Cыаналаах бэлэҕи ылан үлэттэн утаарыллыахха сөп

Бөлөххө киир:

Быраастарга, учууталларга уонна да атын судаарыстыбаннай уорганнар бэрэстэбиитэллэригэр коррупцияны утары стандартар киллэриллиэхтэрин сөп. Ол эбэтэр, РФ бырабыыталыстыбата бу сыл сэтинньитигэр коррупцияны утары стандартар тустарынан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киллэрбит сокуонун барыла ылылыннаҕына, быраастар уонна учууталлар сибэкки дьөрбөтүттэн уонна канцелярскай, бэчээт бородууксуйатыттан ураты атын бэлэхтэри ылаллара көҥүллэниэ суохтаах.

edersaas.ru

Маннык сабаҕалааһыны РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин судаарыстыбаннай сулууспаны сайыннарар департаменын дириэктэрэ Дмитрий Баснак “РИА Новости” интервьютугар оҥордо. Кини  эппитинэн, коррупцияны утары стандартар, урукку курдук, федеральнай сулууспалаахтарга эрэ буолбакка, бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэргэ, структураларга киллэриллиэхтэрэ.

Д.Баснак:Арассыыйа Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ арыгыны сиэри таһынан иһии доруобуйаҕа буортулааҕын туһунан куруук сэрэтэр”, — диэн бырааска коньяк бытыылкатын бэлэхтээһин уруккуттан да сөбө суоҕун холобурдаата.

Билигин учууталларга уонна быраастарга сыһыаннаах Гражданскай кодекс 575 ыстатыйатынан сибээстээн, култуура, үөрэхтээһин уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр 3 тыһыынчаттан тахса суумалаах бэлэҕи оҥорор көҥүллэммэт. Онон, инникитин киллэриллибит стандартары тутуспатахтарына, үлэһиттэр сэмэҕэ тардыллар кутталлаахтар. Онуоха үлэни биэрээччи сэмэлиирин, быыгабардыырын эбэтэр үлэттэн ууратарын бэйэтэ быһаарар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0