Бүгүн лиирик-бэйиэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Харитонов-Чуор төрөөбүт күнэ.
Николай Иванович Харитоновы–Николай Чуору мин Мииринэйгэ “Якутнипроалмаз” институкка научнай сотруднигынан үлэлиир сылларбар, ааспыт үйэ 1990-с сылларын саҥатыгар билбитим. Кини Мэри Михайловна Софианиди салайар, бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх, литератураны таптааччылар, поэзияны сөбүлээччилэр билэр үгүс ааптардарын иитэн-такайан таһаарбыт «Кимберлит» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр литературнай түмсүү биир көрсүһүүтүгэр кэлбит этэ.
Киһи бастакы көрө түһэригэр олус боростуой, кэпсэтинньэҥ, үөрүнньэҥ көрүҥнээҕэ. Барыбытын кытта эрчимнээхтик илии тутуһан дорооболоспута, нууччалыы-сахалыы саҥаран умайыктанара, билбэт киһитин кытта, уруккуттан билэр курдук, эйэҕэс бэйэлээхтик иҥэн-тоҥон кэпсэтэрэ, сытыы харахтара ачыкытын тааһын нөҥүө сырдык сардаҥанан сыдьаайаллара. Кэпсэтии айар үлэ тула барбыта. Онтон салҕыы Саха сирин арҕаа өттүгэр литературнай альманах тахсара уонна онно алмаастаах түөлбэ улуустарын айар-суруйар дьонун үлэлэрин бэчээттээн дьон дьүүлүгэр таһаарар буоллар үчүгэй буолуо этэ диэн санаа үөскээбитэ. Көрсүһүү бүтүүтүгэр, кэпсэтии түмүгэр эттэнэн-сииннэнэн, Мииринэй улууһун дьаһалтатын, «АЛРОСА» АХ салалталарыгар мэктиэ-сурук буолан тиһиллэн тахсыбыта. Бу дьыала силигэ ситэрин туһугар Николай Иванович, Мэри Михайловна үгүс сыраларын биэрбиттэрэ, сорох дьонтон уот ааныттан аккаас, сорохтортон сөбүлэҥнэрин ылан кабинеттан кабинекка сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Манна Николай Иванович ылсыбыт дьыалатын силигин ситэрэн төннөр, ханнык да бэйэлээх кабинет хаһаайыныгар сөптөөх тылы-өһү булан этэр, быһаарар, бэйэтигэр тардар, тылын ылыннарар дьоҕурдааҕа көстүбүтэ. Ол үгүс сырыылар, кэпсэтиилэр түмүктэригэр «Вилюйские зори» диэн литературнай-уус-уран альманах күн сирин көрбүтэ.
Хоһоонноро нууччалыы тылбаастаммыттара
Николай Чуор олус иһирэх иэйиилээх, кэрэни, тапталы өрө тутар, айылҕаҕа, ийэ дойдуга сүгүрүйэр сырдык тыыннаах хоһооннорун ааҕан, олус чугастык ылыммытым. Ол да иһин, кини хоһоонноро нуучча ааҕааччытын сыанабылын ылалларыгар күүс-көмө буолар санаа киирбитэ. Кини 120-чэ хоһоонугар подстрочник оҥорбуппун Мэри Софианиди «Кимберлит» чилиэннэригэр тылбаастата биэрбитэ. Дьиҥинэн, тылбаас олус эппиэтинэстээх, ыарахан үлэ.
Ааптар айымньытын сүрүн тиэмэтин эрэ буолбакка, хоһоон тылын сөлөгөйүн, ис тэтимин, муусукатын, иэйии араас эрилгэнин, кырааскатын, аһары түһэн эттэххэ, амтанын-сытын диэххэ дуу, сүтэрбэккэ атын омук тылынан саҥардыы элбэх үлэни эрэйэрэ саарбаҕа суох. Бу үлэ түмүгэ «Подарок любимой» диэн ааттаах бэртээхэй кинигэ буолан, 2004 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар кµн сирин көрбүтэ, ааҕааччы биһирэбилин ылбыта.
Аан бастакы аартыкпын арыйбыта
Урут да, кэлиҥҥи да кэмнэргэ суруйбут хоһооннорбун: «Мин бу сөбү оҥоробун дуу, сөрүөстүгэһи оҥоробун дуу?» — диэн санаанан салайтаран, аан бастаан литератураҕа үгүс сыл үлэлээбит киһиэхэ – Николай Ивановичка көрдөрбүтүм. Идэтинэн ыксал-тиэтэл сырыытын быыһыгар ол мин киниэхэ көрдөрөр хоһооннорбун барытын сыныйан аахпатаҕа, уонча хоһоону «көрөн» баран, «үчүгэйдэр эбит, балары бэчээккэ таһаарыахха наада» диэн сыана быспыта. Үлэбинэн Дьокуускайга командировкаҕа барарбар Иван Федосеевка сурук суруйан бэйэбэр туттарбыта уонна хайаан да киниэхэ киирэ сырыт диэн сүбэлээбитэ. Онон, мин хоһооннорум өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэнэллэригэр аан бастаан аартыгы аспыт, сүбэ-ама буолбут уонна мин өйбөр-санаабар «сөбү оҥорор эбиппин» диэн бөҕө санаа олохсуйарыгар көмө буолбут аҕа табаарыспар, дууһабар чугаһата тутан эттэхпинэ, убайбар махталым муҥура суох.
«Олох диэн ураты кэрэ»
Суруналыыс буолан буолуо, араас тэрээһиннэр тустарынан тута ылан суруйа охсорун, ыстатыйаларыгар наадалаах тылы-өһү булан, уу тэстибэт гына ыпсыытын ыпсаран суруйар сатабылын сөҕөрүм.
Дьоҥҥо наар үчүгэйи эрэ көрөр, түөн да саҕа хараны була сатаабат дьикти дьоҕурдааҕа, олоххо, үлэҕэ ханнык да ыар охсууну ылбытыҥ иһин, син биир олох диэн ураты кэрэ. «Киһини сырдыкка, инникигэ тардар умсулҕаннаах”, — диэн тыллааҕа. Тус бэйэтин олоҕор үгүс өрө тахсыыны, аллараа түһүүнү этинэн-хаанынан билбит киһи олоххо сыһыана ураты сырдыгын, эрэлэ күүстээҕин, дууһата ырааһын сөҕүөххэ эрэ сөп. Кини ити уратыта хоһоонноругар да көстөр. Төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин, айылҕа араас туругун, киһи киһиэхэ сыһыанын, аан дойду кэрэ аҥаардарын – Саха сирин Айыы Куоларын, сырдык аанньалларын туһунан дууһата төһө иэйэринэн, сүрэҕэ тугу этэринэн, санаата тугу сайарынан сырдык тыыннаах, хомоҕой тыллаах хоһоонугар хоһуйара. Кини өссө биир ураты дьоҕурунан хоһооннору тута айара буолар. Ханнык эмэ көрсүһүүлэргэ хайа эрэ муннукка кылгас кэмҥэ бүгэ түһээт, суруйа охсубут хоһооннорун ааҕан иһитиннэрэрэ. Онто “экспромт” диэн ааттаах буолара. Мин итинник суруллубут хас да экспромнарын ааҕарын истэн турардаахпын.
Дьон психологиятын олус билэрэ
Николай Иванович көрө, кыратык кэпсэтэ түстэ да, бу киһи кимин-ханныгын, тугунан тыынарын сыысхала суох быһаарара, билэ охсоро. Ону кини: «Кыра сааспар тулаайах хаалан, Оҕо дьиэтигэр иитиллэн, дьон сирэйин-хараҕын, быһыытын-майгытын оҕо чараас дууһатын кыраҕы хараҕынан, сүрэҕинэн билэ-көрө үөрэммитим», — диэн быһаарара. Оччотооҕу кэм аас-туор олоҕо тулаайах оҕо дууһатыгар-сүрэҕэр умнуллубат ыар суолу хаалларбыт буолуохтаах да, Николай Иванович олоххо наар сырдыгы эрэ көрөрө, инникигэ булгуруйбат эрэллээҕэ. Кэргэнэ Зоя Ильинична этэринэн, кини бу «харысхаллаах ымыыта саспыт хаарыан сириттэн, хомус истэр, хоһоон айар хаарыан сырдык ырааһыйатыттан», таптыыр аххан күнүн сириттэн күрэнэр тиһэх тыыныгар диэри ити быһыытын ыһыктыбакка сыппыт…
Хааллылар «харысхаллаах ымыыҥ саспыт хаарыан сиргэ» хоһоонноруҥ, ырыаларыҥ, ыраас лиискэ тиһэн кээспит сайаҕасчай санааларыҥ, чуумпу кэмҥэ бүгэн туойбут дууһаҥ сырдык иэйиилэрэ, оҕолоруҥ, мурун бүөтэ сиэннэриҥ, «сырдык санаа кыыма буолан, сырдык иэйии дьоло буолан», эн эндирдээх олоххор Муза буолан арыалласпыт тапталлаах кэргэниҥ Зоя Ильинична, аймах-билэ дьонуҥ уонна эн талааҥҥар сүгүрүйэр эрэллээх ааҕааччыларыҥ.
Августина ЛОНКУНОВА.
edersaas.ru