Бу күннэргэ бары болҕомто ытык кырдьаҕастарга, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар ууруллар.
«Ньурба улууһун Чуукаарыттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 160 киһи кыттыыны ылбыта. Кинилэртэн 34 киһи үлэ фронугар сылдьыбыта. Кыайыы кынаттанан 104 киһи эргиллэн кэлэн, төрөөбүт дойдуларын туһугар үлэлээбиттэрэ. Хомойуох иһин, уоттаах сэриигэ сылдьыбыт ытык бэтэрээннэрбититтэн нэһилиэкпитигэр билигин ким да суох. Кинилэр олорон ааспыт олохторунан биир дойдулаахтара, ыччаттара киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Бүгүн Улуу Кыайыы күнүн Чуукаар нэһилиэгэр 3 тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 16 сэрии сылын оҕолоро бэлиэтииллэр.
Улуу Кыайыы бырааһынньыгар Чуукаардааҕы Е.М.Поликарпов аатынан “Эйгэ” норуот айымньытын киинин (дириэктэр Л.С.Федорова) үлэһиттэрэ куйаар ситиминэн араас тэрээһиннэри ыытабыт.
Сүрүн сорукпут — үүнэр көлүөнэ ыччат Улуу Кыайыы күнүн умнубатын туһугар«, — диэн санаатын үллэстэр Ньурба Чуукаарыттан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит Сэргэн Лэкээрин.
Елена ПОТОЦКАЯ Саха хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар: норуот айымньытын дьиэтин тиксэриилэрэ