Чурапчылар ыал экэниэмикэтин сайыннараллар

Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев Чурапчыга үлэни-хамнаһы билсэ тахса сылдьан баран, улуустааҕы дьиэ кэргэн экономикатын сайыннарыы бырайыагын биһирээн, бу үтүө уопуту Саха сиригэр тарҕатарга соруйбута.

Пилотнай бырайыак


Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын саҥа көрүүлэригэр олоҕуран, тыа сиригэр улахан суолталаах көҕүлээһиннэри сайыннарар кэм кэллэ. Чурапчы улууһугар социальнай бырагыраама 9 хайысхата ситиһиилээхтик олоххо киирдэ. Ыалларга түргэнник ситэр дьиэ кыылын, көтөрү аҕалан, тэпилииссэ атыылаһарга көмөлөһөн, оҕуруот, хортуоппуй олордорго сир учаастагын биэрэн, хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар, дохуот ылалларыгар төһүү күүс буолаллар. Маннык бырайыактар бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев саҕаттан бааллара биллэр. Билигин аныгылыы көрүүнэн, саҥалыы ньыманан, бастатан туран, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын көҕүлээһиннэринэн, сайыннарыахтаахпыт. Манан ыал экэниэмикэтэ тупсар, бөҕөргүүр, соччонон улуус, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ бигэ туруктанар. Маннык бырайыактары өйүөххэ уонна сайыннарыахха наада, — диэн Айсен Николаев эппитэ.
Дьиэ кэргэн эк
эниэмикэтин сайыннарыы бырагыраамата кэтэх хаһаайыстыбанан дьарыктаныан уонна онтон дохуоттаныан баҕарар нэһилиэнньэҕэ туһуланар.

Пандемия кэмигэр улуус дьаһалтата намыһах дохуоттаах ыаллары өйүүр, көмөлөһөр сыалтан, сибиинньэ оҕолорун уонна сымыыттыыр кууруссалары нэһилиэнньэҕэ аҕалан атыылаабыта. Бу үлэ дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарарга пилотнай бырайыак диэн ааттаммыта.

Улуус баһылыга Андрей Ноговицын ыаллар бэйэ хаһаайыстыбаланан, үлэлээн-хамсаан, дохуоттаах буолалларыгар, олохторун таһымын үрдэтэллэригэр, оҕолорун үлэнэн иитэллэригэр болҕомтобутун уурабыт диэн этэр. Бырагыраама чэрчитинэн, оҕолоро окко үлэлиир буоллахтарына, ыалга “сухуой паегу” кытта биэрэллэр эбит.

С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын учаастагар, Куохара үрэх үрдүгэр бэйэлэрэ тиэргэннэрэ, оҕуруоттара суох, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо оҕуруот аһын үүннэрэн, 2 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ дохуоту ылбыттар. Мындаҕаайыга ыаллар сир анатан, хортуоска үүннэрэн, билигин ону хостуур, куурдар, харайар түбүгэр сылдьаллар.

5800 төбө куурусса аҕалыллан, сайыны быһа сымыыттаан, хаһаайыттарыгар 5 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ дохуот киллэрбиттэр. Күһүн хаар түстэҕинэ, төлөһүйбүт, улааппыт сибиинньэлэри идэһэлиэхтэрэ.

Бу пилотнай бырайыак олоххо киирэригэр 12 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт. Хас биирдии хайысха ахсын дьаһалтаттан куратордар ананан, уопсастыбанньыктар көмөлөһөн, үлэни-хамнаһы тэрийбиттэр.


Кыһалҕалары туоратыыга үлэ

Биллэрин курдук, Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбаны сайыннарыыга уонна чөл олоҕу тарҕатыыга улахан болҕомтолорун уураллар.

Оттон дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайыннарарга өссө 2015 сыллаахха тус сыаллаах муниципальнай бырагыраама ылыллыбыт эбит. Аан бастаан улуус социальнай-экэнэмиичэскэй, демографическай балаһыанньатын ырытан көрбүттэр.

Ол чэрчитинэн, нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаан иһэрэ, төрөөһүн, ыал буолуу аҕыйаабыта, төттөрүтүн, арахсыы, өлүү элбээбитэ бэлиэтэммит. Ону тэҥэ, тыыннаах тулаайахтар, учуокка турар оҕолор, иһэр-аһыыр уонна аҥаардас ийэлэр ахсааннара элбээн иһэрэ эмиэ дьиксиннэрбит. Сыыппаралары сиһилии таблицаҕа көрүҥ.

2012 сыл

2014 сыл

Нэһилиэнньэ ахсаана

21 551

20 557

Төрөөһүн

429

418

Өлүү

174

153

Ыал буолуу

145

132

Арахсыы

59

80

Нарколог учуотугар турар дьахтар ахсаана

57

44

КДН учуотугар турар дьиэ кэргэн ахсаана

19

33

КДН учуотугар турар оҕо ахсаана

21

37

Аҥаардас ийэлэр

621

501

Тыыннаах тулаайахтар

81

86

Ыал уопсай ахсаана

7213

Социальнай өттүнэн “кутталлаах” ыал ахсаана

94

Төрөөһүн коэффициена

(1000 киһиэхэ)

20,8

Ыал туруктаах буоларыгар

Дьиҥинэн, маннык балаһыанньа үгүс улуустарга баара буолуо. Ол гынан баран, уустук балаһыанньаны дьаалатынан ыытан кэбистэххэ, өссө куһаҕан содуллаах буолуо диэн, улуус дьаһалтата 2015-2017 сылларга анал бырагыраама ылынан үлэлээбитэ. Кэлин бу бырагыраама көдьүүстээҕэ көстөн, 2019 сылга диэри уһаппыттара. Бу уопуту атын улуустар эмиэ үөрэтэн-чинчийэн көрөн баран, ылыналлара буоллар, бэрт буолуо этэ.

Бырагыраама иһинэн чуолаан иһэр-аһыыр ийэлэри-аҕалары кытары үлэлиир “Эрэл” бырайыак баар. Холобур, 2014 сылга 27 дьахтары, 12 эр киһини арыгыттан эмтэппиттэр. Манна ордук дьахталлар арыгы иһэллэрин быраҕаллара уустук. Эмтэтэн да баран, иһэн кэбиһэллэрэ баар суол. Онон бастайааннай көрө-истэ, хаһаайыстыба тэринэллэригэр, үлэ булан, оҕолоругар кыһаллалларыгар, көнөр суолга туруналларыгар көмөлөһө сылдьыахха наада. Бу курдук уопсайа 211 ыалы кытта үлэлэспиттэр.

Улууска сыллата бастыҥ ийэлэри, аҕалары, 50, 65 сыл бииргэ олорбут дьоһун ыаллары чиэстээһин, “Эдэр ыал”, “Аҕа күрэҕэ”, “Далбар Хотун” күрэстэр, “Оҕону иитии”, “Этнопедагогика” диэн тиэмэлээх научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, сэминээрдэр буолаллар. 50 тыһыынча солкуобай суумалаах П.И. Борисова аатынан бириэмийэни бастыҥ ийэлэргэ туттараллар.

Байылыат тиэргэн” быыстапка-дьаарбаҥканы дьон сүрдээҕин биһириир. Сулумах сылдьар дьоҥҥо анаан суорумньу киэһэлэрин тэрийэллэр. Бу улахан кыһалҕаҕа болҕомто ууруллара эмиэ кэрэхсэбиллээх.

Бу курдук киэҥ хабааннаах үлэ түмүгүн быйыл Чурапчыттан 5 оҕолоох Елена, Герман Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл бастыҥ ыала” куонкуруска араас эрэгийиэннэртэн 342 дьиэ кэргэни кыайан, “Бастыҥ эдэр ыал” аатын ылбыттара кэрэһэлиир. Кинилэр үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волковаҕа, улуус баһылыга Андрей Ноговицыҥҥа, социальнай көмүскэл управлениетын исписэлииһэ Татьяна Бушковаҕа махтаналларын биллэрэллэр.


Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0