Чуукаар олохтоохторо нэһилиэктэрин тупсараллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сайыҥҥы кэми баттаһан, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһар дьон төрөөбүт нэһилиэктэрин бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн киэргэтэллэр, сайыннараллар.

Ньурба улууһугар Чуукаар олохтоохтоохторо нэһилиэктэрин хайдах тупсаралларын туһунан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Сэргэн Лэкээрин иһитиннэрэр:

Былырыын култуура дьиэтин үлэһиттэрэ куйаар ситиминэн  “Култуура. Айылгы. Саҥа тэтим” диэн   тэйиччиттэн  сэминээр ыыппыппыт. Онно  олохтоох бибилэтиэкэр Клавдия Андреева наһаа сөбүлээн дьарыктанан баран, олорор түөлбэтин дьонун көҕүлээн, «ыччаппыт биһиги холобурбутун батыстын» диэн санаанан салайтаран,  икки сонун тутууну олоххо киллэрдэ.

Ол курдук, үөлээннээхтэрин түмэн, кылааһынньыктар оскуоланы бүтэрбиттэрэ 30 сылыгар   “Мин тапталлаах Чуукаарым” диэн арт-эбийиэги киирии суолга, ону сэргэ  “Таптал” диэн хачыал-беседканы тутан, кулууп иннигэр туруордулар.

Онон дьаһалтабыт салалтата олохтоохтор бэйэлэрин көҕүлээһиннэрин өйөөн, кэнэҕэс туристары угуйар сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэригэр эрэнэбит. 

Ити курдук, тыа сиригэр көхтөөх дьон баар буолан, Чуукаар нэһилиэгэр икки бэртээхэй эбийиэк эбилиннэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0