Сайын электричество уота тыа сиригэр сотору-сотору барар. Күүстээх тыалга-кууска уот лииньийэтин остоолболоро сууллара кэмнээх буолбатах. Онуоха тэҥнээтэххэ, куоракка уот барыыта сэдэх. Ол эрэн бүгүн уот куорат үрдүнэн хас да чаас устата баран, үгүс моһуогу үөскэттэ. Маҕаһыыннар үксүлэрэ эрдэ сабылыннылар. Уулуссаҕа светофордар үлэлээбэттэр.
Аны халлаан киэһэрэн хараҥаран барда. Эбиитин ардахтаан ибиирэр. Дьэ, бу кэмҥэ бокооро кырдьыбыт оҕонньордоох эмээхсин оройуонтан куораттааҕы дьиэлэригэр буор-сыыс, бадараан буолбут «буханканан» кэлэн түстүлэр. Таксыыс малларын киирэр ааннарын кирилиэһин анныгар түһэрэн биэрдэ уонна салгыы дьоннорун тарҕата массыынатыгар олорон куугуната турда.
Тыа сириттэн кэлбит дьон быһыытынан сир астаах биэдэрэ, кэһиилээх суумка, үрүксээк тутуурдаах үрдүк таһынааҕы кирилиэһи дабайан, аҕылаан-мэҕилээн подъезтарыгар киирбиттэрэ: уот суох, боруҥуй, лифт үлэлээбэт. «Чыычаах, уот хаһан кэлэрэ буолла», – диэн оҕонньор эмээхсинин диэки аһыммыттыы көрөн кэбистэ. «Туллуок, сотору кэлэр ини күүтүөххэ», – аҕылаан эппэҥниирин быыһыгар эмээхсин оҕонньорун харбыйбыт санныгар тайанна.
Бу сааһырбыт кырдьаҕас дьон бэйэ-бэйэлэрин таптаан Чыычаах, Туллук дэһэллэр. Бу кыһын иккиэн ковид дьаҥар хаптаран, улаханнык ыалдьан, сытан баран атахтарыгар турбуттара. Хата сайын дойдуларыгар тахсан, ыраас салгыны сайа тыынан, олбуор иһигэр хааман, кыралаан сээкэйи гынан, чэччийэн сэниэлэнэн кэллилэр. Абааһы дьаҥа содула суох ааспатах, оҕонньор сүһүөҕэр охсон хаамара лаппа бытааран торуоскаланар буолла. Онтон кэргэнэ барахсан аҕылыыра бэргээн, кирилиэскэ тахсарын олус ыарырҕатар.
Аныгы үйэ дьонун сиэринэн төлөпүөннэрин көрөн биллэриилэри аахтылар. Саха сиринээҕи сонуннарга «Амурскай уобалас Магдагачи бөһүөлэгэр саахал тахсан, уот лииньийэлэрэ сэрэххэ араарылыннылар» диэни ааҕан, уот өтөрүнэн кэлиэ суох, аргыый тахса турарбыт дуу дэстилэр. Оҕонньор үрүксээгин кэтэн кэбистэ. Биир илиитигэр суумкатын тутта, бииригэр тайаҕар тайанан тахса турда. Тахсыан иннинэ: «Чыычаах, Эн манна тур. Мин биир этээһи тахсан баран түһэн биэдэрэни ылыам иккиэн тахсыахпыт», – диэбитин истибэккэ, Чыычааҕа Туллугун кэнниттэн аргыый моонньоҕонун туппутунан саппай уобуста. Этээс аҥаарын биир пролёту тахсан баран, сынньанан арыый сырдык сиргэ түннүк анныгар турдулар .
– Туллуок, күн-дьыл түргэнник даҕаны ааһар. Өйдүүгүөн, устудьуоннуу сылдьан күһүҥҥү быраактыкаттан кэлбиппитин. Сэргэлээх уопсайыгар бэһис этээскэ куоталаһан сүүрэн тахсыбыппытын.
– Чыычаах, онно эн оруобуна чэй оргутар хоруолаах биэдэрэни тутан баран, сүүрэн миигин куотан ааспытыҥ дии. Өссө үрүксээктээх этиҥ.
– Онтон Туллуок, эн үрүксээгиҥ таһынан баата спальниктары икки илиигэр күөрэччи тутан баран, кирилиэс кэрдииһин көтө-көтө ойуоккалаан сүүрэн тахсыбытыҥ дии. Быыраттан уол оҕото этиҥ.
Эмээхсин оччотооҕу үрдүк, сымса, хотойдуу көтөн тахсыбыт уоланын диэки көрөн ылла. Кэм-кэрдии харыстаабатар даҕаны, билигин даҕаны долгутар уоттаах хараҕа мичилийэн, кинини таптаабыттыы көрөрүттэн, иҥэ кэйэн ылар эбээт.
– Эн даҕаны кынталдьыйан кыыс оҕотун кылааннааҕа этиҥ дии. «Сит!» – диэн баран уһун хара өрүүлээх баттаҕыҥ кирилиэс эргииригэр субурус гынан хаалбытын өйдүүбүн ээ.
Туллук оччотооҕу эдэркээн, кыыл табалыы чэпчэкитик элээрэн ааспыт, кыысчааны таптыы көрөн, сүрэҕэ мөҕүл гыммытын, ситэр санаалаах эккирэтэн быыраттыбытын санаан, мичээрдээн ылла. Ол этэ, кини аан маҥнай кыыһы таптаан сырсыбыта. Күн бүгүнүгэр диэри бииргэ сырыттахтара. Сынньанан баран, хас этээс аайы тохтоон, түннүк анныгар тура-тура уруккуларын санаан, сэлэһэ-сэлэһэ тохсус этээскэ хайдах тахсыбыттарын билбэккэ хааллылар. Дьиэлэригэр киирээттэрин кытта, уоттара кэлэн сандаарда. Туллук эмээхсинэ чоҕулуспут харахтарын, тиритэн тэтэрбит имин көрөн: «Чыычаах, хайдаххыный?» – диэт кууһан сыллаан ылла.
– Туллуок, үчүгэйбин, оттон эн атаҕыҥ ыалдьара хайаста? – оргууй имэрийэ-имэрийэ Чыычаах оҕонньорун сылаас, модун түөһүгэр сыстан турда.
Таптал уостубат уотун сылааһа, көр, оннук угуттуур. Кыайтарбаты да кыайар күүстээх оҥорор. Таптал баар кырдьары кыайар модун күүс!
Сууралдьыма Куо.