“Чуум хаһаайката” — уһуйаан иитээччитэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

 «Чуум хаһаайката» куонкурус «Тымныы полюһа – Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм аһыллыаҕыттан ыытыллар тэрээһин.

edersaas.ru


Онон быйыл дьон биһирэбилин ылбыт куонкурус 19-с төгүлүн ыытылынна. — 50C кыраадыс тымныыга балааккаҕа олоро үөрэммит «чуум хаһаайкалара» — табаһыттар курдук идэтийбит дьахталлар. Таҥас бэрийиитэ, ас астааһына – бу табаһыт кыыс оҕото биэс-алта сааһыттан толорор үөрүйэҕэ. Ол эрээри,  чуум кырдьаҕас хаһаайкалара бэлиэтииллэринэн, аныгы оҕолор сибээһэ, интэриниэтэ, суотабайа суох сатамматтар, ыстаадаҕа тахсан үлэлииргэ тиэтэйбэттэр.

Онон кэлэр сылларга таба ыстаадатыгар «чуум хаһаайката» суох буолар кутталланна. Аныгы кыыс оҕо биһиги дьоммутуттан ылбыт үөрүйэхтэрбититтэн тэйдэ, — диэн бэлиэтиир 40-тан тахса сыл чуум үлэһитинэн үлэлээбит чуум уопуттаах хаһаайката Анна Винокурова. Кини хаһаайкалар куонкурустарыгар төрөппүт оҕотун кэриэтэ бүөбэйдээн ииппит тулаайах балтын, оҕо уһуйаанын иитээччитэ Анастасия Соколоваҕа көмөлөһө сылдьара.

Бу хотугу норуоттар түөлбэлээн олорор сирдэригэр аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар духуобунай култуураларын, тылларын-өстөрүн, үгэстэрин үйэтитэр соруктаах тэрээһин бэстибээл иккис күнүгэр ыытыллар.

Быйыл куонкуруска 4 эдэр дьахтар кыттыбытыттан, бары түһүмэхтэргэ бастаан, кыайыылааҕынан Томтор олохтооҕо Анастасия Соколова таҕыста. Анастасия, кырдьык да, бары өттүнэн дьоҕурдааҕа хара маҥнайгыттан көстөр-биллэр этэ.

— Мин Томтор нэһилиэгин “Кэскил” оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлиибин. Уонтан тахса сыл эбээн тылын куруһуогун үөрэтэбин. Онно эбээн норуотун сиэрин-туомун,  үгэһин  оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэтэбит, — диэн кэпсиир «Чуум хаһаайката» куонкурус кыайыылааҕа.

Анастасия ырыаһытын, үҥкүүһүтүн таһынан, асчыт бэрдэ. Кини куонкуруска ураһа моһуоннаах мүөттээх торду, ыһаарыламмыт тииҥи уонна куһу, барыанньа уонна балык арааһын астаан, көрөөччүлэри да, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин да олуһун сөхтөрбүтэ.

Оскуолаҕа киириэр диэри ыстаадаҕа сылдьыбыт кыысчаан чуум хаһаайкатын үлэтин төрдүттэн билэр буолан, билигин бэйэтэ  үс оҕолоох эдэр ийэ, аныгылыы тыыннаан биэрэн, “Чуум хаһаайката”  куонкуруска тэҥнээҕин булбата.

Биллэн турар, чуум хаһаайката уһуйаан иитээччитэ буолан, бэйэтин норуотун култууратын хотугу сир оҕолоругар тарҕата сылдьара олус бэрт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0