Чурапчыга уот лиинийэтэ баһаарга хаарылынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ киэһэ Чурапчы улууһун Мэлдьэхси учаастагар бара турар ойуур баһаарыгар үрдүк күүрүүлээх уот лиинийэтэ эмсэҕэлээн, илин эҥээр сорох улуустарыгар уот суох.

Чурапчытааҕы РЭС салайааччыта Владислав Барашков иһитиннэрбитинэн, билигин уот лиинийэтинэн баһаар күүскэ бара турар буолан, хас остуолба эмсэҕэлээбитин этэр уустук.

— Билигин уот күүскэ бара турар буолан, хас остуолба сууллубутун кыайан көрбөппүт. Уот, буруо арыый буоллаҕына быһаарарбыт буолуо. Билигин дизельнэй ыстаансыйабытын холбоон, кыралаан да буоллар нэһилиэктэрбитигэр уоту биэрэ олоробут, — диэн этэр кини.

Билигин уот лиинийэтин төһө кыалларынан чугаһынан кэмҥэ чөлүгэр түһэрэргэ үлэ барар диэн «Якутскэнерго» пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0