Чыпчаххай: Баанньыкка арыгылааһын

27.12.2017
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл үүнэр күнүгэр биһиги доҕотторбутун кытары бары баанньыкка сылдьар үгэстээхпит…” Маннык этииттэн саҕаланар аатырбыт киинэ тугунан түмүктэнэрин бары билэр буолуохтааххыт.


Быйыл Бастакы ханаалга “Ирония судьбы или с легким паром” киинэни аан бастаан көрдөрбөт буолбуттар. Уонча сылы быһа субуруччу бу киинэ көстөөччү этэ. Ол арыгыны иһиини көҕүлүүр киинэ диэн санааттан буолуон сөп. Төһө да дьиэни бутуйуу көрдөөх дьыала курдугун иһин, арыгылааһын диэн социальнай иэдээн.

Кырдьык, баанньыкка бардахтарына, үгүстэр, ордук эр дьон, арыгы, пиибэ иһэн, “сынньанар” идэлээхтэр. Доруобуйаҕа буортутун туһунан туспа кэпсээн. Оттон баанньыктарга, уопсастыбаннай миэстэлэргэ арыгыны атыылааһын төһө сиэрдээҕий? Матвей Лыткин салайааччылаах арыгы атыытын хонтуруоллуур биэдэмистибэ биһиэхэ күүскэ үлэлиир.

“Баанньыкка — итирик дьон”

Соторутааҕыта Ил Дархаҥҥа Игорь Посельскай диэн киһи сурук суруйда. Кини суругар Дьокуускай Жорницкай уулуссатыгар баар баанньыкка куруук арыгыны атыылыыллар, итирик дьон уопсастыбаннай бэрээдэги кэһэллэр, мэһэйдииллэр диэн этиллэр.

Биһиги кинини кытта төлөпүөнүнэн сибээскэ тахса сырыттыбыт.

—Мин итинтэн чугас олорор буолан, куруук сылдьабын. Нэдиэлэҕэ биирдэ, баскыһыанньаҕа 5 саастаах уолбун кытары сылдьааччыбын. Баанньыкка куруук пиибэ иһэ олорор дьон баар буолаллар, айдаараллар, маатырылыыллар, хаһыы-ыһыы бөҕө. Маннык балаһыанньаҕа киһи сынньаммат. Оҕом куттанан, баанньыкка барыан баҕарбат буолла. Ким да бэрээдэги көрбөт, тохтоппот. Уопсастыбаннай сиргэ тоҕо итирик дьон айдаарыахтааҕый, тоҕо кинилэргэ итирдэр утахтары атыылыылларый?

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата арыгы атыытын хааччахтыыр миэрэлэрэ —  анал маҕаһыыннарга уонна болдьоммут кэмҥэ атыылыыллара нэһилиэнньэ доруобуйатыгар үчүгэйдик дьайар дии саныыбын. Оттон маннык киһи сынньана, ырааһыра кэлэр уопсастыбаннай миэстэлэригэр арыгы  күнүстэри көҥүллүк атыылана турара төһө сөбүй?

Сарсыардаттан пиибэ атыыланар

Жорницкай уулуссатыгар турар чааһынай баанньык “Дядя Баня” диэн ааттаах. Предприниматель Александр Махутов үлэлэтэр. Баанньык сарсыарда 9-тан түүн 12 чааска диэри үлэлиир. Үлэ күнүгэр 4 чааска диэри оҕоҕо – 165 солк., улахан киһиэхэ 280 солк., социальнай (биэнсийэлээхтэргэ, инбэлииттэргэ) – 190 солк., киэһэ өттүгэр оҕоҕо – 250 солк., улахан киһиэхэ – 450 солк., өрөбүл күннэргэ оҕоҕо – 250 солк., улахан киһиэхэ – 450 солк. төлөбүрдээх.

Мин пиибэ атыыланара төһө кырдьыгын-сымыйатын билээри, сарсыарда өттүгэр бара сырыттым. Тас таҥаскын устан, таапачыка кэтэн баран, иһирдьэ илдьэ киирэр эбиккин. Дьахталлар саалаларыгар киирээти кытары, утахтары атыылыыр бар турар. Ол аттыгар олорорго анаан дьыбааннар бааллар, остуол көстүбэт. Барга икки ыскаабынан пиибэ, атын утахтар кыстанан тураллар. Иһэ олорор киһи суох эрээри, сарсыардаттан атыыланара чахчы эбит.

Суунан бүтэн, такси кэтэһэ олорор кыргыттартан ыйыталастым.

—Биһиги манна куруук сылдьабыт. Ыраас, киэҥ, өрөмүөннээх буолан, сөбүлүүбүт. Пиибэни атыылыыллара буолуо да, онно наадыйбаппыт. Наар сарсыарда өттүгэр сылдьар буолан, холуочук, итирик киһини көрбөтөхпүт, — дэһэллэр.

Куорат баанньыга сабыллан хаалан, олохтоохтор бу чааһыгар уустуктары көрсүбүттэрэ ыраатта. Онон хас да чааһынай баанньык баарыгар сылдьарга күһэллэллэр. Манна барыларыгар да пиибэ атыыланар, хаһаайыттар онон эбии дохуот киллэринэллэр.

“Биһиги эрэ буолбатах”

Бу кэнниттэн баанньык салалтатыгар официальнай сурук суруйдубут. Ол эрээри хаһыат тахсыар диэри (үс үлэ күнүн уонна икки өрөбүл күн устата) эппиэт кэлбэтэ. Төлөпүөнүнэн салалтаны, хаһаайыны кытары кэпсэппиппитигэр куолаһы үрдэтии да тахса сырытта.

Александр Артахинов, управляющай:

—Атын баанньыктары тоҕо суруйбаккыт? Атыттарга эмиэ атыылыыллар ээ. Уопсайынан, чааһынай предпринимателлэри тоҕо баттыы сатыылларый? Тоҕо социальнай сыананы олохтоон, кыаммат араҥаҕа көмөлөһөрбүтүн суруйбаккыт? Биһиэхэ күн аайы 100-150 биэнсийэлээх киһи чэпчэтиилээх сыананан (190 солк.) суунан барар. Итинник сыана куоракка ханна да суох. Куорат баанньыга сабыллыаҕыттан, биэнсийэлээхтэр бары биһиэхэ сылдьаллар.

Биһиги 25 үлэһиттээхпит, кинилэр хамнастарыгар, коммунальнай төлөбүргэ элбэх ороскуот тахсар, пиибэни атыылаатахпытына эрэ, ороскуоппутун сабынабыт. Эбэтэр социальнай сыанабытын үрдэтэбит, эбэтэр үлэһиппитин аҕыйатабыт дуу?

Салгыы баанньык хаһаайына Александр Махутов бэйэтинэн эрийэ сырытта.

— Биһиги сокуону тутуһан, эрэстэрээн курдук үлэлиибит, ол иһин сарсыарда да атыылыахпытын сөп. Лицензия баар. Кытаанах кыраадыстаах утаҕы атыылаабаппыт, пиибэни эрэ. Туох эрэ айдаан тахсар түгэнигэр анал кунуопкалаахпыт, полициялар түргэнник кэлэллэр. Анал харабыл суох. Полицияҕа бэрээдэги кэһии туһунан сайабылыанньа баар дуо? Суох. Оччоҕо тоҕо суруйа сатыыгыт?

Ил Дархаҥҥа сурук киирдэ

Килийиэннэргит итирик дьону кытта алтыһалларын сөбүлээбэттэр, ол үчүгэй дуо?

— Биһиги сокуону кэспэппит. Ааспыкка полицияттан, мэрияттан кэлэ сылдьыбыттара, туох да кэһиини булбатахтара. Ити П. суруйбутун билэбит. Кини биһигини кытары буолбакка, ол холуочук дьону кытары айдаарсыбыт этэ.

Оччотугар хаһыат балаһатыгар туох да кэһии суох, сокуон хараҕынан үлэлиибит диэн бар дьоҥҥо аһаҕастык этэргитигэр кыах бэриллэр. Биһиги икки утарсар өрүт санааларын икки өттүттэн тиэрдиэхпитин баҕарабыт…

—Мин хаһыакка аатым ахтылларын букатын сөбүлээбэппин.

Мантан салгыы бэрт уһуннук төлөпүөнүнэн “этистибит”. Хаһаайын хаһыакка сырдатылларын утарара биллэр. Түмүгэр тиийэн, бэл, “пиибэни сарсыарда атыылыырбытын хайдах дакаастыыгыт?” диэн баайыста. “Бэйэм тиийэн көрбүтүм, хаартыскаҕа түһэрбитим” диэбиппэр, “хаартыскаҕа түһэрэр, хаһыакка таһаарар быраапкыт суох” диэн буолла.

Ол эрээри, “Закон о СМИ” федеральнай сокуон 47-с ыст. 1 чааһын 6-с пуунугар этиллэринэн, “суруналыыс уопсастыбаннай сиргэ тиийэн видеоҕа устар, хаартыскаҕа түһэрэр бырааптаах”.

Сокуон хараҕынан хайдаҕый?

“Арыгыны иһиини хааччахтааһыҥҥа уонна этиловай испиири, арыгыны, испиирдээх бородууксуйаны эргитиигэ, оҥорон таһаарыыга судаарыстыба хонтуруолун туһунан” диэн 171 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа сурулларынан, арыгыны, испиирдээх бородууксуйаны атыылыырга лицензия баар буолуохтаах. Кыраадыстаах арыгыга лицензияны ыларга хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбаны арыйыахха наада, ИП ылар кыаҕа суох. Оттон предприниматель пиибэни лицензията суох атыылыан сөп.

Бу сокуон түүн атыылыыры бобор. Ол эрээри биир “ноолоох”. Уопсастыбаннай аһыыр миэстэлэргэ (общепит) күнүстэри-түүннэри арыгыны атыылыыры көҥүллүүр. Онон эрэстэрээннэргэ, кафеларга, түүҥҥү кулууптарга арыгы көҥүл атыыланар. Бу тэрилтэлэргэ арыгы бытыылканан атыыламмат, кутан биэриэхтээхтэр. Сокуону кэспиттэргэ ыстараап көрүллэр – дуоһунастаах дьоҥҥо – 5-10 тыһ. солк., юридическай сирэйдэргэ – 50-100 тыһ. солк.

Оттон сорох предпринимателлэр сокуон ити “хайаҕаһын” туһанан, маҕаһыыннарыгар аҕыйах остуолу туруораат, “кафе” диэн ааттыыллар уонна онно арыгыны көҥүл атыылыыллар. Тэрилтэни суут эрэ сабар бырааптаах, ол эрээри полиция кэлэн ыстарааптыыр уонна бородууксуйаны былдьыыр кыахтаах.

2012 сыллаахха 171 №-дээх сокуоҥҥа уларыйыы эбэн, пиибэни арыгы бородууксуйатын кэккэтигэр киллэрбиттэрэ. Онон пиибэни уулуссаҕа, пааркаларга, подъезтарга, ырыынактарга, о.д.а. уопсастыбаннай миэстэлэргэ иһэр бобуллубута. Оҕо сылдьар спортивнай, үөрэх тэрилтэлэрин аттыгар, тырааныспарга, киоскаларга, вокзалларга, ырыынактарга атыылыыр бобуллар.

Ол да буоллар, байар туһугар баҕалаах араас “хайаҕаһы” көрдүүр…

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0