«Чысхаан бэлэҕэ» Саҥа дьыллааҕы кэнсиэрдэри саҕалаата

Ааптар: 
03.01.2020
Бөлөххө киир:

Саха сирин «бриллиантовай» дэнэр цииркэтэ сыл аайы «Чысхаан бэлэҕэ» үгэс буолбут кэнсиэринэн Саҥа дьыллааҕы култуурунай тэрээһиннэри бастакынан саҕалыыр.

edersaas.ru

Аатырбыт Дьөгүөрэптэр дуэттара, Аскалон Павлов, Игорь Егоров, Олимпия, Анастасия Готовцева, Ырыа Саарын  уонна да атын саха эстрадатын талааннаах ырыаһыттара бу киэһэ истээччилэригэр анаан бэлэх ууннулар.

Саҥа дьыллааҕы киэһэни цииркэ артыыстара олуһун киэргэттилэр.

Көрөөччүнү кытыннарбыт буолан, кэнсиэргэ кэлбит дьон ордук үөрдүлэр.

Маны таһынан тэрийээччилэр ювелирнай оҥоһуктарга киирии билиэтинэн лотерея оонньотон, дьон-сэргэ өссө ордук үөрдэ-көттө.

Бу күннэргэ Саҥа дьыл дьол-үөрүү бырааһынньыга буоларын бигэргэтэн, Саха цииркэтэ бырааһынньыктааҕы  каникулларга хас да умнуллубат  омук уонна Арассыыйа аатырбыт эстрадаларын сулустарын кэнсиэрдэринэн дьон санаатын көнньүөрдүөҕэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0