Чурапчыга почта начаалынньыга сууттанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Маныаха кини буруйун бастаан Чурапчы почтамын үлэһиттэригэр түһэрэ сатаабыт. 

edersaas.ru

Суут быһаарбытынан, 2017 сыл балаҕан ыйыгар бу дьахтар почта начаалынньыгын эбээһинэһин толорор кэмигэр баһыылканы араас корреспонденциялаах куулга уга туран, өссө 77 тыһыынча солкуобай угуохтааҕын, бэйэтигэр иҥэриммит.

Суут мунньаҕын кэмигэр сууттанааччы буруйун билиммэтэх, ону ааһан, атын дьоҥҥо түһэрэ сатаабыт: мин куулга укпутум, ону Чурапчытааҕы почтамт үлэһиттэрэ ылбыттара буолуо биитэр сүппүтэ буолуо диэн көрдөрүү биэрбит.

Ол да буоллар, чахчы кини уорбута дакаастанан, суут буруйдааҕы 2 сыл усулуобунай миэрэҕэ уурда.

Силиэстийэ кэмигэр оҥорбут хоромньутун барытын төлөөбүт.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, өрүттэр ааһыныахтарын сөп.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0