COVID-19 туһунан сымыйа сурахтары итэҕэйимэҥ

Ааптар: 
25.11.2021
Бөлөххө киир:

Сотору-сотору батсаабынан, социальнай ситимнэринэн коронавирус туһунан тарҕанар сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ. Сонуну, иһитиннэриилэри официальнай саайтартан, хаһыаттартан билиҥ.

Холобура, бу сыл олунньутун саҕаланыыта социальнай ситимнэринэн биир улууска коронавируһу утары быһыыны ылан баран биир дьахтар суорума суолламмытын туһунан сурах тарҕанан, үгүс киһи айманна. Онуоха Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бу сураҕы олоҕо суоҕунан, сымыйанан ааҕар. “Билигин социальнай ситимнэринэн коронавируһу утары быһыы доруобуйаҕа буортулааҕын туһунан элбэх сымыйа сурах тарҕана турар. Онон олохтоохтору официальнай иһитиннэриилэргэ эрэ итэҕэйэллэригэр көрдөһөбүт”, – диэн туһааннаах министиэристибэтэ иһитиннэрбитэ.

Сымыйа сурахтарга итэҕэйимэҥ, саарбахтыыр иһитиннэриилэргитин тарҕатымаҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0