ЧУУКААРДАР КЫСТЫК ИННИГЭР

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха киһитэ сайын буолла даҕаны сир астаан, оттоон-мастаан кыһыҥҥы кыстыгар бэлэмнэнэр үтүө үгэстээх…

Чуукаар нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ саха сиэринэн сайыннарын бэркэ, туһалаахтык атаардылар. Үлэ, үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан, олохтоохтор бөһүөлэк тупсаҕай көстүүлээх, ыраас буолуон баҕараннар, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн субуотунньуктары тэрийэн ыыттылар.

Ол курдук балаҕан ыйыттан саҕалаан бары тэрилтэ үлэһиттэрэ санитарнай ирдэбили тутуһан, Андайбыт сиригэр уотугар политсыылынай С.М.Стрижевскэй кэриэһигэр турбут өйдөбүнньүк бэлиэни, сирин-уотун ыраастаатылар. Маны сэргэ нэһилиэк бөх тоҕор сирин ыраастаатылар. Эр дьон ыксаллаах быһыыга-майгыга бөртөлүөт түһэр сирин күрүөлээтилэр. Билигин олохтоох дьаһалта уот тардан сырдатыы үлэтин ыыта сылдьар.

Чуукаар дьоно-сэргэтэ бу курдук төрөөбүт төрүт дойдулара кэрэ, ыраас көстүүлээх буоларыгар бука бары ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар. Айанньыттарга суол кытыытыгар, тохтуур сирдэргэ бөҕү-саҕы ыһымаҥ диэн этэллэр, сири-уоту харыстыырга ыҥыраллар.

Сэргэн Лэкээрин,

Чуукаар, Ньурба.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0