Чып кистэлэҥинэн…

Ааптар:  Галина Нельбисова
11.01.2025
Бөлөххө киир:
Photo by form PxHere

Киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран, сыта, олоро түһэн, дьиэ кэргэттэрин кытта төлөпүөннэһэн, дьонноро этэҥҥэлэрин истэн уоскуйан, налыйан, үгэс курдук киэһээҥҥи чэйдэрин иһэн сырылата олорбуттара. Иккиэн даҕаны үүттээх чэйи олус таптыыр эбиттэр.

– Тэхээним оҕото кыыс буоларыгар олох эрэллээх дии, доо… Олох дьүдьэйбэтим, ырбатым эҥин, ити уолаттарбар курдук кэри кэмминэн сырыттым, быраат кэлэрэ буолуо ээ диэтэхпинэ, кэпсии-ипсии олорон саҥата суох баран хаалар. Оччоҕо отой буруйдаах курдук сананабын, илиибин имитэ-имитэ, испин имэринэ олоробун, ол-бу диэки эрэ көрөөхтүүбүн, – Вера тиэхэлээхтик күлбүтэ.

– Оттон мин киһим эмиэ олох уһун сайыны быһа уол оҕолоно­бут дии-дии санаата ырааҕынан тэлэһийэр. Мин эмиэ нууччаларга дуу – «мальчик матери дает красоту, а девочка отнимает» диэни истээччибин. Бу да сырыыга тупсубатахпын сиэркилэҕэ көрүнэбин, токсикозтаан эрэй бөҕөбүн. Биир наһаа дьээбэлээх дьүөгэм: «Хотуой, эмиэ хортуоппуй ийэтин курдук буолбуккун ээ, эмиэ кыыс оҕону илдьэ сылдьаҕын быһыылаах», – диэн күллэрбитэ, хомоппута даҕаны.

Хотунум Нина Аркадьевна эмиэ туох эрэ түүллэрин туhунан кэпсээн эрэрэ, эмиэ уол буолбатах диэн саарбахтыыр быhыылааҕа. Дьиҥинэн, кини «итиэннэ оҕолонума, айыыhытыҥ уолу биэрбэтэҕин хайыаҥый, күтүөттэр кэлиэхтэрэ буоллаҕа» дии сылдьыбыттаах. Ол эрээри Унаараптар, кэргэним, тойонум ааттарын ааттатар, араспаанньаларын салгыыр, туйах хатарар уол оҕо баар буоларын хайдахтаах баҕаралларын эмиэ билэ-көрө сылдьара бэрт буолан быhа-хото боппотоҕо.

Арай Вера аргыый устуулуттан туран, түннүк диэки хаамыталаан ылан баран, эмискэ тэhэ баран:

– Хотуой, арай … – диэн баран айаҕын саба туттубута. Харахтара төгүрүhэн хаалбыттара, имэ тэтэрэн кэлбитэ.

– Тугу, арай?! – Аида тугу эрэ соhуччуну истиэхтээҕин билбиттии устуулугар мөхсөн ылбыта, ол эрээри Верата тугу этэн эрэрин сэрэ­йэн да көрбөт буоллаҕа, туох диэри гынарый диэбиттии сирэйин-хараҕын өрө көрөн олорбута.

– Арай эйиэнэ эмиэ кыыс, миэнэ эмиэ уол буоллахтарына атастаhан кэбистэхпитинэ?! – Вера эмискэ төбөтүгэр көтөн түспүтү этэн баран, тоҕо эрэ сыттыгы хаба тардан ылан сирэйигэр саба туттубута.

– Вераа … – Аида эмиэ хайдах эрэ ис-иhиттэн ыгыллан, долгуйан хаалан, икки чэчэгэйин туттан баран олоро түспүтэ. – Сатаныа үhү дуо, оннук? Киинэ дьонун курдук буолан эрэбит буолбатах да. Вера, сыта-тура толкуйдуоҕуҥ, бары өттүнэн ыйаа­hыннаан көрүөххэ. Эттэххэ дөбөҥ диэбит курдук, айыбыын дии санаабаккын да? Суукка эриллиэх дьыала буолар дии, бу балыыhаларбыт хайдах ону быhаараллар?

– Оттон оннук бөҕө буоллаҕа дии, Аидушкаа. Балыыhаттан тахсан баран таhырдьа атастаhан баран куотан хаалбат буоллахпыт, – Вера эмиэ хараҕар оҥорон көрө оҕуста быhыылаах, күлэн мытырыйбыта.

– Ээ диэ… Бээрэ, хата табыллыахпыт быатыгар буолаарай, Таисия Мироновна дьүөгэм Оксана эдьиийэ ээ. Оксананан кэпсэтиннэриэхпин сөп эбит, apaaha, көмөлөhүө этэ дуу, – Аида бы­­лаанныыр киhи сиэринэн тарбаҕын чочоҥноппута.

– Ол аата, сөбүлэhиэҥ этэ да оннукка, Аида? Oҕолорбут сыыс­чааннара, бырастыы гыныҥ дуу, ийэлэргит барахсаттары, тоҕо эрэ наhаа дьүөгэлэhэммит ону-маны гынаары оҥостон эрэбит. Эhигини наhаа күүтэбит, сибэккичээн кыыс да буолуҥ, ньургун уол да буолуҥ. Ол эрээри, этэргэ дылы, чып кис­тэлэҥинэн кыратык олохпутун уларыттахпытына, ыра санаабыт ыпсарыгар көмөлөстөхпүтүнэ … – Вера бэйэтэ бэйэтигэр курдук элбэх элбэҕи саҥара олорбута.

– Толкуйданабыт, Вера… Оо дьэ, уубут көтөрүн, нуһараҥ чуумпу олохпут ыһылларын толкуйдаатыбыт быһыылаах ээ. Мин ити икки ардыгар олох киэҥинэн былаан­наан көрдүм. Дьиктитэ диэн, туох эрэ сипсийэрин курдук, оннук санаалар бииртэн биир кэллилэр. Киинэ курдук кэллэ диэбэккин дуо…

Бээ, бастаан эн биһикки Таисия Мироновналыын сүбэлэһиэхпит, кэпсэтиэхпит. Ол аата, эн оҕолонор эпэрээссийэҕин мин төрүүр күнүм хаһан да тиийэн кэллин, онно туруортарыахтаах эбиппит. Дьэ ол күн биллэр, иккиэммитигэр кимнээх бэбээрэн  кэлэллэрэ! Эрдэттэн кэпсэппит, биһиэхэ көмөлөһөргө сөбүлэспит аанньалбыт Таисия Мироновна ону түргэн-тарҕан соҕустук чып кистэлэҥинэн быһаа­рар. Оо, иэдээн да эбит, оттон атын үлэһиттэр ону туох дииллэр, олох ону сатаан санаабаппын дии. Иккиэн биир күн төрөөтөхпүтүнэ эрэ, дьоммутугар хайдах этэрбит быһаарыллар буоллаҕа дии?

Галина Нельбисова

«Чып кистэлэҥинэн…»

(Айар, 2024) кинигэтиттэн

быһа тардан.

+1
5
+1
2
+1
0
+1
0
+1
10
+1
2
+1
5