ЧЫЧЫМАХХА ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ АЙЫМНЬЫЛАРЫН ТААСКА ҮЙЭТИТТИЛЭР

Ааптар: 
13.09.2021
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 4 күнүгэр Таатта улууһун Чычымаҕын  аттыгар, Дьаам диэн ааттаммыт сиргэ “Өксөкүлээх  алгыстаах аартыга” диэн ааттаммыт скульптуралардаах  Паарка арыллыытын сиэрэ-туома ыытылынна. Кэрэ көстүүнэн айылҕа маанылаабыт Амма өрүс үрдүк кытылын  устатынан Өксөкүлээх Өлөксөй 11 айымньыларын хоһуйар 11 скульптуралар турдулар.

Саха тылын таптыыр, литературатын  билэр дьон, хас биирдии айымньыны эндэппэккэ таайыахтарын сөп. Скульптуралар  ааптардара Вячеслав Кулачиков, улуу убайбыт биллэр-көстөр   айымньыларын тааска дьүһүйбүт:
1. Кырасыабай кыыс
2. Өрүс бэлэхтэрэ
3. Сайын кэлиитэ
4. Ойуун түүлэ
5. Кэччэгэй баай
6. Хомус
7. Манчаары
8. Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата
9. Саха интеллигенциятыгар сурук
10.Байанай алгыһа
11. Алгыстаах аарка
Бу бырайыак былырыын от ыйыгар саҕаламмыта. “Өксөкүлээх алгыстаах аартыга”  бырайыагы көҕүлээччинэн Чычымах олохтооҕо Луиза Саввична Протопопова буолбута. Кини өйүгэр туппут санаатын олоҕун аргыһа Вячеслав Иванович Кулачиков иилэ хабан, сурукка хоһуллубут айымньылары илэ көстөр арт эбийиэктэргэ кубулутарга тылламмыт. Вячеслав Иванович айылҕаттан
айдарыылаах, анал үөрэхтээх – 1979 сыллаахха Дьокуускайдааҕы Художественнай училищены ситиһиилээхтик түмүктээбит худуоһунньук. Бэйэтин кэмигэр, 90-с сылларга норуот эмчитэ Владимир Кондаковка сэттэ сыл уһуйуллан, уҥуох тутааччы эмчит буолбут. Онон чахчы туспа көрүүлээх, айар куттаах киһи.
Билиҥҥи үйэҕэ аҥардас айар кут күүһүнэн маннык сүүнэ үлэ оҥоһуллубат. Бырайыак дьон хараҕынан көрөр артэбийиэк буолан турарыгар үп-харчы булуутун Саха сирин Суруналыыстарын сойууһа
бэйэтигэр ылыммыт. Бу үлэ туһунан паарка арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр кэлбит дьоҥҥо СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна  Бочкарева кэпсээбитэ:
— РФ бэрэсидьиэнин граныгар “Сохранение исторической памяти” диэн хайысхаҕа бу бырайыакпытын  «Увековечивание памяти основоположника якутской литературы Алексея Елисеевича
Кулаковского-Ексекюляха через создание культурного пространства 11 литературных героев А.Е. Кулаковского» диэн  ааттаан бараммыт, бастаан 2019 сыллаахха биэрбиппит. Ол гынан баран, аҕыйах баал тиийбэккэ, куонкуруһу ааспатахпыт. Онтон «Единый ресурсный центр  поддержки СО НКО и развития гражданских инициатив Республики Саха (Якутия)»  диэн пуонда үлэһитэ Томарико Евгеньевна  Дьячковскаялыын билсэн, координатор  буоларыгар көрдөспүппүт. Кини үлэбитин ситэрэн-көннөрөн, 2020 сыллаахха 1 мөл. 992 тыһ. солк. суумалаах граҥҥа тиксибиппит. Кэппиэйкэтигэр тиийэ үбүн кичэллээхтик тыырбыппыт. Эһиги билэҕит, биир пааматынньыгы Дьокуускайга мөлүйүөнтэн тахса сыанаҕа сакаастаан оҥортороллорун.  Оттон биһиги 2 мөлүйүөҥҥэ тиийбэт үпкэ  11 скульптураны туруордубут.
Ааспыт сайын Кулачиков маастар 5 скульптураны туруорбут, быйыл сайын 6 айымньыга анаммыт дьүһүйүүлэри туруоран былааннаммыт бырайыагы түмүктээтибит. Ону таһынан эбии спонсордар көстөннөр, “Байанай алгыһа” диэн ааттаммыт балаҕан тутуллубут. Балаҕан скульптурнай ансаамбыл киин эбийиэгэ буолуохтаах, суруйааччы төрөөбүтэ 145 сылын туолар
үбүлүөйдээх сылыгар түмүктэнэн арыллара  күүтүллэр. Манна алгыс сиэрэ-туома, уус-уран тыл көрсүһүүлэрэ, Өксөкүлээх ааҕыылара ыытыллаллара былааннанар.
Саха үгэһинэн өрөгөйдүүр тэрээһин алгыһынан арылынна. Саҥа түстэммит түһүлгэ өрүү элбэх ыалдьыттаах, тупсан иһэр тускуллаах, кэҥээн иһэр кэскиллээх,
дьон-сэргэ кэрэхсээн сылдьар сирэ буоллун диэн алҕаан, хомоҕой тыллаах Данил Афанасьев сири-уоту кымыһынан аһатта, баай барыылаах Байанайы дьүһүйбүт көмүлүөгү оттон, уот иччитин айах тутта.
Чычымах оҕолоро саҥа турбут арт-эбийиэктэр аттыларыгар Өксөкүлээх Өлөксөй  айымньыларын ааҕан тыын киллэрдилэр. Бу күн СӨ Суруналыыстарын сойууһун  бэрэссэдээтэлэ Галина Бочкарева, бырайыагы көҕүлээччи Луиза Протопопова, скульптор Вячеслав Кулачиков, бырайыак координатора Томарико Дьячковская Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтиттэн наҕараадалары, бочуоттаах грамоталары туттулар. Бэйэлэрин махталларын Амма улууһун салалтата, Чычымах олохтоохторо биллэрдилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар. Туспа эҕэрдэни бырайыагы үбүлэспит, тутуспут спонсордар ыллылар.
Тэрээһин тухары сайыҥҥылыы сылаас күн тыган мустубут дьону үөртэ. Куораттан  кэлбит ыалдьыттар, Өксөкүлээх аймахтара, Епархия бэрэстэбиитэллэрэ, Томпо улууһун “Иэйии” кулуубун чилиэттэрэ, оскуола оҕолоро бэркэ астынан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Арыллыы тэрээһинэ СӨ Суруналыыстарын сойууһа, ИП “В.И.Кулачиков” уонна Амма нэһилиэгэ (Чычымах бөһүөлэгэ) муниципальнай тэриллии икки ардыларыгар үлэни туттарыы аактатыгар илии баттааһынынан, бырыйыагы илииттэн илиигэ биэрии сөбүлэҥин түһэрсиинэн түмүктэннэ.

Егор Карпов, edersaas.ru

Хаартыскалар ааптардара Галина Бочкарева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0