Чжан. ДСК. КПД.

23.08.2019
Бөлөххө киир:

Үгэс быһыытынан, тутууга кэлии омуктар үлэлииллэр диэн өйдөбүллээхпит. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэҕэ биир улахан тутуу хампаанньатыгар ДСК-аҕа аҥаардара — сахалар. 

edersaas.ru

Орто Халыма Арҕахтааҕыттан төрүттээх, Чжан диэн кытай араспаанньалаах, хотулуу унаарытан саҥарар саха эдэр уола Ваняны дьылҕата манна бэйэтэ сиэтэн аҕалбыта. 2010 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, кини Дьокуускайдааҕы экэниэмикэ-быраап институтугар киирбитэ. Ол гынан баран, юрист идэтэ миэхэ сөп түбэспэт эбит диэн, үөрэҕин бырахпыта. Туох идэни талан, тугунан дьарыктаныан сөбүн туһунан уһуну-киэҥи толкуйдуу сырыттаҕына, табаарыһа: «ДСК-аҕа бара сырыт, онно бэйэлэрэ үөрэтэллэр, онтон үлэнэн хааччыйаллар», – диэн сүбэлээбит. Уол тута каадыры кытта үлэлиир салааҕа тиийэн билсэн, аҕыйах ыйдаах кууруска үөрэнэн, монтажник-стропальщик идэтин баһылаан, дьоллоох Дьокуускай куоракка дьиэ тутуутунан дьарыктаммыта. Кимнээх эрэ алаһа дьиэлэрин, оҕо-уруу тэнийэр сылаас уйатын тутарыттан, бэйэтин кылаатын киллэрэриттэн кини иһигэр олус үөрэр. Туоннанан ыйааһыннаах тутуу матырыйаалларын тэҥниир, холбуур үлэтэ төһө да ыараханын иһин, бу үлэтин уларытар, атыҥҥа атастаһар санаата суох. Иван дьиэ кэргэнигэр соҕотох иитээччи, кэргэнэ оҕотун көрөн олорор. Киһи сөҕүөх, кэргэнин кытта эмиэ табаарыһа билиһиннэрбит. Үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэр, ыарахан кэмҥэ сүбэ-ама буолар эрэллээх доҕоттор баар буоланнар, били өс хоһооҥҥо этэллэрин курдук, “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат”. Ваня хос эһэтэ Кытайтан кэлэн, Саха сиригэр олохсуйбут. Аҕата тулаайах оҕо Үөһээ Бүлүүгэ улааппыт, онтон Халымаҕа тиийэн, ыал буолбут. Иван биэс күн субуруччу түүҥҥү симиэнэҕэ тахсар, түүн 12 чаастан сарсыарда 8 чааска диэри үлэлиир. Субуотаҕа-өрөбүлгэ сынньанар.

«ЛЕГО КУРДУК ТУТАБЫТ»

ДСК-аҕа тутааччылар үс симиэнэнэн үлэлииллэр: сарсыарда 8-17 чааска диэри, киэһэ биэстэн түүн уон иккигэ диэри уонна түүн оройуттан сарсыарда 8 чааска диэри. Симиэнэлэрэ нэдиэлэ аайы уларыйа сылдьар. Үчүгэйэ диэн, социальнай хааччыллыы, уоппуска, больничнай – барыта төлөнөр. Элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэри биир-икки сылынан тутан бүтэрээри, уолаттар төгүрүк суукка кыһыннары-сайыннары үлэлииллэр. Түүн халлаан хараҥарыыта кыраан уота сырдатан, лего конструктор курдук, дьиэ панелларын таҥаллар, сыбааркалыыллар, хайаҕастарын полистеролунан бүөлүүллэр. Кыһын -40-50С0 тутуу үлэтэ тохтообокко барар. Ол
иһин ыарахан усулуобуйаҕа үлэлиир дьон тутууга 13 сыл үлэлээтэхтэринэ, биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаахтар. Биллэн турар, биэнсийэ быыкаа буолан, 60-с хаардарын уулларбыт дьон билигин да үлэлии сылдьаллар. Ванялаах биригээдэлэрэ Авиагруппа оройуонугар 9 этээстээх, 282 кыбартыыралаах дьиэни тута сылдьар. Билиҥҥитэ эркин иккис этээһин бүтэрэн эрэллэр. Дьиэ түннүгүн, истиэнэтин барытын собуокка оҥорон, холбоон баран, манна бэлэми аҕалан таҥаллар. Онон үлэ көрөн турдахха бэрт тэтимнээхтик барар. Иваны кытта симиэнэтэ саҕаланыан иннинэ бириэмэ болдьоһон, кэпсэттибит. – Элбэх этээстээх дьиэлэри тутарга, үөһэ тахсарга киһи эрэ мэйиитэ эргийэр буолуохтаах. Алҕас сыыһахалты туттунууттан көмүскүүр страховка баар дуо? – Сэрэхтээх буолуу ирдэбилин барытын тутуһабыт, үлэбитин маастар, прораб кэлэн, куруук көрөллөр. Итинник түгэҥҥэ быалаах кур биэрэллэр. Биир этээһи бүтэрдибит да, бары люктары сабан, үөһэ тахсабыт. Бастаан киһи үөһэттэн куттанар эрээри, кэлин үөрэнэн хаалаҕын. Биллэн турар, үлэҕэ кыра эчэйии тахсааччы, ким эрэ тарбаҕын кыбытар, атаҕын өлөрөр. – Холобур, таҥааччы эбээһинэһигэр туох киирэрий? Кини тутууга тугу оҥороруй? – Тутуу диэн элбэх киһи биир ситимнээх үлэтэ. Аллараа стропальщик панеллары кырааҥҥа бэлэмниир, крановщик ону көтөҕөр, онтон таҥааччы барытын кэмнээн туруорар, тэҥниир, таҥар. Кини кэнниттэн эркиннэри сварщик ситимниир. Каменщик диэн урут баар этэ, билигин суох.

НЭДИЭЛЭ ААЙЫ – ХОНТУРУОЛ

– Билигин дьиэлэри, конструктор курдук, олус түргэнник тутан таһаараллар. Ол эрээри сорох дьиэлэр ардах кэнниттэн үрдүлэрэ тэстэр түгэннэрэ эмиэ баар. Итинник балаһыанньа тахсыбатын туһугар хаачыстыбаҕа туох-ханнык ирдэбили тутуһаҕытый? – ДСК собуотуттан кэлэн, тутуу хайдах баран иһэрин нэдиэлэ аайы хонтуруоллууллар, баар итэҕэстэри тута көннөрөн иһэбит. Биһиги тутар дьиэлэрбит хаачыстыбалаах буоллуннар диэн үлэлиибит. Дьиэ эркинэ, муостата көнө буолуохтаах. Мин санаабар, монолит дьиэтээҕэр КПД уһун үйэлээх, эрэллээх, сылаас буолар. Монолит дьиэ тас өттүн базальтынан сылыталлар, ол сыл-хонук аастаҕын аайы кууран-хатан хаалар, дьиэ хамсыыр, түһэр. Итинник дьиэ
ни тас өттүн эпсиэйдииллэр, онон ис эркинэ хайа бардаҕына, таһыттан көстүө да суоҕа. – ДСК-аҕа үлэлиириҥ тухары төһө элбэх дьиэни тутан таһаардыгыт? – Куорат араас муннуктарыгар сүүрбэччэ дьиэни туттубут. Үчүгэйдик үлэлээтэххэ, биир сыл иһигэр иккилии дьиэни тутуохха сөп. Бу иннинэ «Туймаада» стадион утары 74 кыбаарталга 12 этээстээх дьиэни бүтэрэн кэллибит. Биригээдэбитигэр үксэ олохтоох дьон үлэлиир, биэнсийэҕэ тахсыбыт дьон элбэхтэр, эдэрдэр ыарахан хара үлэҕэ кэлбэттэр. Улахан панель дьиэлэри таҥарга кырааны кытта үлэлиибит, манна болҕомтолоох буолуохха наада. Туоннанан ыйааһыннаах панеллары тэҥниибит, сииктэрин изоверынан сылытабыт.

ДЬИЭ СЫАНАТА ҮРДҮҮР, ХАМНАС ХААЛАН ИҺЭР

– Өскөтүн 1 хостоох дьиэ сыаната 3-4 мөлүйүөн буоллаҕына, тутааччы хамнаһа төһөнүй? – Биһиги хамнаспыт төһөнү оҥорон таһаараргынан төлөнөр (сдельнай), төһө куб дьиэ иэнэ тутуллубутунан көрөн биэрэллэр. Тутууга кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, хамнас үрдээбэтэҕэ ырааппыт. Сайыҥҥы кэмҥэ, холобур, 40 000 солкуобайтан тахсар. Ол өссө үлэ баарыттансуоҕуттан тутулуктаах. Ардыгар биир эмэ панель тиийбэтэҕинэ, үлэбит туран хаалыан сөп, оччоҕуна уоппуска ыларга күһэллэҕин. Хамнаспыт кыһыҥҥы ыйдарга кыратык эбиллэр эрээри, -40-50С0 кыраадыска күнү супту таһырдьа үлэлиир дьоҥҥо син биир аҕыйах. Кэлии омуктар биһиги тымныы-тыйыс кыһыммытын тулуйбаттар, ол иһин үгүстэрэ күһүөрү дойдуларыгар бараллар. – Бэйэҥ тутууга үлэлиир буолан баран, дьиэ ылынныҥ дуо? Үлэһиттэргэ чэпчэтиилээх бырагыраама баара буолуо дии? – Урут өр үлэлээбит дьоҥҥо, уочарат быһыытынан, босхо дьиэ биэрэр этилэр. Билигин оннук туох да чэпчэтии суох. Дьон ипотекаҕа киирэн дьиэлэнэллэр. Биһиги дьиэ куортамнаан олоробут. Дьиҥэр, тутааччыларга дьиэ атыылаһарга чэпчэтии баара буоллар, үлэлииргэ интэриэс, баҕа баар буолуо этэ.

ТҮМҮК

Тохсунньу томороон тымныытыттан толлубакка, күнүстэри-түүннэри таһырдьа ыарахан үлэҕэ сылдьар дьон дьиэ атыылаһалларыгар кэккэ чэпчэтии көрүллэрэ буоллар, бу эйгэҕэ үлэлии кэлиэн баҕалаах ыччат элбиэ этэ. Аны салалта уонна хара үлэһит хамнаһа хас да сүүһүнэн тыһыынча араастаах. Дьиэ сыаната 4-5 мөлүйүөн, оттон кыһыннары икки хос үтүлүктээх үлэлиир тутааччы хамнаһа кыратыттан киһи эрэ сөҕөр. Уонна: “Олохтоох дьон үлэлиэн баҕарбат”, – диэхтэрэ. Дьон үлэлиэн баҕарарын туһугар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэн, эр киһи дьиэ кэргэнин иитэригэр эппиэттэһэр хамнас баар буолуон наада.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0