Чурапчыга «Үөрүү» оҕо сайдар киинин үлэһиттэрэ мааска тигэллэр

20.03.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мааска боппуруоһа сытыытык турар. Онон дьон бэйэлэрэ тиктэргэ күһэлиннилэр.

edersaas.ru

Чурапчы улууһугар коронавируснай инфекция утары сэрэтэр үлэлэр чэрчилэринэн, «Үөрүү» оҕо сайдар киинин үлэһиттэрэ нэһилиэнньэҕэ мааска тигиитин саҕалаатылар.

Тигиллибит мааскалар араас кээмэйдээхтэр. Сыаната биир устууката 50 солкуобай. Интэриэһиргээччилэр «Үөрүү» оҕо киинигэр билсиҥ диэн
Чурапчы улууһун дьаһалтатын  пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.

Хаартыска Чурапчы улууһун пресс-сулууспата

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0