Кыстыкка бэлэмнэнэн, Ньурба улууһун Чуукаарын олохтоохторо кыһыны быһа иһэр ууларын — Эбэлэрин мууһун хото хаһааннылар.
Биһиги уопсастыбаннай кэрэспэндьиэммит Сэргэн Лэкээрин иһитиннэрбитинэн, дьиэ ис-тас үлэтэ, сүөһү көрүүтэ-харайыыта хайдах да уута суох сатаммат.
Онон бу ый саҕаланыаҕыттан Чуукаардааҕы бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ аҕам саастаах дьоҥҥо муус ыллылар, мастарын тиэйэн, хайытан биэрдилэр.
«Бу курдук тыа сирин олохтоохторо бэйэ-бэйэҕэ күүс-көмө буолан, өйдөһөн-өйөһөн олороллор», — диэн биһиги кэрэспэндьиэммит Чуукаартан суруйар.
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Сэргэн Лэкээрин тиксэриитэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1