Cоциальнай көмөҕө наадыйааччылары испииһэктиэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай өйөбүлгэ наадыйар дьону, оҕолоох дьиэ кэргэттэри чопчулуур учуот реестрэ (испииһэгэ) оҥоһуллуоҕа. Ол туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын 2017 сыл тохсунньу 31 күнүнээҕи 86 №-дээх ыйааҕа тахсыбыта.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Былырыын РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев кириисис буолбутунан, чэпчэтиилэринэн, социальнай төлөбүрдэринэн туһанар дьон ахсаанын чопчулуур, аҕыйатар туһунан сорудахтаабыта. Ол этиитэ сыыйа олоххо киирэн эрэр.
2017 сыл олунньу 14 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбата Социальнай хааччыйыы биир кэлим судаарыстыбаннай информационнай ситимин балаһыанньатын бигэргэппитэ. Бу уураах 178 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕурар.
Дмитрий Медведев бу кэнниттэн бырабыыталыстыба мунньаҕар этэн турар: “Социальнай көмүскэл эйгэтигэр билигин уустук, бутуурдаах систиэмэ үлэлии турар. Саҥа систиэмэҕэ социальнай көмүскэл сибидиэнньэлэрэ хараллыахтара, хас биирдии киһи ханнык чэпчэтиилэри, төлөбүрдэри ылар кыахтааҕын чопчу билээри, хаһан баҕарар киирэн көрүөн сөп”.
Систиэмэни 2017 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри РФ Биэнсийэ фондата үбүлээн оҥоруохтаах.

Докумуоннары хомуйуу саҕаланна
Кулун тутар 1 күнүгэр диэри нэһилиэктэргэ учуот реестрин оҥорорго оробуочай хамыыһыйалар тэриллэн, ситимнээх үлэни ыытан саҕалаатылар. Испииһэккэ киллэрэргэ анал киритиэрийдэр ирдэбиллэрин туһаныахтара. 21 киритиэрий баарыттан, 10-тан итэҕэһэ суох пууҥҥа хапсар буоллаххына, испииһэккэ киирэҕин. Улуустарга социальнай көмүскэл управлениелара бу үлэни тэрийиигэ сүбэнэн, методиканы тарҕатыынан көмөлөһүөхтээхтэр.
Ыам ыйын 26 күнүгэр диэри хомуллубут сибидиэнньэни “Аадырыстаммыт социальнай көмө” автоматизацияламмыт систиэмэҕэ киллэриэхтээхтэр. От ыйын 1 күнүгэр диэри биир кэлим реестр (испииһэк) оҥоһуллан бүтүөхтээх. Сылга иккитэ: тохсунньу 1 уонна от ыйын 1 күнүгэр испииһэк саҥардыллан оҥоһуллар.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маны барытын үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Татьяна Степанова сүрүннүөҕэ.

Кимнээх хапсалларый?
Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн (тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах).
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн (үстэн элбэх оҕолоох).
Толорута суох дьиэ кэргэн (аҥаардас төрөппүттэр).
Инбэлииттэр (инбэлиит оҕолоохтор).
Соҕотоҕун олорор биэнсийэлээх.
Кырдьаҕас уонна ыалдьар киһини көрөн олорор дьиэ кэргэн.

Ирдэниллэр докумуоннар:
1. Пааспар (куоппуйа).
2. Дьиэ докумуона (куоппуйа).
3. Тиэхиникэлээх буоллахха, ону туоуһулуур докумуон.
4. СНИЛС.
5. Дохуоту туоһулуур ыспыраапкалар (2-НДФЛ, хамнас, биэнсийэ, босуобуйа, социальнай босуобуйа ыспыраапкалара).
6. Дьиэ кэргэн састаабын туоһулуур ыспыраапка.

Ханнык киритиэрийдэринэн талалларый?
1. Уопсай дохуоту (үүт харчыта, алимент киирбэт) эптэххэ, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнин ахсааныгар түҥэттэххэ, хас биирдии киһиэхэ 15742 солк. элбэҕэ суох тиксэр буоллаҕына.
2. Бииртэн элбэҕэ суох дьиэлээх, биир даачалаах, учаастактаах, эбэтэр олох да бас билэр дьиэтэ суох буоллаҕына.
3. Биир массыына, эбэтэр биир тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтэ баар буолуон сөп (5 сыл иһинэн туһанылла сылдьар). Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалынан туһанан ылыллыбыт тиэхиньикэ аахсыллыбат.
4. Олорор усулуобуйатын тупсарыыга олохтоох дьаһалта реестригэр киирбит буолуохтаах. Онно учуокка турбат буоллаҕына, олорор дьиэтэ эргэтин туһунан акт куоппуйатын көрдөрөр.
5. Сүөһүлээх, сылгылаах буоллаҕына, 15 төбөттөн элбэҕэ суох буолуохтаах.

Болҕойуҥ! Испииһэккэ киирбит эрэ дьон араас социальнай көмөнөн, чэпчэтиилэринэн, субсидияларынан туһанар кыахтаахтар. Онон бу күннэргэ докумуоннары хомуйан, нэһилиэктэр дьаһалталарыгар туттара охсуҥ. Дьаһалта улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениеларыгар туттарар, салгыы министиэристибэҕэ барар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0