Соҕотохсуйуу сордооботун
Соҕотохсуйуу хаһан баҕарар киһиэхэ биллэн ааһар. Соҕотохсуйууттан босхолонорго элбэх ньыма, албас баар. Олортон сорохторо манныктар:
Бэйэҥ туруккун бэрээдэктээ
Соҕотохсуйууттан босхолонор туһугар туохтан уонна тоҕо итинник сананаргын быһаар. Эн кими эрэ эбэтэр ханнык эрэ сири-уоту, дойдуну ахтаҕын? Чугас доҕотторо суох курдук сананаҕын эбэтэр баар эрээрилэр, аттыгар суохтар? Соҕотохсуйар төрүөккүн быһаарарыҥ хас да кыһалҕаны тута суох оҥоруо. Соҕотохсуйар төрүөккүн булбатаххына, күннүктэ оҥоһун. Ол туһалыа.
Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур
Туох эмэ уларыйыыны киллэриэҥ иннинэ бэйэҥ туруккун бэрэбиэркэлэн. Уугун хана утуйбатыҥ, элбэхтик хамсамматыҥ уонна сөпкө аһаабатыҥ сэниэтэ суох буолууга уонна санаа баттааһыныгар тириэрдиэн сөп. Ити барыта уһун кэмнээх соҕотохсуйууга тириэрдэр. Доруобуйаҕын көннөрөргө саатар биир нэдиэлэни анаа: күн аайы 8 чаас утуйа сатаа, күҥҥэ 30 мүнүүтэ эрчилин, күннээҕи аһылыккар фруктаны уонна оҕуруот аһын киллэр.
Куһаҕаннык утуйуу уонна эти-сиини эрчийбэт буолуу соҕотохсуйар курдук сананыыны кытары сибээстээхтэрин чинчийээччилэр быһаарбыттар. Фрукта уонна оҕуруот аһа дьоллоохтук сананыыны элбэтэр гормоннаахтар.
Урукку дьарыккын сөргүт
Олус элбэх үлэлээх, дьарыктаах буоллаххына, ардыгар сылайбыт курдук сананаҕын. Чугас дьоҥҥор буолуохтааҕар, урукку дьарыктаргар да бириэмэҥ тиийбэт. Үлэни сэргэ бэйэҥ таптыыр, дууһаҥ сынньанар дьарыктаах буоллаххына, соҕотохсуйуу боруогун атыллыа суохха сөп. Таптыыр дьарыккар, кыра да буоллар, күн аайы бириэмэтэ анаа. Холобур, таптыыр кинигэҕин аах, спордунан дьарыктан, походка сырыт, тугу эмэ баай, сонун эрэсиэбинэн ас астаа, уруһуйдаа, оҕуруотунан дьарыктан.
Ханнык эмэ улахан бырайыагы саҕалаа
Өйгүн-санааҕын сааһылаан, толкуйун тобулан үлэлээтэххинэ, соҕотохсуйууттан тута босхолонуоҥ. Холобур, ким эрэ дьиэтин иһин-таһын уларытыа, ким эрэ учуонай истиэпэнин көмүскүүргэ сананыа, ким эрэ Интернетинэн саҥа билиини баһылыырга дьулуһуо, дьоҕус
бизнеһи арыныа уо.д.а. Бырайыак төһө улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох күннээҕи эбэтэр нэдиэлэтээҕи былаанна оҥоһун. Соҕотохсуйары умнан, күүскүн-уоххун барытын ууран, саҕалаабыккын олоххо киллэрэргэ дьулуһуоҥ.
Таһырдьа элбэхтик сырыт
Сибиэһэй салгын эмтиир күүстээх. Күн сырдыга организмҥар эндорфины элбэтиэ, оччотугар соҕотохсуйабын диэн санаа ырааҕынан тумнуо. Быыстапкаларга, айылҕаҕа, музейдарга уо.д.а. култуурунай миэстэлэргэ сылдьан өйдүүн-санаалыын аралдьыйыаҥ, барыта улугурбут туруккун уларытыа уонна сааһылыа.
Сылаанньыйа СЫЛЛЫЫРАБА