Төһө да сайыммыт аастар, эһиил эмиэ кэлиэ турдаҕа. Онон, ааспыт сайын дойдубар бара сылдьан көрбүт, кэпсэппит оҕуруотчутум уопутун туһунан суруйарга сананным.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Сунтаар улууһугар ааспыт сыл Гражданскай көҕүлээһин сылынан биллэриллэн, элбэх тэрээһин ыытылынна, дьон көҕө да улаатта. Василий Николаевич Хаптасов үүнээйини олордуу саҥа технологиятын дьоҥҥо тарҕаппытын иһин, сыл түмүгүнэн «Уопсастыбаннай көҕүлээһин лидерэ» диэн анал ааты ылан, үөрүүтэ үксээтэ.
Василий Хаптасов – Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо. Кини былырыыҥҥыттан ыла оҕуруот аһын олордуунан ыкса дьарыктаммыт. Кыһыны быһа интэриниэттэн, араас кинигэлэртэн хасыһан, Саха сирин усулуобуйатыгар табыгастаах ньымалары үөрэппит, чинчийбит. Ону тэҥэ инновационнай ньымалары боруобалаабыт. Ол түмүгэр бэйэтэ брошюра оҥорон, бэчээттээн дьоҥҥо тарҕаппыт.
Быйыл сайын кини гидропоника ньыматын туттан оҕуруот аһын олордон боруобалаабыт. Гидропоника диэн – үүнээйини буора суох, аҥардас ууга олордуу. Дьэ, бу үүнээйибит ууга эрэ олорон, өлгөм үүнүүнү биэрэр эбит дуу?
Тэпилииссэҕэ помидордар виноград курдук бачыгыраһан, ук аайы кытарчы буһан тураллара. Алта миэтэрэҕэ диэри уһаан, эриллэн үүммүттэр. Дьиктитэ диэн, сорох уктар биэдэрэттэн үүнэн тахсыбыттар. Василий Николаевич биэдэрэ хаппаҕын арыйан көрдөрөр – кырдьык, биэдэрэҕэ буора суох, аҥардас уу эрэ. Биэс биэдэрэни ситимниир анал шланг баар. Бу шланг устун убаҕас уоҕурдуулаах, иҥэмтиэлээх уу хачайданан эргийэ турар эбит. Помидор силиһэ ол ууттан иҥэмтиэлээх өттүн ылар, онон буорга наадыйбат. Күн аайы уу кутуутун эрэйбэт. Нэдиэлэҕэ биирдэ биэдэрэлэрин толортоон эрэ биэрэр.
Дьэ, оҕуруотчут ыра санаата туолбут. Күһүн-саас буору булкуйбат, күн аайы уу кута сатаан эрэйдэммэт. Аһа үгүөрү, минньигэс. Онон бу ньыманы оҕуруотчуттар үөрэтиэхтэрин, туһаныахтарын сөп эбит.
—Гидропоника үчүгэйэ диэн, солото суох дьон бу систиэмэни уон күҥҥэ, оннооҕор биир ыйга холбоон баран, сылдьыахтарын сөп. Бастаан үчүгэйдик үөрэтэн көрүөхтээхтэр. Холобур, үүнээйи силиһин барытын ууга укпаккын – сытыйан хаалыан сөп. Онон үс гыммыт биирэ кураанах туруохтаах. Маннык систиэмэни хайдах баҕарар суруйтаран ылыахха сөп. Ол эрээри сыанатын чааһынай дьон баҕар ыарырҕатыа. Эбэтэр мин курдук, сороҕун бэйэлэрэ эбии толкуйдаан оҥоруохтаахтар. Элбэҕи үүннэрэр дьоҥҥо олус барыстаах, — диэн оҕуруотчут бэйэтин уопутун үллэстэр.
Муох, охсуллубут от уонна кырыска үүнэр хортуоска
Василий Николаевич бу систиэмэни интэриниэтинэн суруйтаран ылбыт. Ол эрээри, хааппыланан таммалыы турар контроллер сыаната ыарахан диэн, бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут. Кини этэринэн, тэпилииссэҕэ түүннэри-күнүстэри биир кэм температураны тутуу, уу аһыытын (кислотатын), солоҕун (щелочь) кээмэйдээн көрөн, ортотун тутуһар наадалаах. Саха сиригэр тэпилииссэ буорун анныгар хайаан да сылгы сааҕын угуллуохтаах – сылааһы тутар уонна үүнээйи аһыыр углекислай гааһын таһаарар.
Тэпилииссэни салгыы кэрийэн көрдөххө, оҕурсу буора муоҕунан бүрүллүбүт. Муох сииги тутар уонна сыыс от үүммэт эбит. Хааппыланан таммалыыр систиэмэни барытыгар киллэрээри гыммыт эрээри, муох ордук эбит диэн санааҕа кэлбит.
Муоҕу тэлгээтэххэ, дьон үс үлэттэн босхолонор: ууну кут да кут буолбат, көбүппэт, сыыс оттообот. Сииги тутар, үүнээйи ыалдьыбат, үчүгэйдик үүнэр. Оҕурсу силиһэ киэҥник тарҕанар, ол аата элбэхтик аһырар.
Оттон хортуоска үүнэр буолатын кирээдэ быыһын охсуллубут отунан бүрүйбүт. Бу кэннэ биир да сыыс от үүммэт эбит. Онон киһи үлэтин чэпчэтэр. Чахчы тэҥнээн көрөөрү, ыаллар буолаларын өҥөйтөлөөн көрдүм. Оо, онно сыыс от бөҕө үүнэн силигилээн турар!
Василий Николаевич саҥаны киллэриитэ манан эрэ бүппэт. Саас хоруппут буолатын аттыгар хортуоскалары кырыс окко быраҕаттаан баран, эмиэ охсуллубут отунан бүрүйэн кэбиспит. Буору хаһан хорута сатаабакка эрэ. Бу хортуоската хорутуллубут буола гиэнин кытары тэҥҥэ үүнэн, аһыран тахсыбыт. Дьэ, дьикти. Биллэн турар, кини бу туһунан кинигэттэн ааҕан билбит.
Маны ордук сүрэҕэлдьиир дьоҥҥо абыраллаах ньыма диэн көрдүм – буор хоруттара сатаабаккын, сайын тээпкэлээн сордоммоккун, сыыс оттоон эрэйдэммэккин. Хортуоскаҥ буоллаҕына, бэйэтэ үүнэ сытар…
Василий Хаптасов саҥаны киллэриитин, уопутун сэргээн, агро-оскуолалар, чааһынай дьон кэлэн көрөн-истэн бараллар эбит. Урут, гидропоника ньыматынан ууга күөх оту үүннэрэн, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин үөдүйэ сылдьыбыта да, киэҥ араҥаҕа соччо тарҕамматаҕа. Оттон билигин аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, төһө барыстааҕын-ночооттооҕун ааҕан-суоттаан, боруобалаан олордон көрөн баран, тарҕатыахха сөп эбит. Тулагы Сыырдааҕар кыһыннары толуу аһынан хадаҕалыыр улахан тэпилииссэлэр гидропоника ньыматынан үлэлии туралларын санатар тоҕоостоох. Сорохтор ууга үүнэр үүнээйи хиимийэ уоҕурдуунан аһыыр дииллэр. Ол эрээри, уоҕурдуу да араастаах. Органическай (сүөһү, куурусса ноһуомуттан оҥоһуллубут) убаҕас уоҕурдуу туох да буортута суох. Онон бу ньыма кэскиллээх.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru