Чычымахха “Сүгүрүйэр ытык дьоммут” искибиэр аһылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Таатта улууһун Чычымаҕар Дьоруой Ийэлэргэ уонна уордьаннардаах дьоннорго  аналлаах искибиэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла.

edersaas.ru

Нэһилиэк дьоно өр сыллартан ыра санаа оҥостубут баҕабытын Чычымах биир чулуу ыччата, «Сириус» тэрилтэ салайааччыта Сергей Софронов, куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт түмсүүлэрэ, олохтоох дьаһалтабыт итиэннэ Дьоруой Ийэлэр уонна араас сылларга уордьаннарынан наҕараадаламмыт ытык дьоммут сыдьааннара үбүлээн олоххо киллэрдилэр.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ 65 саастарын туолбут үбүлээрдэр мас олортулар.
Санатан эттэххэ, биһиги искибиэрбит улуус үрдүнэн ийэлэргэ уонна үлэһит дьоҥҥо аналлаах бастакы искибиэр буолар.


Искибиэр Амма нэһилиэгин 100 сылыгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.


Чычымахтан бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Клавдия Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0