“Чымадаан түмэлин” эспэнээттэрэ

Ааптар: 
07.02.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар Арассыыйаҕа Өйдөбүнньүк уонна Албан аат, Саха сиригэр — Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларынан сибээстээн, киһи кэрэхсиир араас тэрээһиннэрэ буола тураллар.

edersaas.ru

Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу уонна Нам оскуолаларын үөрэнээччилэрэ “Чымадаан түмэлэ” диэн Улуу Кыайыы 75 сылыгар туһуламмыт аахсыйаны саҕалаатылар.

Ол курдук, дьиэлэригэр баар эһэлэрин уонна эбэлэрин чымадааннарыгар оҕолор бэйэлэрин Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр сылдьыбыт хос эһэлэрин туһунан матырыйааллары мунньаллар. Манна сэрии бэтэрээннэрин бойобуой мэтээллэрэ, суруктара, ахтыылара, кинилэр тустарынан тахсыбыт хаһыат, сурунаал ыстатыйалара, дьиэ кэргэннэрин хаартыскалара, наҕараадалара уо.д.а. эспэнээттэр киирэллэр. Оҕолор муспут матырыйаалларын кылаас чаастарыгар туһаналлар.

Бу маннык тэрээһиннэргэ оҕо тус бэйэтэ кыттан, төрөөбүт түөлбэтин таптыырга, өбүгэлэрин үйэтитэргэ, дойдутугар бэриниилээх буоларга үөрэнэр буоллаҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — батсааптан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0