«Чысхаан» кулууп Ижевскэйтэн күрэхтэһэн кэллэ

04.03.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн  кулун тутар 4 күнүгэр «Сахамедиа» медиа-киинигэр “Чысхаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи хайыһарынан сүүрүүнү сэҥээрээччилэр  кулууптарын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Никитина Ижевскай куоракка ыытыллыбыт Бүтүн  Арассыыйатааҕы кыһыҥҥы бастакы спартакиадаҕа хайыһарынан сүүрүү күрэһэр  өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээн кэлбиттэрин туһунан кэпсээтэ.

— Арассыыйаҕа успуорду сөбүлээн дьарыктанааччыларга  аналлаах маннык улахан кыһыҥҥы күрэхтэһии бастакытын ыытылынна. Күрэхтэһиини Арассыыйа успуордун  миниистирин бастакы собуйааччы Марина Томилина арыйда уонна кыттааччылар тэриллиилээхтэрин, кыахтаахтарын көрдө. Спартакиадаҕа 17 буолан  кыттан кэллибит.  Хамаандабыт саамай эдэр чилиэнэ 35, саастаахпыт  83 саастаахтар.  Спартакиада 8 көрүҥҥэ ыытылынна, Ижевскэй куоракка 4 көрүҥҥэ күрэхтэһии  буолла. Биһиги хайыһарынан сүүрүүгэ  44 хамаандаттан 14-с буоллубут. Быйыл күүстээх  сүүрээччибит Степан Абрамов кыттыбатаҕа билиннэ. Ону таһынан, 40 кыраадыс тымныыттан 2 кыраадыс сылааска эмискэ  тиийэн,  ыалдьан хаалбыппыт.

Арассыыйаҕа ыытыллар күрэхтэһиилэргэ кулууппутунан быйыл алтыс төгүлүн кытынныбыт. Арассыыйа первенствота уонна  Арассыыйа  Куубага диэн күрэхтэһиилэр сылын аайы ыытыллаллар. Онно тохсус, сэттис, иккитэ ахсыс буолан турабыт. Бары күрэхтэһиилэргэ  бэйэбит харчыбытынан үбүлэнэн баран кэлэбит. Атын хамаандалар  бары таҥас-сап, тэрил өттүттэн толору хааччыллыылаахтар. Бу тэрээһин былырыын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин физкултуура уонна успуорт сайдыытыгар аналлаах Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕар спордунан сөбүлээн дьарыктанааччыларга болҕомто ууруллар наадатын ыйан туран, нэһилиэнньэ 55 %-на успуордунан уонна физкультуранан дьарыктаныахтаах диэн сорук туруорбутун чэрчитинэн ыытылынна, — диэн, наука хандьыдаата, ХИФУ алгебра уонна геометрия хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Екатерина Никитина эдэриттэн кырдьаҕаһыттан  тутулуга суох хайыһардыырга ыҥырар.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар — ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0