Чыҥыс Хаан баайын көрдөөһүн сөҕүрээбэт

24.11.2016
Бөлөххө киир:

«Чыҥыс Хаан ханна көмүллэ сытарын сүүһүнэн, ону ааһан, тыһыынчанан киһи билэр. Бу кистэлэҥ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, аҕаттан уолга, эһээттэн сиэҥҥэ бэриллэн иһэр. Билэллэр, ол эрээри туох да иһин этиэхтэрэ суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, кини уҥуоҕун хаһыы сэрии, өлүү, атын да муҥура биллибэт муҥ-сор илбистэрин көҥүлгэ таһаарыаҕа»
Рашид-ад-ин

Чыҥыс Хаан ханна көмүллэ сытара 800 сыл ааспытын да үрдүнэн, аан дойду биир таайылла илик таабырына буолан сылдьар. Араас үһүйээннэринэн туолбут көмүүнү көрдөөһүн билигин даҕаны салҕанар. Онуоха көрдөөһүн улахан историческай суолтатын таһынан, көрдөөччүлэри онно көмүллэ сытар баһырхай баай-дуол ордук умсугутарын ким да мэлдьэспэт. Историческай сыаннаһын учуоттаан туран, көмүллэ сытар күндү таастар, кыһыл көмүс манньыаттар, сыаналаах иһит-хомуос, былыргы маастардар оҥорбут сааларын-саадахтарын уопсай сыаналара, саамай аччаабыта, икки миллиард долларга тэҥнэһэр диэн хайыы-үйэ ааҕан-суоттаан ырааппыттар эбит.

Үһүйээннэр Биир үһүйээн быһыытынан, кистээһин кэнниттэн ол сири ким да булбатын, хостооботун, киртиппэтин диэн 10 тыһыынча атынан үнтү тэбистэрбиттэр. Иккис үһүйээн быһыытынан Чыҥыс Хаан кэриэс тылын толорон Бурха-Халдун хайа анныгар көмпүттэр. Монгуоллар тустарынан «Сборник летописей» суруйан хаалларан аан дойдуга киэҥник биллибит суруксут Рашид-ад-ин (1247-1318) суруга баар. Онно этиллэринэн, оччолорго Бурха-Халдун хайа анныгар, абына-табына үүммүт иинэҕэс мастартан ураты, туох да үүммэтэ эбитэ үһү. Хоруобу биэс тыһыынча бастыҥ сэрииһит арыаллаан аҕалан көмпүт.

Икки сыл буолан баран ити сири Урааҥхай бииһин ууһуттан төрүттээх сэрииһиттэр түмэннэрэ ( быһа холоон, 10000 аттаах буойун) кэлэн ырааҕынан төгүрүйэ турунан кэбиспит. Дьон олордубут мастара үүнэн тахсан киһи сылдьыбат ыркый ойууругар кубулуйан, улуу сэрииһит көмүллүбүт сирэ ханна баара биллибэт буолбутун эрэ кэннэ түмэн ити сиртэн хоҥнубут. Ол эрээри аҕыс үйэ устата сир-уот аата төһөлөөх уларыйбыта буолуой?! Ону таһынан араас норуот биир сири атын-атыннык ааттыыра эмиэ баар. Онон ол Бурха-Халдун билигин ханна баарын ким да билбэт. Үһүс үһүйээҥҥэ этиллэринэн, Чыҥыс Хаан өлүгэ оҕо уонна эдэр сааһа ааспыт Онон өрүс анныгар харалла сытар. Быралыйар былыр бу сиргэ сирэйдэрин сапта сылдьар үгүс элбэх ньүкэр кэлбит. Кинилэр ааҕан ситиллибэт элбэх кулуттары аҕалан өрүс токуруйар сиригэр улахан ханааба хастаран барбыттар.

Күнү-түүнү быһа тохтоло суох үлэлээбиттэр. Олус элбэх кулут өлөр эбит. Кинилэри ханааба анныгар быраҕан испиттэр. Оннук хаһан быһыт туппуттар уонна өрүһү атын сиринэн сүүрдүбүттэр. Ол кэнниттэн өрүс түгэҕэ буолан сыппыт сиргэ дьаама хаһан хоруобу, араас күндү малы-салы онно кистээбиттэр, ону барытын гранит билиитэнэн баттатан баран буорунан көмпүттэр уонна быһыты алдьатан өрүһү оннугар төттөрү түһэрбиттэр. Улуу сэрииһит уҥуоҕун ким да булбатын, сэймэктээбэтин туһугар итинник үлүгэрдээх үлэ буолбут.

Чыҥыс Хаан хантан хааннааҕый?

Монголлары таһынан, кытайдар, бүрээттэр, казаахтар, оннооҕор дьоппуоннар кытта кинини бэйэлэрин аймахтарынан ааҕаллар. Тимуджин өлүгэ хайаларын сиригэр-уотугар сытарын мөккүөрэ билиҥҥэ диэри сөҕүрүйбэт. Россия учуонайдара этэллэринэн, Чыҥыс Хаан Российскай Федерация кыраныыссатыттан 8 көстөөх сиргэ төрөөбүт. Оттон монгуоллар улуу баһылык Онон өрүс баһыгар төрөөбүтэ диэн бигэ эрэллээхтэр.

Кытайдар эмиэ Чыҥыс хаан биһигиттэн төрүттээх дииллэр. Этэллэринэн, кини хотугу провинцияҕа чунуобунньугунан үлэлии сылдьан бөдөҥ ыстыраапка түбэһэн Улуу истиэпкэ күрээбит. Үгүс эрэйи-буруйу көрсөн баран кэлин моҕуол биис уустарыгар сыстыбыт. Ол кэнниттэн биис уустарын барыларын мунньан аан дойдуну сэриилии аттаммыт.

Биллэн туран, кини Кытайга төрөөбүт, онон өлүгэ эмиэ Кытай сиригэр баар. Оннооҕор дьоппуоннар улуу сэрииһит биһигиттэн төрүттээх дииллэр. Чыҥыс Хаан бииргэ төрөөбүт бырааттарын-самурайдары кытта кыыһырсан баран Күн Тахсар дойдутуттан күрүүргэ күһэллибит. Кытай сэриитигэр наемнигынан сылдьыбыт, кэлин маньжурдарга сулууспалыы сылдьан кинилэр олус иҥсэлээхтэрин уонна кэрээнэ суохтарын сөбүлээбэккэ, монгуолларга сыстыбыт. Күүстээх сэриини тэринэн албан аатырар аартыгын арыйбыт. Хата, дьоппуоннар өлүк биһиэхэ баар диэбэттэр эрээри, көмүллүбүт сирин тохтообокко көрдүүллэр.

chingiz2
Билиҥҥи көрдөөһүннэр

Чыҥыс Хаан көмүллэн сытар сирэ булуллубутун туһунан сурахтар сотору-сотору тарҕаналлар. Ол курдук, 2001 с. Монголияҕа Улан Батортан 360 км сиргэ америка учуонайдара 60 киһи уҥуохтаах 40 көмүүнү булбуттара. Сиэдэрэй таҥастарыттан-саптарыттан сылыктаан, баай дьон көмүүтэ буоларын быһаарбыттара. Американецтар, тута, бу баай дьон эрэ буолбакка, монгуол хааннара буолаллар, онон Чыҥыс Хаан эмиэ манна сытар буолуон сөп диэн сонуну тарҕата охсубуттара. Ол эрээри Монголия салалтата чинчийиини салгыы ыытары бобон кэбиспитэ. Оттон 2004 с. монгуоллар уонна дьоппуоннар холбоһуктаах экспедицияларын археологтара Илиҥҥи Монголияҕа XIII-XV үйэҕэ тутуллубут дьиэ оннун булбуттара. Бу Чыҥыс Хаан дыбарыаһын онно буолуон сөп диэн сабаҕалааһын баар буолбута. Ол эрээри кэлин көстүбүт булумньулар маннык сабаҕалааһын сыыһатын көрдөрбүттэрэ.

Саҥа сабаҕалааһын2012 с. ыам ыйын 4 күнүгэр «Тувинская правда» хаһыакка Улуу баһылык Туваҕа көмүллэ сытар буолуон сөп диэн соһуччу сабаҕалааһын баар буолбутун туһунан ыстатыйа тахсыбыта. Онно Чыҥыс Хаан олоҕун үөрэтиинэн дьарыктанар Казахстан учуонайа Гизат Табулдин этэринэн, Чыҥыс Хаан уолун кэргэнэ Толуйа бүрээттии аата «Сахатхаан» диэн эбит. Кини аҕата кэрэит хаанын Саха-Гомбо быраата эбит. Кэрэиттэр түүр тыллаах урааҥхай бииһин ууһа буолаллара биллэр. Кинилэр Туваҕа уонна Бүрээт-Монголияҕа баар биис уустарын кытта чугастык аймахтаһаллара. Итинтэн сиэттэрэн историческай наука доктора, ТГУ профессора Николай Абаев маннык түмүгү оҥорор: «Тувиннарга ордук чугастарынан сахалар буолаллар. Кинилэр билигин олорор сирдэригэр Тофалариянан, Тоджунан уонна Арҕааҥы Бурятиянан айаннаан тиийбиттэрэ. Онон Чыҥыс Хаан өлүгэ ийэтин да, аҕатын да өттүнэн аҕа саастаах аймахтара — Танну-урааҥхайдар олоро сылдьыбыт сирдэригэр — билиҥҥи Тува уонна Бурятия быысаһар сирдэригэр көмүллэ сытар буолуохтаах».

Сахатхаан Ангара өрүс кытылыгар анал экспедиция ыыта сылдьыбыта биллэр. Кинилэр кэлэн баран ол сир айылҕата олус тыйыһын, ол эрээри онно олус элбэх үрүҥ көмүс баарын кэпсээбиттэр. Н. Абаев итинтэн сиэттэрэн өссө биир маннык соһуччу этиини оҥорбут: « Экспедиция Чыҥыс Хааны сахалар саҥа булбут сирдэригэр — Бурятия хоту өттүгэр көмөргө хоруобугар анаан үрүҥ көмүһү көрдөөбүт буолуохтарын сөп. Оччолорго ити сиргэ аатырбыт курумчу уустарын удьуордара олороллоро».

Көрдүүр арай көһөҥө көмүһү булбатын?

Ат тарпатынан, оҕус кыайбатынан баай-дуол көмүллэ сытар диэн үһүйээн хантан үөскээбитэй? Монгуоллар халаан-талаан ылбыт муҥура суох элбэх баайдара-дуоллара кэлин хантан да көстүбэтэҕэ. Оччотугар ол баай барыта ханна барбытый? Ырааҕы өтө көрөр муударай Чыҥыс Хаан баай дьону иҥсэлээх, ымсыы оҥорорун, сиэри-майгыны алдьатарын, итинтэн сылтаан бүтүн норуот кэхтиэҕин, эстиэҕин билэр буолан, баар баайы-дуолу барытын бэйэтин кытта илдьэ барбыт буолуон сөп. Кини да кэнниттэн монгуоллар таҥнар таҥастарынан, аһыыр астарынан хаһан да тутайыахтара суоҕун улуу баһылык билэн эрдэҕэ. Ол да иһин көмүүгэ кырыыс ууруллубута. Үһүйээннэргэ этиллэринэн, улуу сэрииһит уҥуоҕа көһүннэҕинэ иэнэ биллибэт идээн, муҥура биллибэт муҥ саҕаланыахтаах. Ону Чыҥыс Хаан удьуора Тамерлаан кырыыс ууруллубут уҥуоҕун хаһан таһаарыы төһөлөөх иэдээни аҕалбыта даҕаны илэ-чахчы көрдөрбүтэ.

Итини таһынан өссө биир сабаҕалааһын баар. Чыҥыс хаан көннөрү олоҕор-дьаһаҕар, баайынан-дуолунан үлүһүйбэккэ, олус боростуойдук, судургутук дьаһанан олорбута. Онон олорбутун курдук эмиэ олус судургутук көмүллүбүт буолуон сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0