Спартакиада кэмигэр Майаҕастан Бороҕоҥҥо киирэн иһэн, тыраасса суолугар бэлисипиэттээх дьону көрүстүбүт. Бу бэҕэһээ Чурапчы сэлиэнньэтиттэн аттаммыт чөл олоҕу пропагандалыыр түмсүү көхтөөх чилиэттэрэ эбит.
Бэлисипиэттээхтэрбит биһиги ааҕааччыларбытыгар анаан айаннарын туһунан билиһиннэрдилэр. Салайааччы Анна Николаевна Пермякова маннык кэпсээннээх буолла:
— Чурапчыттан бэҕэһээ 10 аҥаарга айаннаабыппыт. Быһалыы кэлэр дьон буоламмыт, Улахан Күөлтэн каарта оҥотторон, ыйдаран кэллибит. Онон, былаан быһыытынан, Уус Алдн улууһун Курбуһаҕын Балаҕаннааҕар киэһэлик кэлэммит чэйдээн ааспыппыт. Салгыы 15 килэмиэтири тэбэммит, Курбуһах нэһилиэгин Уус Күөлэ бөһүөлэгэр кэлэн хоммуппут. Биһигини нэһилиэк баһылыга Владимир Петров, олохтоохтор уонна аймахтарбыт көрсөн хоннордулар.
Бу айаммыт күрэхтэһии буолбатах, бытааннык айанныыбыт. Аара сөтүөлээтибит, тохтоон хаста даҕаны үссэннбит. Арыаллыыр массыыналаахпыт, миэдиктээхпит. Сылайбыт киһи массыынаҕа олорсуон сөп. Инньэ гынан, уопсайа 130-ча килэмиэтири нөҥүөлээн, бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр, Бороҕоҥҥо түөрт чааска үктэннибит.
Биһиги ортобутугар уопуттаах веломарафонецтар бааллар. Кинилэри кытта үс эдэр кыыстаахпыт, бастакыларын айаннаатылар. Эрдэ эмиэ мин салалтабынан 2019 сыллаахха Чурапчыттан Аммаҕа тиийэ сылдьыбыппыт.
Бу айаммытыгар көмөлөспүт, биһигини өйөөбүт, көрсүбүт нэиһилэктэрибит олохтоохторугар, салайааччыларыгар улахан махталбытын ыытабыт.
Чөл олоҕу, велоспорду өрө туппут Чурапчы көхтөөх дьоно айаннара алгыстаннын!
Видео — Телеграм-ханаалбытыгар.
Айтана Аммосова.