Бу күннэргэ Хабаровскай куоракка Саха АССР 100 сылыгар анаммыт Уһук Илиҥҥэ СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ тэриллибитэ 30 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ буолла.
Ол тэрээһиҥҥэ мин суруналыыс быһыытынан биир көстүүнү бэлиэтии көрдүм. Ыһыах ыытыллыытын сиэрин-туомун кэнниттэн Амма уонна Өймөкөөн улууһун бэрэстэбиитэллэрэ бренд буолбут бэлиэ көстүүмнэрин кэтэн тахсан көрдөрүүлэрэ, тылынан кэпсиирдээҕэр быдан өйдөнүмтүө, көстүүлээх, бэлиэ уонна киһи дууһатыгар сүппэттик иҥэр эбит.
Ол курдук, Ыһыах алгыһа түстэммитин кэнниттэн ыраас хонууга Амма улууһун ытык бэлиэтэ Кыыс Амма бэйэтинэн намылыйан киирбитэ, дьэ, кэрэ көстүү буолла! Онтон Сардаана сибэкки, Бурдук бэлиэлэрэ «устан» киирдилэр.
Ол кэннэ аан дойдуга тымныытынан аатырбыт ыраах Тымныы полюһуттан Өймөкөөнтөн Тымныы хаһаайына Чысхаан күөх сирэмҥэ үктэниитэ — сахалар кыһыммытын этэҥҥэ туораабыппыт бэлиэтинэн буолла. Кинини Өймөкөөн улууһун символлара: үрдүк очуос хаардаах хайа бэлиэтэ — Муус Хайа хаһаайката уонна хоту дойду маанылаах кыыла Үрүҥ Таба арыаллаан киирдилэр.
Хаһан да маннык дьиктилээхэй баай көстүүмнэри көрбөтөх Хабаровскай олохтоохторо уонна ыалдьыттара аан дойдуга аатырбыт Тымныы полюһун тымныытын хаһаайына илэ бэйэтинэн Амур кытылыгар үктэммититтэн соһуйдулар да, үөрдүлэр да.
Ол туоһутунан Ыһыах сиэрэ-туома түмүктэнээтин кытта тута хаартыскаҕа түһээри кыралыын-улаханныын Чысхааҥҥа сүүрэн тиийбиттэрэ буолар. Олох тута халыҥ уочарат буола түспүтэ.
Ыраах Тымныы полюһуттан кэлбит ыалдьыттар бу хаартыскаларын көрөөт, Хабаровскай кыраай тэлэбиидэнньэтэ көрөөччүлэригэр билиһиннэрээри Өймөкөөн дэлэгээссийэтин быһа эпииргэ ыҥыран ыалдьыттаппыта.
Култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева аан дойдуга аатырар Өймөкөөн Тымныы полюһун туһунан кэпсээбитэ, улууска туризм сайдыытын билиһиннэрбитэ.
Бу биэриигэ кыттан, Тымныы хаһаайына Чысхаан арыалдьыттарын Муус Хайаны уонна Үрүҥ Табаны кытта Хабаровскай тэлэбиидэнньэтин олуһун киэргэттилэр.
Мин бу көстүүмнэр устуоруйаларын сиһилии билиһиннэриэхпин баҕарабын. Өймөкөөн улууһа 7 муниципальнай нэһилиэнньэлээх пуунтан турар. Онтон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорор сахалар түөлбэлээн олорор нэһилиэктэрэ – 5, Уус-Ньара уонна Аартык бөһүөлэктэрэ оробуочай промышленнай бөһүөлэктэринэн биллэллэр. Улууска үлэлиир Олоҥхо ассоциациятын быһаарыытынан, ити 7 муниципальнай тэриллии биирдии Өймөкөөн брендинэн буолар көстүүмнэри тигиэхтээх. Култуура управлениетын үлэһиттэрэ бу маннык улуус брендин көрдөрөр көстүүмнэри тигэн бэлэмнээри, анал куонкуруска кыттан, грант сүүйбүттэр эбит. Ол үбүнэн Муус Хайа уонна Үрүҥ Таба көстүүмнэрэ тигиллибиттэр. Билигин бу көстүүмнэр Өймөкөөн улууһун бэлиэ тэрээһиннэрин олус киэргэтэллэр.
Муус Хайаны Томтор нэһилиэгин, Үрүҥ Табаны Үчүгэй нэһилиэгин иистэнньэҥнэрэ хайы-үйэ тигэн, Хабаровскайга тиийэ аатыртылар. Аны Индигиир Хотуну — Сордоҥноох, Чубукуну — Төрүт, Байанайы – Өймөкөөн нэһилиэктэрэ, Аартык Суолун – Аартык, Кыһыл көмүс Уоланы – Уус-Ньара бөһүөлэктэрин иистэнньэҥнэрэ тигиэхтээхтэр. Оччотугар бу олус кэрэ көстүүлээх Өймөкөөн брендэлэрэ аан дойду туризмын эйгэтигэр өссө аатырыахтар этэ. Өскө ити ааттаммыт көстүүм барыта тигилиннэҕинэ, Чысхааны ити Муус Хайа уонна Үрүҥ Таба курдук 7 бренд-көстүүм арыаллыахтаах. Оччотугар 2023 сылга буолар Олоҥхо ыһыаҕар бу этиллибит Өймөкөөн улууһун арыйар ис хоһоонноох бренд көстүүмнэри улуус сэттэ муниципальнай тэриллиитэ Муус Хайа уонна Үрүҥ Таба курдук маанылаах көстүүмнэри бары тигэн бэлэмнээтэхтэринэ, кырдьык да 2023 сылга Тымныы полюһугар ыытыллар Ыһыах сонун сүүрээни киллэриэ этэ. Хайа, уонна ол бренд бэлиэлэр Чысхааны ханна сылдьар сиригэр арыаллыахтара этэ. Оччотугар ити Хабаровскайга курдук, төһө да курулас ардах анныгар буоллар, дьон тугу барытын умнан, бэйэлэрин Өймөкөөн символларын кытта үйэтитэргэ дьулуһуох этилэр.
Ити курдук, Чысхаан уонна кини арыалдьыттарын бренд көстүүмнэрэ бэйэлэринэн хаама сылдьар реклама буолан, улууска эрэ буолбакка, Саха сиригэр барытыгар туризмы сайыннарыыга дьоһун кылааттарын киллэриэ этилэрэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru