Чурапчыга Хоптоҕо хоһууттара сур бөрөнү суоллаан-сонордоһон өлөрдүлэр

21.01.2019
Бөлөххө киир:

Чурапчы Дириҥин олохтоохторо ардай аһыылаахтар ааҥнаабыттарыгар биригээдэ тэринэн сонор суолугар туруммуттара. Алта киһилээх биригээдэни сылгыһыт, булчут, нэһилиэк эр дьонун түмсүүтүн салайааччыта Егор Корякин баһылаан-көһүлээн илдьэ сырытта. Төрөөн баран бөрөнү харахтарыгар көрбөтөх даҕаны дьон диэтэххэ, икки күнү быһа эккирэтиһэн-сонордоһон, бу ааспыт субуотаҕа – тохсунньу 19 күнүгэр ситэн, биир суру сууллардылар.

edersaas.ru

-Биһиги дойдубутугар биир да бөрө үктэнэ илигэ, — диэн кэпсиир Егор Иванович. – Арай, оҕо сырыттахпытына, ааспыт үйэ 60-с сылларыгар улахан дьон былаахтанан-быаланан, эмиэ күрэтэн, биир бөрөнү өлөрбүттэрин өйдүүбүн. Бу кэлиилэрэ баламат уонна түргэн. Элбэхтэрэ даҕаны бэрт, сэттиэлэр. Айан суолун туораабыттар диэн истибиппит. Хотуттан, Мэҥэ сириттэн Мугудайынан кэллилэр. Биһиги болдьообут курдук түбэстибит. Саҥа кэлбит суолларын хайан, Куохара үрэҕинэн батыстыбыт. Онтон иккис күммүтүгэр Кырыс Үрэх диэн Хадаар сиригэр ситэн, тумуска хаайан, биири 200-чэ миэтэрэлээх сиртэн ытан ыллыбыт. Атыттара эрдэ куоппуттар, харахпытыгар көстүбэтилэр. Төттөрү хоту диэки айаннаатылар.

-“Буран”-нарынан сырыстыгыт дуо?

-Суох. “Хантер” массыынанан сырыттыбыт. Хаар халтаҥ соҕус, массыына иҥнибэт. Сылгы хаһыыта кэллэҕинэ, кыылларбыт суолларын сүтэримээри, сатыылыыбыт. Буулдьа саалаах үһүөбүт, атыттарбыт күрэтэллэр. Мин улуустан лицензиялаахпын, иккис лицензия биир уолбутугар эмиэ баар. Салгыы сонордоһуох дьон уматыкпыт кэмчи…

-Туох бөрөнү дьууктаатыгыт?

-Тыһы, эдэрчи, 4-5 саастаах. Ийэлэрэ быһыылаах. Оҕолорун куоттараары, соруйан соҕотоҕун кэнники хаалбыт буолуон сөп диэн сэрэйэбит. Мантан инньэ билиннэхтэринэ, син биир сонордоһобут. Нэһилиэкпит сиригэр-уотугар адьырҕалары киллэрбэт мөккүөрдээхпит. Булт управлениета хапкаанынан хааччыйыыга көмөлөһөрө буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Итиэннэ шпагат быа атыылаһан, нэһилиэкпит сылгылаах ыалларын кытыннаран, былаах оҥосторбут наада эбит диэн толкуйдуубун.

Егор Корякин 8-9 сыллааҕыта күһүөрү кыһын, сэтинньи саҥатыгар, арҕахха киирбэккэ сылдьар торҕоннообут тыатааҕыны бултаабыт үһү. Онон, байанайдаах булчукка Байанай сыла мичик гыммыта мээнэҕэ буолбатах эбит.

Манна сыһыаран санаттахха, быйыл күһүн хаар түһээтин эрэ кытта Хайахсыты үс бөрө буулаан, бөһүөлэктэн көс эрэ кэриҥнээх сиргэ кырдьаҕас биэни сэймэктээн-сиэн ааспыттара. Ол кэнниттэн адьырҕалар биллэ иликтэр үһү. Бу кэмҥэ Чурапчы улууһугар 4 суру сууһарбыттар: иккини – Мындаҕаайыга, үсүһү – Чакырга. Төрдүһү ити Хоптоҕо (Дириҥ) хоһууттара Хадаар сиригэр ситэн охтордулар. Ардай аһыылаах элбээбит, онон ахсаан манан муҥурдаммата чуолкай.

Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0