«Чурапчыга Ньукуолун күнэ» аахсыйа ыытыллар

13.05.2021
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһугар үгэскэ кубулуйбут “Чурапчыга Ньукуолун күнэ” аһымал аахсыйа быйыл эмиэ ыытыллыаҕа. Бу күн булчуттар бултаабыт кустарын бэтэрээннэргэ уонна аҕам саастаах дьоҥҥо бэлэхтиэхтэрэ диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ыччаппыт өбүгэ үгэһин тутуһара үөрдэр. Кинилэр иккис сылын бэтэрээннэргэ бултарыттан бэрсэн, Ньукуолун күн кус амсатан үөрдэллэр. Ыам ыйын 19 күнүгэр диэри аһымал аахсыйа биллэриллэн, булчуттартан куһу хомуйуу саҕаланна. Онон сайын кэлиитин бэтэрээннэрбит үгэс курдук кус мииннээх, алаадьылаах көрсүөхтэрэ диэн эрэнэбит. Бу аахсыйа эдэр дьон аҕам саастаах дьону ытыктыылларын, көлүөнэлэр алтыһыылара буоларын көрдөрөр, — диэн улуус баһылыга Андрей Ноговицын кэпсээтэ.

Быйыл куска эбии бородууктаны биэрэр туһунан быһаардылар. Бу аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыһар кыахтаах. Куһу уонна бородуукта нобуорун бары харыстанар миэрэлэри тутуһан, тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии кэмин оҕолоругар, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылаахтарыгар уонна кырдьаҕастарга бэлэхтиэхтэрэ. Баҕалаах дьон 89244603246 нүөмэргэ эрийэн, билсиэхтэрин сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0