Чурапчытааҕы “Улыбка” уһуйаан быйыл Арассыыйаҕа соҕотоҕун ЮНЕСКОҕа киирдэ

Ааптар: 
13.12.2018
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Чурапчы сэлиэнньэтин “Улыбка” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан ЮНЕСКО чилиэнинэн буолбутун туоһулуур сэртипикээти тутта. Санатан эттэххэ, «ЮНЕСКО ассоциированнай оскуолатыгар» быйыл Арассыыйаттан сэттэ оскуола уонна биир эрэ уһуйаан киирбит. Ол — “Улыбка”. Үрдүк дабайыыны тыа сирин уһуйаана хайдах ситистэ?
edersaas.ru

Былааннаах үлэ

“Улыбка” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан 1961 сылтан тэриллэн үлэлиир. Күн бүгүн 142 иитиллээччилээх. Эһиил 240 миэстэлээх саҥа таас дьиэҕэ киириэхтээх. Билигин икки дьиэнэн үлэлии олороллор. Ол эрээри, ити кинилэр ЮНЕСКОҕа киирэллэрин харгыстаабатах. Сэбиэдиссэй Екатерина Иванова:
2003-2015 сылларга саха омук бэлиэтинэн, семиотикатынан дьарыктанан кэлбиппит. 2015 сыллаахха 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын оҥоруу кэмигэр, толкуйдаан көрбүппүт, ити сылларга биһиги оҕолорбут номнуо улахан дьон буолаллар эбит. Кинилэри туох күүтэрий, онно хайдах бэлэмниэх тустаахпытый диэн ыйытыы үөскээбитэ.
2015 сыллаахха улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Т.В.Павлова уонна ЮНЕСКО сэкирэтээрэ Е.А.Сидорова ЮНЕСКОҕа чилиэнинэн киириҥ диэн этии киллэрбиттэригэр сөбүлэһэн, сайабылыанньабытын биэрбиппит. Түөрт сыл устата хандьыдаат быһыытынан ЮНЕСКО ыытар хайысхаларынан араас тэрээһиннэргэ кыттан, бырайыактарга үлэлэһэн, сылга иккилиитэ отчуот туттаран кэллибит. Ол түмүгэр, быйыл ЮНЕСКОҕа чилиэнинэн киирбиппитин туоһулуур сэртипикээти туттардылар, — диэн үөрүүтүн үллэстэр.


Эттэххэ дөбөҥ эрээри, тустаах уһуйаан чахчы балысхан үлэни ыытарын, ону ааһан аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, иитиллээччилэрин олоххо бэлэмнээх дьон тахсалларыгар маҥнайгы олугу ууралларын “Саха сирэ” хаһыат үлэһиттэрэ Чурапчы улууһугар сурутуунан тиийэ сылдьан көрбүппүт-истибиппит.
ЮНЕСКОны кытта үлэлэһиигэ саамай уустуга тугуй диэн туоһуласпыппар, маҥнай утаа тиэхиньиичэскэй өттүгэр харгыстардааҕа уонна отчуоту англия тылынан суруйарбытыгар уустуктары көрсүбүппүт, билигин ити боппуруостар быһаарыллан, барыта оннун булла диэн кэпсиир.

Үс тылынан үөрэтэллэр

Өрөспүүбүлүкэҕэ уонтан тахса уһуйаан кэккэтигэр “Улыбка” оҕону сайыннарар киин 2016 сылтан “Полилингвальные детские сады” бырайыагынан оҕолору үс тылга (саха, нуучча, англия) үөрэтэр. Төрөөбүт төрүт тылынан саҥарар анал үөрэхтээх дьону ыҥыран эмиэ үөрэттэрэллэр. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта “СӨ англия тылын преподавателлэрин ассоциациятын” уопсастыбаннай тэрилтэтин кыттааччыта, Кембридж университетын үрдүкү сэртипикээтин хаһаайына, ХИФУ үрдүкү преподавателэ, үлэҕэ холонор быраактыканы Америкаҕа уонна Японияҕа ааспыт Мусе Гебре Мариам Тарекегн тахсан нэдиэлэ устата дьарыктаабыт. Оҕолор интэриэстээхтэр диэн кэпсииллэр. Ону таһынан, Кореяҕа үөрэнэ сылдьар устудьуоннары кытта скайпынан быһа сибээскэ тахсан, тас дойду туһунан билиилэрэ-көрүүлэрэ биллэ кэҥээбитин кэпсииллэр.

ЮТУБ-ка 85 тыһыынча  көрөөччүлээхтэр

Аны 2030-с сылларга биир сүрүн ирдэбилинэн интэриниэт ситимин сөпкө туһаныы, “дополненнай реальность” уонна “большие данные” кинилэр күннээҕи олохторун аргыстара буолсу диэн толкуйга кэлбиттэр. Бүгүҥҥү АйТи хардыылар чахчы онно баран иһэрбитин туоһулууллар. Ол иһин, кыра эрдэхтэриттэн интэриниэтинэн туһаныыга билиилээх-көрүүлээх буолалларыгар олук ууруох тустаахпыт диэн, анал бырайыагы оҥостубуттар. Бу бырайыактара быйыл улуус Гранын сүүйбүт. Салгыы өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан Граныгар мэктиэлэммит.


Барыта сэттэ модулунан үлэлииллэр. Медиа-кииннэригэр анал саайтаахтар. Теле-устуудьуйалара 10-тан тахса рубрикалаах. Ый аайы сүүрбэччэ мүнүүтэлээх биэриилэри таһаара олороллор. Оҕо саҥарар саҥатын, тылын саппааһын байыталларын таһынан, дьон иннигэр толлубакка туттан-хаптан саҥарарга үөрэтэллэр. Үһүс сылын Ютуб ханаал үлэлиир, 85 тыһ. тахса көрөөччүлэммиттэр.

Оҕоҕо аналлаах ойуу киинэлэр элбэхтэр эрээри, итини педагогтар буолбакка, тиэхиньиичэскэй үлэһиттэр оҥороллор. Онон иитэр өттө кыайтарбат. Оттон биһиги, бастатан туран, ойуу киинэлэрбитигэр төрөппүккэ уонна оҕоҕо иитэр-үөрэтэр өттүн иҥэрэргэ дьулуһабыт. Иккиһинэн, оҕолор кумааҕынан, пластилинынан оҥорон, хамсатан, бэйэлэрэ усталлар. Уонтан тахса ойуу киинэлэннибит”, — диэн Екатерина Семеновна быһаарар. Маны хайдах оҥороллорун https://aleksandrako.wixsite.com/mediasentr көрүөххүтүн сөп.


Сахалыы тылынан киинэлэри оҥороллор, нууччалыы роликтары, килииптэри ый аайы таһааран иһэллэр, оннооҕор англия тылынан испэктээк туруоран устубуттар. Итини таһынан, араадьыйа устуудьуйалаахтар эбит. Оҕолор кэпсээннэрин, хоһооннорун барытын аудио остуоруйа гынан күннэтэ кырачааннарга иһитиннэрэллэр.
Иккис сылын уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар аналлаах “Патриот” медиа-лааҕыры үлэлэппиттэр. Оҕолор манна теле-суруналыыстыкаҕа, мультипликацияҕа, англия тылыгар, робототехникаҕа, үҥкүүгэ, уруһуйга дьарыктаналлар.


Чурапчытааҕы “Улыбка” оҕону сайыннарар киин-уһуйаан бүгүн ити курдук үлэлии-хамныы олорор. Онон ЮНЕСКО чилиэнинэн киириэхтэрин киирбиттэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0