Cуруналыыс хоһооннорун хомуурунньуга күн сирин көрдө

26.08.2019
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэтэрээннэрин бочуоттаах үлэһитэ Андрей Иванович Мартынов «»Саҥа күн» диэн хоһооннорун кинигэтэ күн сирин көрдө. 

edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат

“Тапталгытын харыстааҥ уонна сүрэххит тэбэрин тухары Тапталы өрө тутуҥ. Таптал эйигиттэн элбэх билиини-көрүүнү, ис култуураны, истиҥ сыһыаны эрэйэр. Маны тэҥэ, муҥура суох бэриниилээх буолууну. Маны барытын баһылаабыт киһи уобарастааһын эйгэтигэр эрэллээхтик устар, тимирэн эрээччини көҥүл быыһыыр кыахтанар”, — диэн Саха сирин норуодунай суруйааччыта Иван Мигалкин хоһоон хомоҕой хонуутугар киирээччилэргэ сүбэ-ама тылларын этэн турар.
Кырдьыга да, Андрей Мартынов “Саҥа күн” диэн хоһооннорун хомуурунньугун ааҕа олорон, олоҕу бары өттүнэн таптыыр, тапталга муҥура суох бэриниилээх буолуу үтүө холобурдарын кини хоһоонноругар элбэҕи булаҕын. Андрей Иванович хоһоонноро “тимирэн эрээччини быыһыыр кыахтаахтар” – холкулар, киһиэхэ уоскулаҥы биэрэллэр, орто дойду олоҕор, дьон сыһыаныгар наар үчүгэйи эрэ булан көрөргө үөрэтэллэр.

Мин кинини хас да сыл “Саха сирэ” уонна “Ил Түмэн” хаһыаттар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэринэн үлэлээбитинэн билэбин. Күннээҕи олоҕу кэрэхсэбиллээхтик сэһэргиир эбэтэр тыын кыһалҕалары туруорсар суруйуулардаах ааптарбытын хоһоонньут буоларын билбэтэхпин. Кини – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.  “Сайын” диэн бастакы хоһооно 1961 сыллаахха бэчээттэммитэ. “Саҥа күн” – сэттис кинигэтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэтэрээннэрин бочуоттаах үлэһитэ Андрей Иванович оннук сэмэй киһи эбит. Ньурба улууһуттан төрүттээх Андрей Мартынов СГУ историческай салаатын бүтэрбитэ. Сүлэҕэ, Дьиикимдэҕэ учууталлаабыта. Хомсомуол, баартыйа үлэһитэ этэ. Өр кэмҥэ улууһун дьаһалтатыгар араас дуоһунаска үлэлээбитэ.
Кинигэҕэ киирбит 50 хоһоон тухары болҕомтолоох ааҕааччы кинигэ ааптара кэргэнигэр, үс оҕотугар, сиэннэригэр тапталын итиэннэ бар дьонугар эппэтэх истиҥ иэйиилэрин булан ааҕарыгар саарбахтаабаппын.

“Тапталы саас ыллар даҕаны,
Тохтообот, сүрэҕим тэбиэлиир,
Тапталым бытаардар даҕаны,
Таптаһыах сүрэҕим кэйиэлиир”.

Ол курдук, кини хоһоонноругар чугас дьонугар тапталын сэргэ, төрөөбүт алааска сүгүрүйүү, сахалыы майгыга сиэрдээхтик иитиллии, туохха барытыгар харыстабыллаах сыһыан, дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастабыл түгэннэрин хайаан да булаҕын. Кини орто дойдуга бэриллибит хас биирдии күнтэн үөрэр, күүс-уох ылар:

“Саҥа күн, саҥа күн,
Санааларбын көтөҕөр күн.
Саха дьонун үөрдэр күн
Сайдыы суолун аһар күн”.

Ааптар хоһоонноро олох ыарахан түгэннэригэр мөлтөөн биэрбэккэ, инники эрэллээх, сырдыкка, кэрэҕэ мэлдьи дьулуһарга үөрэтэллэр.

“Сарсыарда атын да буоларын биллим,
Саха дьонугар үтүөнү-кэрэни баҕараҕын.
Сытар ыарыһаҕы туруораргын көрдүм,
Санааларын көтөҕөн сырдыыргын сөҕөбүн”.

Андрей Мартынов, биир хоһоонугар хоһуйбутун курдук, айар үлэтинэн сахатын дьонугар үтүөнү-кэрэни эрэ кэрэһилии турдун!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0