Чысхаан Бүлүү улуустарынан айанныыр

Ааптар: 
09.12.2016
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Бүлүү бөлөх улуустарынан “Чысхаан айана” диэн аһымал аахсыйалаах туур саҕаланна.

Суолталаах тэрээһин аатырбыт геолог учуонай Сергей Обручев Өймөкөөнү, бэйэтэ ааттаабытынан, “Тымныы Саарыстыбатын” быһыытынан арыйбыта 90 сылыгар ананар.

Тымныы бэлиэтин быһыытынан айылҕаны кытта ыкса сибээстээх буолан, остуоруйа дьоруойа Чысхаан ыытар аһымал аахсыйатын ис хоһооно — Саха сирин өрүстэрин ыраастык тутарга, харыстыырга туһуламмыт үлэ. Кинини арыаллыы сылдьар “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ бөлөҕө уопсастыбынньыктары кытта көрсөн бу сытыы боппуруоһу дьүүллэһэр, илии баттааһыннары хомуйар.

2“Чысхаан айана” бырайыагы былырыын олоххо киллэрбиппит. Бөлөх Чысхааны кытта бастакы айаныгар илин эҥэр улуустарынан сылдьан, Амма эбэни харыстааһыҥҥа үлэ ыыппыта. Быйыл Бүлүү өрүһү харыстааһыҥҥа үлэ барар, — диэн кэпсиир “Амма кырдалын ыччата” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта, бырайыак ааптара Саргылаана Неустроева.

           Бэҕэһээ Чысхаан Сунтаар улууһугар сылдьан кырачааннары кытта көрүстэ, оттон кинини арыаллыы сылдьар бөлөх улуус общественноһын кытта кэпсэттэ. Бүгүн Тымныы полюһун хаһаайынын Чысхааны ньурбалар көрсөллөр.

Елена ПОТОЦКАЯ.

 

 

 

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0