Чурапчыга турбут баһаары боҕустулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 25 күнүнээҕи сарсыарда 8.00 чаастааҕы көрдөрүүнэн Саха сиригэр биир ойуур баһаара Чурапчы улууһугар бэлиэтэнэр. Мындаҕаайыттан 11,6 км. сиргэ 35 га иэннээх сиргэ уот турбут. Баһаар төгүрүйбүттэр, умуоруу үлэтэ салҕанар.

Баһаары умуорууга 35 парашютнай-десантнай сулууспа үлэһитэ, 13 ойууру баһаартан харыстааччы, ЫБММ үлэһитэ кытта сылдьаллар. 4 араас техникалаахтар.

Санатан эттэххэ, быйыл сааскыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 21 баһаар тахсыбыт. Уот сиэбит сирэ-уота — 201,8 га. Ити баһаартан кылгас кэм иһигэр 134,8 га иэннээх сиргэ турбут 14 ойуур баһаара умуоруллубут.

Хаартыска архыыптан

ЫБММ пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0