Чыс кутуйах отунан тайах уойар

Ааптар: 
17.12.2021
Бөлөххө киир:

Бу — дьикти. Чыс кутуйах отунан тайах уойар

Чыс кутуйах таспыт отун тайах сиэн, уойарын-тоторун туһунан кэпсээни истэн олус соһуйдум. Ол туһунан Иркутскайга үөрэнэн, Абый улууһугар охотоведына н1982 сыллаахтан ыла уһуннук үлэлээбит, кыылы-сүөлү харыстааһыҥҥа сыраласпыт Гаврил Слепцов кэпсээтэ.

Гаврил Николаевич этэринэн, быйыл Абыйга хаар олус чараас үһү. “Киһи этэрбэһин баайарынан эрэ хаар”, — диир кини. Ол иһин Саҥа дьыл кэнниттэн хаар түһэрэ буоллар диэн булчуттар кэтэһэллэр.  Киис баар эрээри, хаар суох буолан, хапкааҥҥа киирбэт буолбут. Кутуйах сүүрэрэ көстөр буолан, кутуйаҕынан аһылыктанан эрдэҕэ.

— Киис тыыннаах кутуйахтары сиир буоллаҕа. Үс сыл улаханнык курааннаан кутуйах дэлби төрөөтө, оҕото элбэх. Кыыл таба кэлбэтэ, Абый-Аллайыаха быысаһыыларыгар тохтоон хаалла. Абый диэки кэлбэтэҕэ 3-4 сыл буолла бадахтаах, — диир кини.

Гаврил Николаевич этэринэн, бултуур сирэ бөһүөлэктэн чугас, 5 көстөн саҕаланар уонна Халыма сиригэр диэри тиийэр. Бултуур сиригэр түөрт үүтээннээх, олор бары 2-3 бураан турарыгар анаан гараастаахтар.

— Абыйга чыс кутуйах олус элбэх. Оту таһар буолан, ойуур иһэ көҕөрөн турар курдук буолааччы. Тайах ол кутуйах муспут отун сиир. Чыс кутуйахтар олус өйдөөхтөр. Биирдэ үүтээммэр олус элбээтилэр, киһини сүгүн утуппаттар диэн барарбар сиэмэчикэ курдук дьааты муннуктарынан тарҕата уурбутум. Куораттан сирбин-дойдубун ахтан аҕай тохсунньу ортото үүтээммэр тиийэн кэллим. Арай сыттыгым анныгар туох эрэ бөлтөркөй баар курдук буолбут. Били, кутуйахтарым ол дьааппын сыттыгым анныгар муспуттар. Олус соһуйан турабын. Ол иһин кэнники дьааттаабат буолбутум. Дьэ, барахсаттар, сүүрэкэлэһэн көрдүннэр, — диэн кылгас кэпсээнин түмүктээтэ.

Женни Стрюкова бэлэмнээтэ.

Хаартыска: gallery.ykt.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0