуруйбат санаатынан олорор, кырдьыгы эрдээхтик дакаастыырга соруммут кэрэ аҥаар. Олох остуол ньуурун курдук көнө, эриэ – дэхси буолбатын, олус тыйыс буоларын этинэн – хаанынан билбит киһи.
-Аҕам дьон илиититтэн суох буолбута өссө эбии ыарыылаах. Ол эрээри, хайаан да кырдьык күөрэйиэ диэн эрэнэбин. Аҕам чиэһин, сырдык аатын хайаан да көмүскүөҕүм, туруулаһыаҕым. Ону таһынан, аймана сылдьар дууһата уоскуйуон баҕарабын. Биллэн турар, кини мин өйбөр – санаабар, сүрэхпэр – тыыннаах. Билигин күүстээх тапталы иҥэрэр, олох сырдыгын көрдөрөр дьонум – күндүн кэргэним уонна кыраччан оҕом буолаллар.
Дьиэбитигэр килиэби астыахха
Эдэр ийэ Юлия Голикова куйаар ситимин тус сирэйигэр олоҕуттан кэпсээннэри эрэ буолбакка, араас рецептэри, эдэр ийэҕэ сүбэлэри булуохха сөп. Ол курдук, Юлия Голиковаттан “дьиэ килиэбин” рецебэ:
Биһиэхэ наада:
Сылаас үүт 500 мл.
Туус 1 ст.нь.
Сахар 1 ст.нь.
Дрожжи 1 пачка
Мас арыыта 2 ст.нь.
Бурдук 800-850 гр.
Бастаан сылаас үүппүтүн муос иһиккэ кутабыт уонна ингредиеннарбытын кутан доруоһабыт суураллыар дылы буккуйабыт. Бурдукпутун аа-дьуо кутан саҕалыыбыт, бу иннинэ венчик көмөтүн туһаммыт буоллахпытына, билигин ньуоскаҕа көһөбүт. Биир маасса буоллаҕына, 30 мүнүүтэҕэ туруора түһэбит. Тиэстэбит иккис тахсааһыныгар 180 кыраадыска 1 чааска угабыт. Буһан тахсыбытын кэннэ үрдүн ынах арыытынан биһиэххэ сөп уонна өссө биир чааска сойута хаалларабыт. Ийэлэрбит астаабыт олус минньигэс килиэптэрэ бэлэм буолла!
Көрсүө-сэмэй бэйэлээх кэрэ аҥарга олоҕугар дьолу, табыллыыны, кытаанах санааны баҕара эрэ хаалыаҕыҥ!